1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
126 views

Саха өрөспүүбүлүкэтигэр булчут күнэ

2012 сыллаахтан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин Ыйааҕынан, муус устар бастакы өрөбүл күнүгэр булчут күнэ бэлиэтэнэр.

Булт –   айылҕаны кытта ситим, эти-хааны, өйү-санааны чэбдигирдии уонна чөл олох төрүтэ буолар. Өбүгэлэрбит ити муудараһы тутуһан, бу уустук идэни баһылыырга үйэлэр тухары үтүө үгэстэри муспуттара, айылҕаны харыстыыр айыы санааны иитиэхтээбиттэрэ.


РФ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СР үтүөлээх артыыһа, алгысчыт Афанасий Семенович Федоров  «Өбүгэ сиэрэ-туома»  кинигэтиттэн  булт сиэр-туома:

  • Өлбүттээххэ сылдьыбыт киһи бултуурун 40 хонукка тохтотор. Хонуга аастаҕына бэйэтин, сэбин-сэбиргэлин арчыланан баран тахсар.
  • Бултуу сылдьан өрүсүһүү, атын киһи булдун ылар сатаммат.
  • Бултаан киирбит киһи чугас дьонугар хайаан да булдуттан бэрсиэхтээх.
  • Атын булчут булдун тыытар көҥүллэммэт.
  • Улахан булка (эһэ, тайах, таба) сылдьар булчут кыра (куобах, мас көтөрө) булду бултаспат, күөстэнэн аһыырыгар эрэ өлөрөр.
  • Бултуу сылдьан сиргэ-уокка мээнэн айдаарбаттар.

Кыыл төрүүр-ууһуур кэминэн бултанар кэм чопчу учуоттаныахтаах.  Тыаҕа тахсыах иннинэ булчут хайаан да уотун оттон арыынан аһатар, алгыс этэн көҥүл ылар. 

Баай хара тыам иччитэ Баай Байанай,

Хардаҕаспар хаайан кулу,

Кылыыбар кыһайан кулу,

Кэнтикпэр киллэрэн кулу,

Туора тобуктааххыттан тосхолоон кулу,

Адаар муостааххыттан анаан кулу,

Үрүҥ түүлээххиттэн өллөйдөөн кулу!

Булчут бултуйда5ына үөрбүтүн биллэрэн тыа иччитигэр махтаныахтаах. Өлөрбүт кыылын муннун эбэтэр көтөрүн тумсун арыынан сотуохтаах. Маны таһынан хас биирдии улахан кыылга бултааһын туспа сиэрдээх-туомнаах.


Биһиги Алдан Эбэ кытылыгар түөлбэлээн олорон өрүскэ бултааччылар хайаан да сир-дойду, күөх далай, уу иччилэриттэн көрдөһөн алгыс этиэхтээхпит. Алгыс этэр киһи өрүс кытыытыгар илин диэки хайыһан т уран аал уоту оттор. А.С. Федоров бэлиэтииринэн билиҥҥи кэмҥэ өрүс эбэтэр күөл иччитигр алгыс этэр буоллаххына ууга хаһан да аһы куппат, бырахпат куолута. 

Дьэбэрэ тэллэх,

Бырыы сыттык,

Көппөх суорҕан,

Туона баай,

Күөх далай иччитэ

Күөх Боллох оҕонньор Тойон эһээм,

Тоҕус уон тоҕус

Чороох туубар

Лоһуор көмүс собоҕун

Лоһугаратан кулу эрэ.

Сэттэ уон сэттэ

Тэрээк илиммэр

Тэрэкэнэ быччыкыгын

Тэбэн кулу эрэ,

Аан сабарай

Аhастаах муҥхабар

Бастыҥ балыккына

Бастаран кулу эрэ!

Тойон эhээм,

Аһаттаххына, эн эрэ аһата5ын,

Сиэттэххинэ, эн эрэ сиэтэҕин.

Көрдөһөбүн! Аһаа-сиэ, Мичик гын!

Байанай айылҕаҕа истиҥ сыһыаны ирдиир. Сиргэ-уокка сиэр-туом чопчу тутуһуллуохтаах. Бултуур тыабытын, балыктыыр Эбэбитин харыстыыр ытык иэһин булчут өйдүүр, тутуһар.

 

Викторина   Чей след на снегу?

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *