1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
165 views

2022 сыл — Cаха сиригэр уонна Таатта улууһугар Ийэ сыла, Россияҕа норуоттар култуурнай нэһилиэстибэлэрин сыла

Кулун тутар 11 күнүгэр «Аллан» НАДь уонна олохтоох библиотека көҕүлээһининэн  Cаха сиригэр уонна Таатта улууһугар Ийэ сылын, Россияҕа норуоттар култуурнай нэһилиэстибэлэрин сылын, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн арыллыытын тэрээһинэ буолан ааста. Тэрээһин торжественнай чааһыгар олохтоох библиотека  2022 сыл туһунан нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрии оҥордо. Ону таһынан «Аллан» НАДь дириэктэрэ сыл устата ыытыллар Саха АССР тэриллибитэ 100 үбүлүөйнэй сылыгар тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллар эстафета уопсай балаһыанньатын биллэрдэ.

 Тэрээһин сүрүн чааһыгар тэрилтэлэр икки ардыларыгар хамаанданан «Күн-Ийэ» тэттик оонньуу буолла. Хара-Алдан орто оскуолатыттан 2 хамаанда уонна олохтоох дьаһалта кыра тэрилтэлэри кытта холбоһон 1 хамаанда кыттыыны ыллылар. Бастакы түһүмэх «Билсиһии». Хамаандалар «Кэрэчээнэлэр» ( Егорова О.П., Голикова А.А., Копбаева А.К.), «Саха кыргыттара» ( Халгаева Е.У., Иванова В.В., Протодьяконова Р.Р.), «Күбэйэ» (Варламова П.Н., Варламова Ж.А., Новгородова М.С.) диэн аатт аннылар.

Иккис түһүмэх — «ТУОС 2» Олег Колесов — Талбан  оҥорбут остуол оонньуутунан ыйытыктарыгар эппиэттээтилэр.

Үһүс түһүмэххэ Саха сиригэр уонна Таатта улууһугар Ийэ сыла биллэриллибитнэн Ийэ5э анаан хоһоон айарга холоннулар.

 

«Ийэ5э»

«Күбэйэ» (Варламова П.Н., Варламова Ж.А., Новгородова М.С.)

Ийэм миэнэ

Эйэ5эс истиҥ майгылаах.

Ийэм миэнэ

Олус нарын куоластаах.

Куруук миэхэ кыһанар,

Биэбэйдиир, бэрийэр.

Оҕом туһа диэн

Сүрэхтиин долгуйар.

Оҕо буолан тураммын

Махтанабын олуһун.

Истиҥ сылаас тылларбын

Аныыбын эйиэхэ.

 

«Ийэҕэ»

«Кэрэчээнэлэр» ( Егорова О.П., Голикова А.А., Копбаева А.К.)

Ийэҕэ ананар барыта,

Сир симэҕэ бүтүннүү.

Күндүттэн күндүбүт биһиэнэ,

Күн күбэй ийэбит.

Кини баар буолан бу сиргэ

Барыта сандаарар, тырымныыр.

Үйэттэн үйэҕэ куруутун,

Чэгиэн буолун Күн Ийэлэр!

«Ийэни»

«Саха кыргыттара» ( Халгаева Е.У., Иванова В.В., Протодьяконова Р.Р.)

Ийэни таптаан, таптаан.

Ийэни сыллаан, уураан.

Ийэни харыстаан тапаан.

Ийэни үөрдэ-көтүтэ

Илдьэ сылдьын, оҕолор.

Ийэ баарын тухары

Оҕо буола сырыттахпыт.

Ийэ баарын тухары

Ил-эйэ эҥээрдэһэр.

Бэрт ыгым бириэмэ иһигэр хамаандалар бары истиҥ хоһооннорун айа охсон көрөөчүлэргэ ааҕан иһитиннэрдилэр.

Хамаандалар хоһоон айан бириэмэлэригэр, көрөөччүлэр эмиэ «ТУОС» остуол оонньуутун ыйытыктарыгар эппиэттээтилэр. Элбэх ыйытыкка сөп хоруйу биэрбит Таркайцева Н.Ф. сэмэй бэлэҕинэн наҕараадаланна.

Төрдүс түмүктүүр түһүмэххэ сүүрүүлээх-көтүүлээх «Сүтүк».  Сүппүт предметтары саалаттан көрдөөтүлэр.

Ол курдук тэттик күрэх түмүгүнэн:

1-кы мисэтэ — Хара-Алдан орто оскуолатын 1-кы хамаандата «Кэрэчээнэлэр» ( Егорова О.П., Голикова А.А., Копбаева А.К.);

2-с мисэтэ — Хара-Алдан орто оскуолатын 2-с хамаандата «Саха кыргыттара» ( Халгаева Е.У., Иванова В.В., Протодьяконова Р.Р.)

3-с миэстэ — Олохтоох дьаһалта кыра тэрилтэлэри кытта холбоһук хамаандата «Күбэйэ» (Варламова П.Н., Варламова Ж.А., Новгородова М.С.)

Кыайыылаахтар  грамотанан, сэмэй бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Тэттик күрэхпитигэр кыттыбыт кэрэ аҥаардарга өссө да үрдүк ситиһиилэри!!!

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *