1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
662 views

Саха бастакы лингвист — ученайа СЕМЕН АНДРЕЕВИЧ НОВГОРОДОВ ( 1892 – 1924 )

Автор: | 11 февраля, 2022

Саха бастакы лингвист — ученайа

СЕМЕН АНДРЕЕВИЧ НОВГОРОДОВ

 ( 1892 – 1924 )

Саха норуотун бастакы лингвист – ученайа Семен Андреевич Новгородов 1892 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр Боотуруускай улууһугар  Болтоңо (II Хатылы) нэһилиэгэр   сэниэ ыалга төрөөбүтэ.

 Сырдыкка тардыһар уолчаан 2 сыл Иван  Трофимович Цыценко чааһынай оскуолатыгар ситиһиилээхтик үөрэнэр. 1905-1912 сылларга Якутскайдааҕы реальнай училищеҕа үөрэнэр, саха норуотун фольклорун хомуйуунан дьарыктанар. «Саха саңата» сурунаал тахсыытыгар кыттыһар. 1913 с. Петербург университетын Илиңңи норуоттар тылларын үөрэтэр факультекка ситиһиилээхтик үөрэнэр. С. А. Новгородов 25 омук тылын билэрэ, олортон 11 омук тылынан көңүл кэпсэтэр да суруйар да этэ.

Кини 1917 с. латынныы алфавикка олоҕуран саха алфавитын оңорор, «Сурук-бичик» сахалыы букубаар, «Ааҕар кинигэ» бэчээттэнэн  тахсыбыттара. С. А. Новгородов алфавитынан 1939 сылга диэри саха оҕолоро үөрэммиттэрэ. Араас экспедицияларга сылдьа-сылдьа, Семен Андреевич «Сахалыы тылдьыты» бэчээккэ бэлэмнээһин олус бириинчик үлэтин толоро-толоро, Петербурдааҕы университекка үөрэнэрин салгыы-салгыы, М.К. Аммосов быһаччы соруктарын ыпсарара, Саха Республикатын аатыттан государственнай суолталаах суһал дьаһаллары олоххо киллэриигэ көмөлөһөрө, научнай чинчийиилэри, ырытыылары оӊороро. Итини барытын кини төрөөбүт норуота сырдыктан, үөрэхтэн маппатын туһугар аныыра.

С. А. Новгородов «Саха тылын тылдьытыгар» 1923 с. Петербург академиятын үлэһитэ академик Э. К. Пекарскай тылдьытын оңорсор, соҕотох көмөлөһөөччү быһыытынан үлэлээбитэ.

Төрөөбүт сахатын норуотун үөрэхтээһиңңэ улахан үтүөлээх С. А. Новгородов баара эрэ 32 саастааҕар 1924 сыллаахха олунньу 28 күнүгэр саха ньургун уолун төлөннөөх сүрэҕэ тэппэт буолбута. Лингвист Семен Андреевич Новгородов хаалларбыт баай ис хоһоонноох үлэлэрэ туоһулууллар, төрөөбүт норуотун инники кэскилин оӊкуллааһыны кытары сибээстиирэ, ол да иһин доруобуйатын харыстаабакка туран үлэлээбитэ.

Чуораайытта – Сэмэн Новгородов тапталлаах  алааһа. Бу булгунньахха тахсан кинигэ ааҕара, сынньанара.

Аҕата – Андрей Александрович, ийэтэ – Анна Николаевна Новгородовтар.

 

Ини – бии Семен уонна Андрей Новгородовтар, Петербург куоракка үлэлээн-хамнаан кылгас да кэмӊэ буоллар бииргэ олорбуттара. Бу   хаартыска 1921 сыллааҕы кыһын буолуон сөп. Кинилэр этэӊӊэ сылдьар кэмнэригэр бу тиһэх көрсүһүүлэрэ этэ.

Андрей Андреевич Новгородов биир дойдулаахтарыныын. 1926 с.

Андрей Андреевич Новгородов С.А. Новгородов убайа 1924 сыллаахха Петербурга көмүллүүтүгэр Саха сирин делегациятын састаабыгар киирэн П.А.Ойуунускайдааҕы кытары барсан кэлбитэ.

Хардата суох таптал.

Муся Потапова — Габышева.

С.А. Новгородов саха норуотун уһулуччулаах уола.  Кини олоҕо уонна айар үлэтэ ыччакка үтүө холобур буолар. С. А. Новгородов Бүлүү педучилещатыгар үлэлээбит сылларыттан  ини-бии Серафим,  Александр,  Капитон Георгиевич Потаповтары кытта табаарыстаспыта. Онтон кинилэр балтыларын Муся Потапованы истиңник таптаабыта.  Кэлин Муся Дьокуускайга үөрэммит сылларыгар Семен Андреевич киниэхэ дьиэтигэр сылдьар эбит. «Ону көннөрү убай киһи кыһамньытын эрэ курдук көрөрүм. Арай кэлин Амма Маралааҕар Амма – Наахара нэһилиэгэр  учууталлыы сырыттахпына суруктарыттан кини миэхэ сыһыана атынын билбитим, сыһыанын быһааттара Маралаахха сыарҕалаах атынан кэлэ сылдьыбыта» — диэн Марфа Георгиевна сааһыран баран ахтыбыта. Оннооҕор 1920 сыллаахха олунньу 15 күнүгэр С.А. Новгородов  Мусяҕа: «Тапталлаах доҕорум, муңутуур  Мууһукам, бу суруйа олорор буруйбун билинэбин, бука диэн суруйумаар диэн буолбутуң да, муң саатар, бу да курдук 23 көстөөх  сиртэн олорон сүрэхпэр быарбар, өйбөр- мэйиибэр муспут аан дойдуга кимтэн да ордук таптыыр киһибэр тоҕо тэбии түһэрбин көңүллээ даа, сэгэртэйиэм — диэн суруйар этэ.

Хомойуох иһин, кини таптала хардата суох буолан, кинилэр дьылҕалара биир суолунан барбатаҕа. Ити төрүөтүнэн Муся Потапова атын киһини таптыыра буолбута.

Ю.И. Васильев – Дьаргыстай («Эдэр саас» 09.02.2005.)

Героизмңа тэңнээх хардыылар.

…1943 сыл.  Аҕа дойду улуу сэриитэ. Ленинград блокадата. Бу иэдээннээх сылларга умайа турар куораттан  С.А. Новгородов кэргэнэ, Мария Павловна Новгородова кыыһа Леналыын, аҕаларын илиинэн суруллубут икки чымадаан архыыбын Ладога күөлү туоратан Саха сирин булларбыттара. Ити курдук С.А. Новгородов черновига Саха сиринээҕи  Научнай киин архивыгар « Хранить вечно» диэн гривинэн харалла сытар. Саха сиригэр эдьиийдэрэ профессор Евдокия Иннокентьевна Коркина С.А. Новгородов үлэлэрин ааҕан-чинчийэн научнай эргимтэҕэ «Первые шаги якутской письменности» уонна «Во имя просвещения родного народа» таһааттарбыта.

Сэмэн Тумат «Саха сирэ» хаһыаттан (13.02 2007с.)

 

 

Саха суругунбичигин аҕатын төрөппүт кыыһа.

Семен Андреевич Мария Павловна Фелицина диэн наука академиятын библиотекатыгар  үлэлиир кыыһы кэргэн ылан саңа ыал буолбуттара, бастакы оҕолорун кэтэһэллэрэ…

Ол эрээри кини кыыһа Елена төрүүрүн хомойуох иһин баттаспатаҕа. Семен суох буолбутун 5-с хонугар кыыһа Елена (04.03 1924 с.) күн сирин көрбүтэ. Саха суругун – бичигин аҕатын тыыннаах ситимэ бу курдук салҕанар.

Кыһыл оҕолоох огдообо хаалбыт Мария Павловна тапталлаах кэргэнин аймахтарын кытта сибээһи быспатаҕа.1943 сыллаахха Мария Павловна  кыыһа Еленалыын кэргэнин тыйыс айылҕалаах Сахатын сиригэр кэлэллэр. Дьокуускайга эдьиийдэрин Евдокия Иннокентьевна Коркинаны булаллар. Манна кэлэллэригэр Елена 19 саастааҕа. Якутскайдааҕы педагогическай институт нуучча тылын уонна литературатын салаатын туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ.

Аҕатын туйаҕын хатаран, наукаҕа дьоҕурдаах кыыс тута Ленинградтааҕы  А. И. Герцен аатынан институт аспирантуратыгар туттарсар. Кини чинчийэр темата Саха сиригэр быһаччы сыһыаннааҕа – саха литературатыгар проза жанра сүһүөҕэр туруутун үөрэппитэ. Аҕатын биир дойдулааҕа, сахалыы бастакы романы суруйбут Эрилик Эристиин айар үлэтин чинчийэн диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ, аҕатын суолун солоон филологическай наука кандидата буолбута.

Салгыы А. И. Герцен аатынан педагогическай институт немец тылын салаатыгар киирэн, туйгуннук бүтэрэн, омук тылын учуутала идэлэммитэ. Үөрэммит институтугар 50–та тахса сыл, аспирантан саҕалаан кафедра сэбиэдиссэйэ буола үүммүтэ. Кини 40–тан тахса научнай үлэлээх. Кини үгүс немец тылыгар үөрэтэр учебниктары, пособиялары, текстары, лекция конспектарын курдук үлэлэрдээх. Тылбааһынан хайатын баҕарар немец тылыттан нууччалыы, нуучча тылыттан немец тылыгар переводтаабыт элбэх үлэлээх. Талаан эргиччи бэриллэр Елена Семеновна хоһоонньут. «Времен живая связь» хоһооннорун хомуурунньуга кини 85 сааһын көрсө күн сирин көрбүтэ. Онон С. А. Новгородов кыыһа аҕатын утумнаан чахчы наука туруу үлэһитэ, айар тыыннах киһи.

Гаврил Андросов. «Саха сирэ» хаһыаттан (26.03 2009.)

С. А. Новгородов төрөппүт кыыһын Елена Семеновна дьиэ кэргэнэ.

 Виртуальная выставка ко Дню якутского языка и письменности  https://xaraaldanlib.ru/2022/02/11/%d1%81%d0%b0%d1%85%d0%b0-%d0%b1%d0%b0%d1%81%d1%82%d0%b0%d0%ba%d1%8b-%d0%bb%d0%b8%d0%bd%d0%b3%d0%b2%d0%b8%d1%81%d1%82-%d1%83%d1%87%d0%b5%d0%bd%d0%b0%d0%b9%d0%b0-%d1%81%d0%b5%d0%bc%d0%b5%d0%bd-%d0%b0/

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *