Бу нэдиэлэҕэ Россияҕа Учуутал уонна Уһуйааччы сылын чэрчитинэн, Хара-Алдан орто оскуолатын 2-4 кылааһын үөрэнээччилэригэр «Мин сөбүлүүр учууталым” — өйтөн суруйуу күрэҕин биллэрбиппит. Күрэххэ ыйыллыбыт кылаас оҕолоро бары кэриэтэ кыттыыны ылбыттара үөрдэр. Үөрэнээччилэр бары үчүгэй баҕайытык учууталларыгар сылаас сыһыаннарын арыйан, бэйэлэрин тылларынан суруйбуттар.
Үлэлэри Россия Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнин кытта П.Е. Самсонов – Бүөтүр Хараны кытта дьүүллээтибит.
3 миэстэ – Турантаев Уйдаан, 4 кылаас үөрэнээччитэ. 1-кы кылластан үөрэтэр чууталын А.Г. Захарова туһунан суруйбут
Цитата: «Кини биһиэхэ ырыа ыллатарын сөбүлүүбүн: «Ийэ баар буолан”, “Оскуолаҕа сүүрэбин”, “Оһуокай”, “Солдатушки”…»
2 миэстэ. – Турантаев Айхал , 2 кылаас үөрэнээччитэ. 1-кы кылааска үөрэппит учууталын С.Е. Крылова уонна билигин үөрэтэр учууталын М.Е. Крылова туһунан кылгастык да буоллар бэрт дьиҥнээҕинэн суруйбут
Цитата: «Саргылана Егоровна походтата илдьэ бара сылдьыбыта, кылааспыт иһигэр оонньуу оонньотооччу. Марианна Егоровна сороҕор кыыһырдар да үчүгэйдик үөрэтэр, оҕолорго кыһаллай аҕай…».
1 миэстэ. Матаннанов Сахаян, 4 кылаас үөрэнээччитэ. Учуутала А.Г. Захарова. Өйтөн суруйуута уһун, киэҥ, эбиитин учууталын уруһуйдаан үлэтин киэргэтэн оҥорбут.
Цитата: «Учууталбыт сороҕор көрүдьүөс остуоруйалары кэпсээччи, оччоҕо биһиги дэлби күлээччибит, үөрээччибит. Куруук настроениебытын көтөҕөр…»
Кыайыылахтары алтынньы 6 күнүгэр «Аллан» НАДь ыыппыт «Учуутал — эн үрдүк ааккар» тэрээһинигэр сыанаҕа ыҥыран грамотанан, сэмэй бириистэринэн наҕараадалаатыбыт. Бары кыттааччылар туоһу сурук туттулар.