Эйэлээх олоххо эргиллии
1945 сыл. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бүтэн эйэлээх, үүт тураан олоххо эргиллии буолбута. Хара-Алдан нэһилиэгин күннээҕи олоҕор кэккэ сылларга туох да саҥа киирбэтэҕэ, ханнык да уларыйыы суоҕа. «Төрүттэнии» артыал үлэтэ уруккутун курдук, түүлээ5и уонна балыгы бултааһын этилэр.
Сэрии кэнниттэн «Төрүттэнии» артыал саамай элбэхтик хай5аммыт уонна ситиһиилэммит салааларынан хара тыаттан күндү түүлээҕи бултааһын этэ. Манна чулуу булчуттар мэлдьи уһулуччу чорбойон, оройуоннааҕы Бочуот дуоскатыттан түспэт этилэр.
Бу сылларга «Төрүттэнии» артыал сүрүн эбээһинэһинэн государтсво сорудаҕынан кыһыннары-сайыннары балыгы бултаан Рыбзаводка туттарыы буолара. Бу үлэҕэ былааны толоруу кытаанахтык ирдэнэрэ. Балык бултааһыныгар Д.Новгородов, А. Самсонов, Н. Старостин салайар биригээдэлэрэ үлэлээбиттэрэ.
Саха АССР үтүөлээх булчуттара
Самсонов Николай Григорьевич |
Стрекаловскай Семен Семенович |
Иннокентий Иванович Винокуров (1924-2008сс.) — 20 –c үйэ чулуу киһитэ, Үлэ Кыһыл Знамята, норуоттар доҕордоһуулара орденнардаах, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүѳлээх үлэһитэ, Булун улууһун Бочуоттаах гражданина, үгүс мэтээллэр, Знактар кавалердара, республиканскай суолталаах персональнай пенсионер.
1953 с. сэтинньи ыйтан И.И. Винокуров «Төрүттэнии» артыалын бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Бу сылтан салҕанар кини салйааччы быһыытынан үүммүт, дьоҕура, талаана аһыллыбыт, дьон-сэргэ билиитин, махталын ылбыт истиҥник, күндүтүк саныыр дьоллоох, күүрээннээх кэмнэрэ. Кини үлэлээбит сылларыгар бөһүөлэктээһин үлэтэ тэтимнээхтик барбытаб 1954 сыллаахха оройуон үөрэххэ салаатын туруорсуутунан Гражданскай сэрии Геройа Г. Егоров туттарбыт оскуолатын Уус-Тааттаҕа көһөрбүттэрэ. Онон балык артыалын кулуубугар оҕолор үөрэнэр буолбуттара. Аҕыйах сыл иһигэр икки саҥа оскуола, кулууп, балыыһа дьиэлэрэ тутуллубуттара, электростанция, радиоузел нэһилиэккэ баар буолбуттара. Үгүс ыал өбүгэлэрин өтөхтөрүттэн Алдан өрүс үрдүгэр көһөн киирбиттэрэ.
Тарабукин Иван Васильевич | Самсонов Филипп Петрович | Слепцов Николай Софронович |
Н.С. Слепцову 1954с. суоппар курсугар Дьокуускай куоракка үөрэттэрэ ыыпытара, кэлэригэр ГАЗ-51 массыынаны атыылаһан тоһуйбуттара. Николай Софронович — нэһилиэк бастакы суоппара, үлэтигэр үтүө суобастаахтык үлэлээн олохтоохтор махталларын ылбыта.
1955 с. И.В. Тарабукины звероводтар алта ыйдаах курстарыгар Дьокуускайга ыыппыттара. Үөрэҕин бүтэрэн кэлээтин кытта кырымахтаах хара саһылы иитэр ферма сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Ол сыл Уус-Алдан Чэриктэйиттэн 24 тыһы, 6 атыыр саһылы аҕалан үлэлэрин саҕалаабыттара. Иван Васильевич 1955 сылтан 1990 сылга диэри 35 сыл устата тохтоло суох кыыл иитиитигэр эҥкилэ суох үрдүк ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.
Ф.П. Самсонов — нэһилиэк бастакы тракториһы. 16 ат күүстээх тыраахтарынан сир хорутан, күрүө маһын таһан күүстээх үлэлэргэ сылдьара.
Бөдөҥсүйбүт «Калинин» аатынан холкуостан Петр Алексеев аатынан холкуоска
1950-с сыллар бүтүүлэригэр тыа хаһаайстыбатынан дьарыктанар холкуостарга улахан уларыйыы-тэлэрийии аана аһыллыбыта, кыра холкуостары холбоон бөдөҥсүтүү саҕаламмыта.
Хара Алдан нэһилиэгэ Алдан, Уолба нэһилиэктэрин кытта холбоһон, Калинин аатынан холкуос биригээдэтэ буолбута. Бу сылларга учаастак сэбиэдиссэйдэринэн, биригэдьиирдэринэн Максимов Дмитрий Софронович, Неустроев Николай Николаевич-Бэспэнньэ, Неустроев Василий Николаевич- Баабыска, партийнай тэрилтэ секретарынан уонна сельсовет председателинон Посельскай Дмитрий Терентьевич улэлээбиттэрэ.
Кэнники Саха Республикатын норуотун ханаайыстыбатын утуелээх улэһитэ, Уус Алдан оройуоннааҕы Советын солбуйар председателинэн, ветераннар улуустааҕы Субэлэрин председателинэн улэлээбит Аммосов Николай Ефремович сана уерэбин бутэрэн кэлэн, Хара Алданна биригэдьиирдии сылдьан, 1959 с. оччотооҕуга сана толору механизациялах кыстык хотону Күел баһыгар кылгас кэм ининон туттара охсон, улэҕэ киллэрбит. Фермаба сана үүтү астыыр дьиэ, икки иккилии квартиралах уопсай дьиэ, үүтү, арыыны уурарга анаан булуус тутуллубуттара.
Хара-Алдан экспериментальнай хотоно
Саҥа тутуу Алдан орус биэрэгэр, бөһүөлэги кытта сэргэстэһэ «Алаас» диэн аатырар кэҥэс ырааныйаҕа дьэндэйэр. Кээмэйин кэпсээтэхх., устата 110, туората 15, уопсай үрдүгэ 5 метр. Хотон баҕаналарын, сири паардаах иннэнэни ирбэт тоҥ сиригэр диэри дьөлө үүттээн, туруорбуттара. Өһүөтэ икки хос сыыйыы. Эркинэ — туруору. Мостата — адарай. Холобур, адарай муостатын щиттэрин уларыттахха, ханнык да, субан да сүөһү да туруон сеп. Бу 400 сүөһүгэ аналлаах киэҥ уораҕай.
Хара Алдан экспериментальнай хотонун сурун уратыта — cүөhy ноҺуомун ыраастааһын. Манна сүөһү ноһуома кыһын устата ыраастаммат, мунньан баран техника күүһүнэн ыраастанар. Хотон 5 м үрдүктээх буоллаҕына, онтон 2 метрэтэ муоста аллара өттүнээҕи траншея. Траншея хотон устатын тухары, икки эрээтинэн хаһыллыбыт уонна бетоннаммыт. Сүөһү үөһэ, адарай муостаҕа баайыллар. Адарай сэриитэ 6х9 см. буруус мастан оҥоһуллубут. Арыта 3,5-4,5 см, кыра сүөһүгэ кыараҕас, улаханыгар арыый арыттаах. Ол курдук сүөһү ноһуома курдаттыы аллара түһэ турар.
Хотон иһинээҕи ыарахан үлэлэр барылара механизацияланар. Сүөһүлэри уулатыы анал чааскылардаах автопоилканан, онтон оту кыбытытан рельсэ устун долборукка тиэрдэллэр. Эбии аһылык эмиэ оннук тиийэр. Үүтү тутар хос туспа.
Хотоҥҥо ферма улэһитттэригэр наадалаах усулуобуйа толору баар. Үлэһиттэр сынньанар хостоохтор, душ улэлиир, улэҕэ тэринэригэр эмиэ миэстэ анаммыт.
«Экспериментальнай хотону оччолорго «Сельхозтехника» республикатааҕы холбоһугун улэһиттэрэ бырайыактаабытара. Тутууну специалистар Николай Туласынов уонна Константин Жирков салайбыттара. Прораб Петр Винокуров этэ. Тутууга Егор Афанасьев, Егор уонна Петр Винокуровтар, Николай Новгородов, Петр Захаров, Гаврил уонна Василий Старостиннар илиилэрин араарбакка улэлээбиттэрэ. Трактористар Семен Винокуров, Василий Тарабукин, бульдозерист Александр Захаров кыайыылаах үлэ холобурун көрдөрөллөр. Кинилэртэн кырдьаҕас холкуостаах Егор Захаров, дьиэ хаһаайката Матрена Новгородова да хаалсыбатахтара. Хотону ситэриигэ нэҺилиэк общественноһа барыта кыттыбыта.
Винокуров Семен Гаврильевич |
Захаров Александр Алексеевич |
Тарабукин Василий Васильевич |
Сана хотоҥҥо Хара Алдан биригээдэтин 383 сүөһүтэ барыта киирбитэ. Онно уон ыанныыксыт, түөрт ньирэй көрөөччү, икки тиҥэһэ көрөөччү, икки фуражир, биир учетчик, биир водовоз уонна харабыл — 21 улэһит буолан үлэлэрин саҕалаабыттар.
Наҕараадаламмыт холкуостаахтар
1953 с. — Хара-Алдан орто оскуолатын сэбиэдиссэйэ — Охлопков Трофим Михайлович — ССРС Верховнай Советын Президиумун Ыйааҕынан ыччаты иитиигэ уонна үөрэтиигэ өр сыллаах эҥкилэ суох үлэтин иһин «Бочуот Знага» уордьан туттарыллыбыта.
Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай грамотатынан үлэҕэ ситиһиилэрин иһин наҕараадаламмыттара:
1942 сыл — Новгородов Григорий Иванович, « Төрүттэнии» холкуос булчута.
1947 сыл — Захаров Григорий Никитич, « Төрүттэнии» артыал булчута.
1957 сыл — Винокуров Иннокентий Иванович, « Төрүттэнии» артыал председателэ.
Посельскай Дмитрий Герентьевич, хара Алдан Советын исполкомун председателэ.
1962 сыл — Голиков Николай Алексеевич, киномеханик.
1966 сыл — Старостин Гаврил Михайлович — П. Алексеев аатынан холкуос булчута