Билиигэ угуйар
Эрэллээх сирдьиппит
Күн – кэрэ киhибит-
Учуутал, эйиэхэ
Үөрэтэр үтүөҕэр
Муударай субэҕэр
Махтанан тураммыт
Истиҥ тыл кэрэтин
Махталбыт ырыатын
Сүрэхпит мичээрин
Аныыбыт эйиэхэ!
Учуутал… бу тылы иhиттэххинэ, тута эйиэхэ үгүс билиини-көрүүнү биэрэр, кыаххын-дьоҕургун арыйаргар, олоххо суолу буларгар көмөлөhөр киhини саныыгын.
Учуутал, бу тылга биhиги олохпут сарсыҥҥыта, кэлэр кэскилэ иhиллэргэ дылы. Учууталга кэнчээри ыччаты иитии, үөрэтии үрдүк аналын итэҕэйэллэр. Ол да иhин Учуутал үлэтэ айымньылаах, сананы көрдөөhүннээх.
Билии-көрүү чыпчаалларын мөлтөөбөккө, сүөм түспэккэ дьулуhан, туруулаhан дабайар буолан, атын идэлэртэн ураты умсугутуулаах, долгутуулаах.
Учуутал сылайары билбэт сыанаhыт, ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх үлэhит, күннэтэ сананы көрдүүр, уруккуннан уоскуйбат, ааспытынан астыммат уратылаах. Бу киhи аайы бэриллибэт, үгүс уустуктаах, элбэх сыралаах күндү идэ буолар.
Бу үөрүүлээх күҥҥэ диэн 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр үөрэтэр учууталларын номинациялыырга куоластааһын ыыттыбыт.
Итинник этэн туран биhигини үөрэтэр -иитэр, кэрэҕэ-үтүөҕэ угуйар, ийэбитин-а5абытын солбуйар учууталларбытыгар бу үөрүүлээх бырааhынньыгынан — Учуутал күнүнэн араас сылларга Хара-Алдан орто оскуолатыгар үөрэнэн, үлэлээн ааспыт биир дойдулаахтарбыт истиҥ эҕэрдэлэрин истиҥ, сэргээҥ!
Салгыы көрүҥ Үөрэх-билии аартыгынан. Хара-Алдан орто оскуолата кинигэ быыстапкатын