1917-1922 сс. Ааһан иһэр атыыһыттар уонна куораччыттар сэһэннэринэн, 1917 с. революциялар буолар айдааннаах сурахтара Байаҕантай улууһун түгэҕэр Хараҕа охсуллан дуорайбыттара. 1919 сыл ахсынньыттан Саха сиригэр сэбиэскэй былаас букатыннаахтык олохсуйбута. 1920 сыл кулун тутартан саҕалаан бары улуустарга уонна нэһилиэктэргэ саҥа былаас органнара — ревкомнар тэриллэн барбыттара. Саҥа тэриллибит ревкомнар оччотооҕуга сүүнэ улахан боломуочуйалаахтара – олохтоох сирдэригэр-уоттарыгар бары боппуруостары быһаараллара, сири дууһанан тэҥнээн түҥэтэллэрэ, дьадаҥыларга кѳмѳ оҥороллоро, сэбиэскэй былаас бары дьаһалларын уталыппакка толороллоро.
Хара-Алдан нэһилиэгин ревкомун маҥнайгы председателинэн олох үөрэҕэ суох, ис дууһатыттан Захаров Гаврил Никитич үлэлээбитэ. Бу ревком нэһилиэги 1920 сыл кулун тутартан 1922 сыл ахсынньыга диэри салайбыта.
Саха сирэ автономияны туруорсуутугар анаан 1921 сыл алтынньы 14 күнүгэр П.А. Ойуунускай председателлээх автономнай республика Конституциятын оҥорор, территориятын уонна кыраныыссатын чуолкайдыыр комиссия тэриллибитэ. Онтон 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр Дьоккуускай куоракка Саха АССР Советтарын I Учредительнай съезтэрэ аһыллыбыта. Бу кэмтэн ылата ревкомнар уурайаннар, Советтар тэриллэн барбыттара.
Хара-Алдаҥҥа нэһилиэк Советын маҥнайгы председателинэн Захаров Гаврил Никитич, онтон салгыы Новгородов Афанасий Григорьевич үлэлээбиттэр, Совет дьыалатын-куолутун атын сиртэн кэлэн суруйан, оҥорон биэрэллэр эбит.
Саҥа үйэ уларыйыылара урукку түҥкэтэх дэнэр нэһилиэги тумнубатахтара, олохтоохтор оҕолорун үѳрэттэриэхтэрин сүрдээҕин баҕараллара. Революция иннинэ саамай чугас оскуола Баайаҕаҕа, Хара-Алдантан 9 кѳстѳѳх сиргэ баара.
Баайаҕа оскуолатыгар үѳрэммит оҕолору бэлиэтиир летописька Хара-Алдантан:
Винокуров Петр Григорьевич – 1898 с. –1903 сс.
Винокуров Петр Иванович — 1898 с. – 1903 с.
Самсонов Петр Григорьевич —1916 с.
Старостин Федор Михайлович –1917 с.
Винокуров Николай Васильевич –1914 с. –1916 с.
Винокуров Христофор Васильевич –1920 с.
Кыылаайыга (Уус Алдан) үѳрэммиттэрэ:
Афанасьев Иннокентий Данилович
Старостин Егор Алексеевич – Чокуон
Винокуров Василий Иванович
Уус Таатта оскуолатын бүтэрбиттэр:
Новгородов Петр Николаевич
Винокуров Николай Федорович
1929 с. Хара-Алдан нэһилиэгэр «Уолба» (председатель Винокуров Григорий Герасимович), «Тѳрүттэнии» (председатель Захаров Гаврил Никитич), «Тупсарыы Куобараба» (Говорова П.П. аатынан) (председатель Старостин Федор Михайлович) артыаллар тэриллэн таһаарыылаах, коллективнай үлэлэрин саҕалаабыттара.
1929-1930 сс. дойду үрдүнэн кулаактары кылаас быһыытынан эһии хампаанньата күүскэ барбыта. Хара-Алдантан кулаактааһыҥҥа уонна репрессияҕа 7 киһи түбэспитэ биллэр, 1991 с. сокуонунан араҥаччыланан, үтүѳ ааттара, чиэстэрэ чѳлүгэр түһэриллибиттэрэ.
1930 сылларга бүттүүн үѳрэхтээһин олоххо киирэн, оскуолаҕа үѳрэнэр саастаах оҕолор бары оскуоланан хабыллалларын иһин үлэ күүскэ барбыта. Старостин Михаил Гаврильевич дьиэтигэр, «Чобуйаҕа” маҥнайгы оскуола арыллыбыта.
1930-1931 сс. нэһилиэккэ 3 кыракый артыаллар тэриллибиттэрэ.
1930-1932 сс. Хара-Алдан нэһилиэгэ Уус Алдан оройуонугар
киирэ сылдьыбыта.
1932 с. Г.В. Егоров олунньуга «Аана ѳтѳҕѳ» диэн сиргэ саҥа оскуола дьиэтин туттарбыта. Оскуола маҥнайгы учуутала үрүҥ бандьыыттап баандаларын эһиигэ кыттыбыт эрдэтээҕи сүһүөх кэм комсомола Старостин Федор Михайлович этэ.
1933 с. Алааска маҥнайгы маҕаһыын аһыллыбыта. Сэбиэдиссэйинэн Колодезников Афанасий Васильевич үлэлээбитэ.
1937-1938 сыллар кирбиилэригэр үс артыал холбоһон «Тѳрүттэнии» холкуос буолбуттара. Председателинэн Старостин Федор Михайлович, Новгородов Константин Константинович үлэлээбиттэрэ.
1941-1945 сс. Кыракый Хара Алдан нэһилиэгиттэн 32 киһи сэриигэ ыҥырыллан барбыттара. Онтон 6 киһи дойдуларыгар тѳннүбэтэхтэрэ.
1941-1945 сс. Аҕа дойдуну кѳмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттара:
Афанасьев Иннокентий Данилович
Бочуров Кузьма Григорьевич
Голиков Гаврил Гаврильевич
Крылова Прасковья Константиновна
Новгородов Афанасий Григорьевич
Старостин Василий Данилович.
1942 с. олунньуга Хара-Алданна фрону уонна тыылы аһылыгынан хааччыйар аналлаах балык артыала тэриллибитэ. Артыал бэрэссэдээтэлинэн Афанасьев Семен Данилович Ι, солбуйаачытынан Старостин Василий Данилович, бухгалтерынан Новгородов Афанасий Григорьевич, ферма сэбиэдиссэйинэн Винокуров Гаврил Васильевич, кини көмөлөһөөччүтүнэн Винокуров Иннокентий Иванович талыллыбыттара. Артыал 21 ѳрүс, 11 үрэх туулаах, 15 илимнээх, 5 бэрэмээттээх, 2 муҥхалаах этэ. Балык бултааһыныгар 18-50 диэри саастаах байыаннай эбээһинэстээх дьон үлэлииллэрэ. биригэдьиирдэринэн Самсонов А.Г., Старостин Е.Г., Старостин Н.Г., Новгородов Д.И. үлэлээбиттэрэ.
1941-1945 сс. Хара-Алдан нэһилиэгин «Тѳрүттэнии» холкуоһун холкуостаахтара балыгы бултааһыҥҥа уонна күндү түүлээҕи сонордоһууга таһаарыылаахтык, күүрээннээхтик үлэлээбиттэрэ уонна оройуоҥҥа социалистическай куоталаһыыга инники кэккэҕэ сылдьыбыттара.
1946-1948 сс. «Тѳрүттэнии» холкуос балыксыттара Кэбээйигэ баран балыктаабыттара, онтон кэлиҥҥи сылларга бултааһын былаана сылтан сыл үрдээн, балык аччаан Лена төрдүгэр хас сылын аайы киирэн балыктыырга күһэллибиттэрэ. Манна 50 ат күүһэ күүстээх катеры 1956 с. ылбыттара.
1950-сс. бүтүүлэригэр тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар холкуостарга улахан уларыйыы аана аһыллан, кыра холкуостары холбоон, бѳдѳҥсүтүү саҕаламмыта. Ол түмүгэр Хара-Алдан нэһилиэгэ Алдан, Уолба нэһилиэктэрин кытта холбоһон, «Калинин» аатынан холкуос биригээдэтэ буолбута. Учаастак сэбиэдиссэйдэринэн, биригэдьиирдэринэн үлэлээбиттэрэ:
Максимов Дмитрий Софронович
Неустроев Николай Николаевич
Неустроев Василий Николаевич
сельсовет председателэ- Посельскай Дмитрий Терентьевич
1951-1952 сс. үгүс ыал биэрэк үрдүгэр саҥа бѳһүѳлэккэ маассабайдык кѳһѳн киирбиттэрэ. Үс — түѳрт сыл иһигэр саҥа оскуола, балыыһа, кулууп дьиэтэ, электростанция, радиоузел үлэҕэ киллэриллибиттэрэ. Барыта 50-ча ыал, үксүлэрэ саҥа дьиэ туттан, сорохторо урукку дьиэлэрин кѳһѳрѳн, бѳһүѳлэккэ киллэрбиттэрэ. Бѳһүѳлэк тутуутугар биригэдьиирдэринэн үлэлээбиттэрэ:
Винокуров Гаврил Васильевич
Винокуров Петр Григорьевич.
1955 с. Уус-Алдан Чэриктэйиттэн 30 кырымахтаах хара саһылы аҕалан ииппиттэрэ. Бу сыл бэл таба иитиитинэн боруобалаан дьарыгыра сылдьыбыттара. Звероферма сэбиэдиссэйинэн 35 сыл устата сэрии, үлэ ветерана, хас да пятилетка ударнига Тарабукин Иван Васильевич олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
1956 с. бѳһүѳлэк иһигэр нэһилиэнньэ күүһүнэн улахан балыыһа дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ.
1958 с . «Тѳрүттэнии» балык артыала тыа хаһаайыстыбатын холкуоһугар тѳннүбүтэ. “Калинин” колхоз биригээдэтэ буолбуппут:
Винокуров И.И. – управляющай
Бочуров И.И. – бригадир
Посельскай Д.Т. – сельсовет председателэ.
Новгородова Е.Н. – секретара
Посельскай Д.Т. – парт.тэрилтэ секретара
Слепцов Н.Т. – оскуола директора
Бу сыл Хара-Алдан – Уус-Таатта икки ардыларыгар телефоннай линия тардыллыбыта.
1959 с. Аммосов Николай Ефремович саҥа толору механизациялаах хотону Күѳл баһыгар кылгас кэм иһигэр туттара охсон, үлэҕэ киллэрбитэ. Фермаҕа саҥа үүтү астыыр дьиэ, икки иккилии квартиралаах уопсай дьиэ, үүтү, арыыны уурарга анаан булуус тутуллубуттара.
1961 с. Хара-Алдаҥҥа аан маҥнай дьааһыла-сад аһыллыбыта.
1965 с. 400 сүѳһүгэ аналлаах, 110 м усталаах, 15 м. туоралаах, 5 м. үрдүктээх, икки хос сыыйыы ѳһүѳлээх, туруору эркиннээх, адарай муосталаах, саҥа толору механизациялаах экспериментальнай хотон тутуллубута. Хотонно ферма улэһиттэригэр наадалаах усулуобуйа толору баар этэ (сынньанар хос, душ, үлэҕэ тэринэр миэстэ). Тутууну специалистар Николай Туласынов уонна Константин Жирков салайбыттара. Прораб Петр Николаевич Винокуров этэ. Хара-Алдан экспериментальнай хотонугар ураты улахан суолта ууруллан, маннык хотоннор сир аайы тутуллан таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.
1967 с. Петр Алексеев аатынан совхоз отделениета буолабыт.
Находкин В.В. – управляющай
Громов Н.Н. – биригэдьиир
Голиков Г.Г. – сельсовет председателя
Новгородов С.С. – секретарь
Данилов В.Е. – парт.тэрилтэ секретара
Захарова А.Г. – оскуола директора
Старостина А.А. – дьааһыла-сад сэбиэдиссэйэ.
1972 с.Эти, үүтү государствоҕа туттарыыны 102-109% толорбуттар.
1975 с. Хара-Алдан отделениета сыл түмүгүнэн оройуоҥҥа бастаан ССКП райкомун, Райсовет исполкомун көһөрүллэ сылдьар Кыһыл знамяларын ылары ситиспит.
1978 с. Хара – Алдан отделениета оройуоҥҥа бастаан ССКП райкомун, райсовет исполкомун кѳһѳрүллэ сылдьар Кыһыл Знамятын ылбыта.
1979 с. Сибээс отделениета аһыллыбыта. Манна анал курсу бүтэрэн, Захарова Мотрена Дмитриевна 10 сыл таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
1982 с. Биир каналлаах телевидение кѳстѳр буолбута.
1984 с. Биэрэк үрдүгэр сана оскуола дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ.
1985 с. Улуу Кыайыы 40 сылын кѳрсѳ сэрии ветераннара Герой куораттарынан күүлэйдии бара сылдьыбыттара.
1985 с. Маннайгы пекарня улэгэ киирбитэ.
1986 с. Нэһилиэк сугулааныгар уопсай куоластааһынынан нэһилиэккэ арыгы атыыта бобуллубута.
1987 с. Кулууп киэҥ-куоҥ, ыраас, сырдык саҥа дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ.
1990 с. АТС, 4 квартиралаах олорор дьиэ, 50 миэстэлээх детсад, арочнай гараж үлэҕэ киирбиттэрэ.
1990 с. Хара-Алдан сельсеветын председателинэн Старостин Алексей Егорович үлэлээбитэ.
1990 с. 20 тахса ыал саҥа дьиэ туттан киирбиттэрэ.
1991 с. олохтоох аҕыс кылаастаах оскуола орто оскуола буолбута.
1992-1996 сс. Нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгынан Григорьев Гаврил Гаврильевич үлэлээбитэ.
1992 с. Киин телевидение бастакы, иккис каналлара кѳстүбүттэрэ.
1992 с. Участковай балыыһа аһыллан үлэлээбитэ. 17 үлэһиттээх, врач Жиркова Л.С. этэ.
1994 с. Бѳһүѳлэк олохтоохторо Дьоккуускайтан бэриллэр «Саха» национальнай кѳрдѳрѳр-иһитиннэрэр компания биэриитин кѳрѳр кыахтаммыттара.
1994 с. Саҥа маҕаһыын дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ.
1997 с. Бюджекка үп-ас тиийбэтиттэн участковай балыыһа врачебнай амбулатория буолбута.
1998 с. Хаһаайыстыба структуратыгар уларыйыы буолан, нэһилиэктэринэн тус-туспа барыы саҕаламмыта. Хара-Алдан «Чараҥ» коллективнай предприятие буолбута. Председателинэн уонна нэһилиэк баһылыгынан Голиков Клим Гаврильевич, биригэдьииринэн Тарабукин Иван Васильевич бигэргитиллибиттэрэ.
2001-2003 сс.. Баһылыгынан Григорьев Гаврил Гаврильевич ананан үлэлии киирбитэ.
2001 с. Г.В. Егоров аатынан Хара-Алдан орто оскуолата ИПКРО Республикатааҕы опорно экспериментальнай площадкатынан буолар.
2002 с. Г.В. Егоров аатынан Хара-Алдан орто оскуолата Российскай Федерация үѳрэҕин Министерствотын опорно экспериментальнай площадкатынан буолар.
2003-2015 сс. «Хара-Алдан нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан Григорьев Гавриил Гаврильевич олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
2003 с. Г.В. Егоров аатынан Хара-Алдан орто оскуолата Российскай Федерация сыл бастыҥ оскуолата буолбута.
2005 с. Саха Республикатын Правительствотын председателин уурааҕынан Хара-Алдан нэһилиэгэр «Опорный центр здорового образа жизни Республики Саха (Якутия)» статус иҥэриллибитэ.
2007 с. Норуот күүһүнэн тутуллубут культурно — спортивнай комплекс саҥа арочнай дьиэтэ аһыллыбыта.
2014 с. «Кустук» оҕо уһуйаанын саҥа, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир, дьиэтэ аһыллыбыта.
2014 с. Модульнай котельнай үлэҕэ киирэр, ону сэргэ чааһынай дьиэлэри киин ититэр системаҕа холбооһун саҕаланар.
2015 с. «Хара-Алдан нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан Старостин Дьулустан Алексеевич талыллар.
2016 с. Хара-Алдан нэһилиэгин территориятыгар итирдэр утахтары биирдиилээн атыылааһыны бобуу Саха Республикатын 2016 сыл бэс ыйын 15 күнүнээҕи 1685 –З № 923-V сокуонунан бигэргэтиллибитэ.
2017 с. Нэһилиэк иһинээҕи уот ситимэ СИП кабельга уларытыллыбыта.
2019 с. Нэһилиэккэ 7 км. уһуннаах сайыҥҥы уу ситимэ тутуллан үлэҕэ киирэр.
2019 с. Эдэр үлэһиттэргэ түөрт квартиралаах толору хааччыллыылаах саҥа уопсай дьиэ тутуллан киирэр.
2023 с. Толору хааччыллыылаах саҥа ФАП дьиэтэ үлэҕэ киирдэ, ону сэргэ “Ростелеком” спутниковай мобильнай сибээс вышката турда.
1829 г.с Хатын-Аринского наслега Намского улуса были переселены 114 мужчин и 83 женщин во 2 Баягантайский наслег в местность с. Хара-Алдан.
1913 г. 1 июля с. Хара-Алдан отделилась от 2-го Баягантайского наслега и был образован как отдельный населенный пункт.
1920 г. Первый председатель ревкома Захаров Гаврил Никитич.
1922 г. Председатель ревком Новгородов Афанасий Григорьевич.
1929 г. В первые создано хозяйственное объединение ТОЗ “Уолба”. На его базе образовались три мелкие сельхозяйственные артели: “Тупсарыы Говорова” (председатель Старостин Ф.М.), “Теруттэнии” (председатель Старостин М.Н.), “Уолба” (председатель Винокуров В.Е.).
1930-1931 г. с. Хара-Алдан был включен Усть-Алданский район.
1931 г. Председатель ревкома Старостин Матвей Нилович.
1932 г. По инициативе героя гражданской войны Г.В. Егорова в наслеге открылась начальная школа (заведующий Старостин Ф.М.) в местности «Аана ѳтѳҕѳ».
1933 г. Открылся первый магазин. Заведующий Колодезников Афанасий Васильевич.
1933 г. Открылся трахоматозный пункт.
1934 г. Председатель ревкома Старостин Василий Данилович.
1937-1938 гг. Артели первыми в Татте объединились в один колхоз “Төрүттэнии” (председатель Новгородов К.К.), в котором объединилось 60 хозяйств.
1939 г. Председатель ревкома Бехтюев Спиридон Кононович.
1941-1945 гг. Великой Отечественной Войны на фронт были призваны 32 жителя с. Хара Алдан, 8 из них невернулись.
1943 г. Председатель ревкома Старостин Петр Михайлович.
1943 г. в колхозе имелись 400 голов скота, 200 лошадей, которые были распределены по другим колхозам района: “Ворошилов”, “Куедуй”, “Кыhыл куус», «Хардыы», «Бэрээйи кууhэ» в связи с преобразованием колхоза в рыболовецкую артель.
1943 г. в феврале с целью обеспечения фронта и тыла продовольствием создали рыболовецкую артель «Теруттэнии». В ее распоряжении были 21 больших, 11 малых морд для ловли рыбы в реке и речках, 15 сетей, 5 перемета, 2 невода. Бригады Самсонова А.Г., Старостина Е.Г., Старостина Н.Г., Новгородова Д.Н. в тяжелейших условиях перевыполнили годовой план в 60 тонн.
1949 г. Председатель Сельсовета Захаров Николай Григорьевич.
1950 г. Председатель Сельсовета Новгородов Софрон Софронович.
1951 с. Заработал передвижной кинотеатр. Киномехаником работал Голиков Николай Алексеевич.
1952 г. Председатель Сельсовета Посельский Дмитрий Терентьевич.
1952-53 гг. Артель снова стал колхозом. Но рыболовство некоторое время оставалось ведущей отраслью. Рыбаки выходили за пределы наслега, рыбачили в местностях: «40 арыы» в устье реки Алдан, «Кирбии» в Усть-Мае, «Быков Мыс» в Булуне.
1951-1957 гг. На левом берегу реки Алдан в местности «Чаран» зарождается новый поселок. Были построены новая школа, больница, клуб, электростанция, радиоузел. В строительстве нового села бригадирами работали Винокуров Гаврил Васильевич и Винокуров Петр Григорьевич.
1954 г. Открылась сельская библиотека.
1955 г. с Усть-Алданского района были привезены 30 чернобурых лисиц для разведения в звероферме. В течении 35 лет заведующим зверофермы работал Тарабукин Иван Васильевич.
1956 г. Построено новое здание больницы.
1958 г. Рыболовецкая артель «Рождество» была преобразована в сельскохозяйственный колхоз.
1959 г. Председатель Сельсовета Чахова Елена Трофимовна.
1959 г. Построена новая ферма с молокозаводом, общежитием и ледником для хранения молочных продукций.
1962 г. Председатель Сельсовета Голиков Гаврил Гаврильевич.
1962 г. Открылись детские ясли.
1965 г. Построили первый в Республике новый механизированный экспериментальный хотон на 400 голов.
1972 г. Председатель Сельсовета Неустроев Василий Семенович.
1977 г. Председатель Сельсовета Захарова Александра Гаврильевна.
1979 г. Открылся первое в селе отделение связи.
1979 г. Председатель Сельсовета Борисов Юрий Ильич.
1982 г. Подключили одноканальное телевидение.
1983 г. Председатель Сельсовета Бочуров Гаврил Гаврильевич.
1984 г. Председатель Сельсовета Неустроева Изабелла Прокопьевна.
1984 г. Построено новое здание сельской школы.
1985 г. Заработала первая пекарня.
1986 г. По решению общего собрания населения прекращена продажа алкогольной продукции.
1986 г. Председатель Сельсовета Старостин Алексей Егорович.
1987 г. Построено новое здание СДК.
1990 г. Построены новое здание АТС, 4-хквартирное общежитие, детский сад на 50 мест, арочнай гараж.
1991 г. 8-летняя школа была преобразована в 10-классную.
1992-1996 гг. Главой избран Григорьев Гаврил Гаврильевич.
1992 г. Подключили первый и второй ТВ-каналы Центрального телевидения.
1992 г. Открылась участковая больница, в штате перечислились 17 работников.
1994 г. Подключили ТВ канал НВК Саха.
1994 г. Построено новое здание магазина.
1997 г. Участковая больница была преобразована во врачебную амбулаторию.
1997 г. Главой избран Находкин Владимир Васильевич.
1999 г. Главой избран Голиков Клим Гаврильевич.
2001 гг. Главой избран Григорьев Гаврил Гаврильевич.
2001 г. Хара-Алданская СОШ им. Г.В Егорова стала опорно-экспериментальной площадкой ИПКРО Министерства образования РФ.
2003 гг. Главой избран Григорьев Гавриил Гаврильевич.
2003 г. Хара-Алданская СОШ им. Г.В Егорова стала «Лучшей школой года» в России.
2005 г. с. Хара-Алдан статус «Опорный центр здорового образа жизни Республики Саха (Якутия)» по Указу председателя Правительства РС (Я) .
2007 г. Открылась новое арочное здание КСК.
2014 г. Построено здание детского сада с благоустройством.
2014 с. Заработала Модульная котельная, были подключены частные дома к централизованному отоплению.
2015 с. Главой избран Старостин Дьулустан Алексеевич.
2016 с. Утвержден запрет на продажу алкогольных напитков на территории с. Хара-Алдан Законом Республики Саха (Якутия) от 15 июня 2016 года № 1685-з № 923 –V.
2017 с. Обновили внутрипоселковую линию электропередачи на СИП-кабель и опорные столбы.
2018 г. Обновили линию электропередачи на СИП-кабель и опорные столбы Булун-Хара-Алдан.
2019 г. Проведен капитальный ремонт внутрипоселковых дорог.
2019 г. Построили новое 4-хквартирное общежитие с благоустройством для молодых специалистов.
2021 г. Построен летний водопровод длиной в 7 км .
2023 г. Построено новое здание ФАП с благоустройством.
2023 г. Заработала мобильная связь с интернетом «Ростелеком».