1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
15 views

«Байанай — 2024» күрэх

СЭТИННЬИ ЫЙ-БААЙ БАЙАНАЙ ЫЙА

“Байанай” – диэн баай хара тыа иччитэ буолар. Бу кэмҥэ Баай Байанайбыт  олус  үөрүнньэҥ буолар диэн  былыргы  сахалар этэллэрэ.  Булт абылаҥар ылларан, тэринэн, ох курдук оҥостон, сиэри- туому  тутуһан  бултуу-алтыы бараллар.

Өбүгэлэрбит барахсаттар айылҕаҕа чугас буолан, айыыларга, иччилэргэ сүгүрүйүү итэҕэлэ, онтон тахсыбыт сиэрдэрэ-туомнара үгэс быһыытынан, билиҥҥи үйэҕэ диэри тиийэн кэллилэр. Олортон биирдэстэринэн “Булт сиэрэ-туома” буолар.

  • Өлбүттээххэ сылдьыбыт буоллаҕына, бултуурун 40 хонукка тохтотуохтаах, оттон тахсар күннээх буоллаҕына тыа, күөл иччилэрэ булду бэрсибэттэр. Хонуга аастаҕына  бэйэтин уонна сэбин-сэбиргэлин арчыланан баран тыаҕа тахсар.
  • Бултуу сылдьан өрүсүһүү, атын киһиэхэ туһаайыллыбыт булду ылар сатаммат. Ылар түгэҥҥэ киһи булда ханнан, көтөр-сүүрэр тоһуйбат, куота сылдьар буолар.
  • Бултаан киирэн баран чугас дьонугар хайаан да  бэрсиэхтээх, тоҕо диэтэххэ  бэринньэҥ булчукка  тыа иччитэ Баай Байанай булду тэбэр.
  • Атын булчут сэбигэр-сэбиргэлигэр (туһаҕар, сохсотугар, туутугар, илимигэр, саатыгар) киирбит булду көҥүлэ суох тыыппаккын.
  • Улахан булка (эһэҕэ, тайахха, табаҕа) сылдьар булчут кыра булду куобаҕы, мас көтөрүн уо.д.а көрдөҕүнэ бултаспат, көннөрү аһыырыгар  эрэ өлөрөр.

Сэтинньи 15 күнүгэр нэһилиэк спорт саалатыгар олохтоох библиотека уонна «Аллан» норуот айымньытын дьиэтин көҕүлээһининэн сылын аайы ыытыллар «Байанай — 2024» интеллектуальнай — спортивнай күрэх буолан ааста.

 Буоларын курдук хас биирдии хамаанда биэстии кыттааччылаах буолла. Г.В.Егоров аатынан орто оскуола бастакы хамаандата «Харалар» (капитан физкультура учуутала Крылов С.А., Мигалкин Г.В., Новгородова И.Е., Винокурова Н.М., Иванова В.В.), оскуола иккис хамаандата «Үрүҥнэр» (капитан физкультура учуутала Винокуров Д.М., Миронов С.А., Егорова О.П., Копбаева А.К., Мигалкина А.Г.), уһуйаан уонна олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ «Кустук» хамаанда (капитан уһуйаан салайааччыта Крылова А.А., Рожин И.В., Северьянов П.В., Ушницкая С.Е., Крылова А.Н.), олохтоох дьаһалта уонна нэһилиэк кыра тэрилтэлэрэ «Кыраһа» хамаанда (капитан фельдшерско-акушерскай пуун акушера Новгородова М.С., Новгородов И.С., Ноговицын Э.Н., Попова Н.В., Колодезникова Д.И.) кыттыыны ыллылар. Уопсайа 6 түһүмэххэ тыҥааһыннаах киирсиилэр буолуталаатылар. Ол курдук 1-кы түһүмэх «Өй оонньуута» (былыргы булт тэриллэрэ, кыһыл кинигэ кыыла-көтөрө, эргэрбит суолталаах тыллар), 2-с түһүмэх «Ханыытын булт» (манна булт тиэмэлээх кинигэлэр ханыыларын кыттааччылар интуицияларын көмөтүнэн буллулар), 3-с түһүмэх «Тууга балыгы киллэр» (хамаанда биэс кыттааччыта баайыылаах илиилээх туран собо балыгы үс ойбонунан бириэмэҕэ киллэртээтилэр), 4-с түһүмэх «Куһуок эт» (кыттааччылар сабыылаах харахтарынан куһуок эти хамыйаҕынан бириэмэҕэ хомуйдулар), 5-с түһүмэх «Оҕунан ытыы» (хамаанда хас биирдии кыттыылааҕа төрүт оҕунан куобаҕы, тииҥи, куһу ыттылар) уонна алтыс дьээбэлээх түһүмэх «Таабырын таайыыта» буолла (манна кыттааччылар таабырыннарын хоруйун эппиэтин сыыппаранан суруйан аптаах күлүүһү арыйталаатылар). Эриирдээх-мускуурдаах киирсии кэннэ 3 — миэстэ «Харалар», 2 — миэстэ «Үрүҥнэр» уонна 1 — миэстэ «Кустук» хамаанда. Кыайыылаах хамаандаҕа харчынан бириэмийэ уонна сылын аайы көһө сылдьар кубок туттарылынна. Махталбытын тиэрдэбит күрэхпит кыттааччыларыгар уонна бу киэһэ харыс да халбарыйбакка дьүүллүүр сүбэҕэ олорбут алын кылаас учуутала Крылова М.Е., омук тылын учуутала Варламова С.М., уһуйаан иитэччитэ Варламова Т.М. уонна оскуола 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Варламова Ираидаҕа. Инникитин да нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар. Тус бэйэҕитигэр, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-доруобуйаны!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *