1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
11 views

Сэтинньи 25 күнэ — Олоҥхо күнэ

Олоҥхо саха омук былыыр былыргы дьыллар быыстарыттан сырдык уонна хараҥа, айыы уонна абааһы аймахтара утарыта турууларын, күрсүүлэрин туһунан

уостан уоска бэриллэн кэлбит уус-уран айымньыта.

Олоҥхо киһи өркөн өйүн күүһүн күдэҕин кыаҕынан айыы аймаҕын күөмчүттэн көмүскүүр үрдүк аналын хоһуйар.

2005 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр, ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын кылаан чыпчаал  айымньытынан биллэрбитэ. Нөҥүө сылыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин 2006 сыл сэтинньи 15 күнүнээҕи 3036№-дээх Ыйааҕынан  сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнүн быһыытынан биллэриллибитэ.

 

 

Бу күн,  аатынан  ХИФУ Олоҥхо научнай-чинчийэр үнүстүүтүн «Лингвофольклористика» сиэктэрин салайааччыта, тыл билимин хандьыдаата, эдэр олоҥхоһут Юрий Борисов    “Баһырҕастаах ааттаах Баабый Баатыр” диэн олоҥхо-кинигэтин кытта билиһиннэрдибит. Салгыы бу олоҥхо быһа тардыыларын ааптар бэйэтэ ааҕарын иһиттибит. олоҥхо туһунан билиини хаҥатар сыаллаах, Хара-Алдан орто оскуолатын 7-8 кылааһын үөрэнээччилэригэр «Олоҥхо-батл» тэрээһин буолан ааста. Уруокка үөрэнээччилэргэ олоҥхо туһунан кырдьыктары иһитиннэрибит уонна Дьокуускайдааҕы М.К. Аммосов Тэрээһин сүрүн чааһыгар оҕолор олоҥхону дорҕоонноохтук аахтылар. Бастыҥ ааҕааччы Крылов Егор  «Олоҥхону дорҕоонноохтук ааҕааччы» анал ааты ылла. Иккис күрэх олоҥхону мүнүүтэҕэ түргэнник ааҕыы. Бу манна кыайыыны ситистэ Винокуров Роберт уонна «Түргэн ааҕааччы» анал аакка тигистэ.

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *