1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
1 003 views

Саҥа дьыллааҕы хоһооннор

 

*    *    *

Мы встречаем Новый год!
В гости Кролик к нам придет
Будем с ним мы рядом жить,
Веселиться и дружить,
И морковочкой кормить,
И водичкою поить.
Кролик славный, кролик милый
Пусть несет наш год счастливый.
Белый снег пушистый,
Белый хлеб душистый,
Небо мирное родное,
Солнце жарко-золотое.
Кролика мы впустим в дом
С миром, счастьем и добром!

   *    *    *

Наступает год пушистый,
С длинными ушами.
Кролик пусть наполнит быстро
Праздник чудесами.

И подарит настроение
Всем ребятам в мире.
И кусок большого счастья
В каждом сувенире!

 

 *    *    *

Кролик мягкий и пушистый
Скоро в гости к нам придёт,
Будем праздновать мы вместе
Лучший праздник — Новый год!

Море радости, веселья,
Будут танцы до утра,
Торт, сюрпризы, поздравления,
Будем мы кричать: «Ура!».

 

   *    *    *

Мчится к нам на всех парах,
Долгожданный Новый год.
Пусть нам кролик в этот год,
Всем удачи принесёт.

Год пусть будет плодородным,
Мир, добро подарит людям.
Новый год тебя мы ждём,
Поскорей приди в наш дом.

 

 *    *    *

Мы встречаем новый год —
Кролика ждём в гости.
Он хороший, как пушок,
Лапочки и хвостик.

Будем ёлку украшать
Сладенькой морковкой,
Чтобы кролика встречать,
Вместе прыгать ловко!

 

 *    *    *

Ушки на макушке,
Скачет по опушке!
И грызёт он ловко
Рыжую морковку.

А ведь в этот Новый Год
Кролику большой почёт.
Пушистенький и пёстрый —
Помощник Дед Мороза!

 

 *    *    *

Год старый уходит,
А новый за дверью,
Он будет прекрасным,
Мы все в это верим!

Нам Кролик подарит
Удачу, успех,
Веселье в придачу
И искренний смех!


 *    *    *

Снова праздник к нам приходит,
Кролика год настает!
Я желаю, чтоб пушистик
Всем нам счастье приберег,
Чтоб здоровье не кончалось,
Чтобы не было войны,
Что на всей планете людям
Снились лишь цветные сны!

 

 *    *    *

Новый год стучится в дверь
Он кого принес теперь!?
В серой шляпе и с мешком
Прискакал к нам Кролик в дом.

Кролик радость нам принес,
С ним примчался Дед Мороз.
С Новым годом поздравляем!
Счастья каждому желаем.

 

 *    *    *

САҤА ДЬЫЛ

Евдокия Попова-Айыына

 

Иһэр эбээт, доҕоттоор,

Саҥа дьылбыт барахсан,

Үлүскэннээх үөрүүлээх,

Үгүс элбэх кэһиилээх.

Оҕо аймах көрүлүүр,

Ойон –тэбэн биэрээхтиир,

Үҥкүү-битии тардаахтыыр,

Саҥа дьылы көрсөөхтүүр.

Саҥа дьылга түмсүөҕүҥ,

Аймаҕынан мустуоҕуҥ,

Алгыс тылын ылыаҕыҥ,

Арчыланан сырсыаҕыҥ.

Элбэх уоттаах харыйа

Сандаарыйа тыгыахтын.

Оҕо сааһы санаттын

Үөрүүтүттэн бэристин.

Саҕа дьыл, кэрэҕин!

Күүтэбит эйигин!

Саҥа дьыл, үөрдээриий,

Эн кэлэ охсооруй!

 

 *    *    *

САҤА ДЬЫЛ КЭЛЛЭ

Саҥа дьылбыт тиийэн кэллэ

Салаасканнан сырылаан,

Саҥа дьылбыт тиийэн кэллэ

Харыйаннан дыргыйан.

Саҥа дьылбыт тиийэн кэллэ

Көрү-нары көҕүлээн,

Саҥа дьылбыт тиийэн кэллэ

Үөрүү-көтүү кэһиилээх

 

 *    *    *

ТЫМНЫЫ ОҔОННЬОР

Тымныы эһээ оҕонньор,

Хантан тиийэн кэллин энҺ

Ханнык ыраах суолунан

Аан дойдуну эргийэн?

Үрүҥ хаары көбүтэн,

Сыарҕаҕынан сырылаан,

Табаларгын көлүнэн,

Кэһиилэргин хомунан,

Тиийэн кэллиҥ биһиэхэ

Түннүкпүтүн кырыалаан,

Дьыссааппытын киэргэтэн,

Көрү-нары тэрийэн.

Саҥа дьылы аһаҥҥын

Сиэҥҥин сиэтэн киирэҕин,

Оҕолору үөрдэҕин,

Бэлэхтэргин биэрэҕин.

 

 *    *    *

ХААРЧААНА

Саҥа дьылы таптыыбын,

Саҥа дьылга үөрэбин.

Эһиэхэҕэ, оҕолорго,

Ыалдьыт буолан кэлэрбин.

Миигин кытта тэбис-тэҥҥэ,

Кыыллар тыаны киээргэтиллэр

Харыйаны төгүрүччү

Хоробуоттаан көттүлэр.

Саҥа дьылга бука бары

Ырыа-үҥкүү үөрэтэбит.

Тымныы эһээ кэһиилэрин

Олус-олус кэтэһэбит.

 

 *    *    *

ЁЛКАҔА

Г. Данилов

Намылыйар лабааҕар

Киэргэл бэрдин эринэн,

Килбэчийэр киистэҕэр

Көмүс дуйу бүрүнэн,

Кыраһыабай бэйэкэҥ

Кынтайаахтыы лаглайан,

Күндү алмаас өҥүнэн

Күлүмүрдүү тураҕын.

Эн тулаҕар оҕолор

Хоробуоттаан эргийэ,

Онтон эмиэ сороҕор

Үҥкүлээн да битийэ,

Оһуокайдаан көтүһэн,

Ойон-тэбэн ылабын.

Үүнэр сылы көрсүһэн,

Үөрэ-көтө сылдьабын

    *    *    *

ЁЛКА

Күннүк Уурастыырап

Саргылаах саҥа дьыл

Салаллан кэлиитигэр,

Кэрэчээн ёлканы

Киэргэтэн кээстибит.

Манна баар араас суол:

Күн, чаһы, календарь,

Паровоз, трактор,

Парашют, самолёт.

Манна баар саһылчаан,

Куттамсах куобахчаан,

Саадьаҕай тоҥсоҕой,

Сиэдэрэй күөрэгэй.

Ёлкабыт анныгар

Турар ээ, до5оттоор,

Дьиктилээх бэйэлээх

Дед Мороз о5онньор.

 *    *    *

ТЫМНЫЫЧААН ОҔОННЬОР

И. Артамонов

Баархат халлаан уорҕатыгар

Чаҕылыһар сулустар

Алаас хаардаах сыһыытыгар

Хоробуоттуур курдуктар.

Детсад аанын арыйан

Саҥа Дьылбыт кэлбитэ,

Сандаар уоттаах харыйа

Күлүмүрдүү түспүтэ.

Торуоскатын тыаһатан,

Тымныы-Тымныы оҕонньор

Кырыа бытык быыһынан

Оҕолорго саҥарар:

«Ыраах сиртэн эһиэхэ

Кэһии-бэлэх аҕаллым.

Кэлиҥ биирдии миэхэҕэ –

Бэлэхтэрбин туттартыым.»

Ваня уолчаан аан бастаан

Тоһугураан тиийбитэ,

Куттаммакка ол туран

Хоһоон тылын аахпыта.

Кырыа бытык оҕонньор:

«Маладыаскын!»-диэбитэ.

Суумкатыттан уолчааммар

Суулаах бэлэх биэрбитэ.

Кырачааннар мустаннар

Олус сэргээн көрдүлэр.

Биирдии-биирдии бараннар

Ырыа-хоһоон аахтылар.

Тымныы-Тымныы оҕонньор

Бэлэхтэрин туттарар.

Көрдөөх-нардаах оҕолор

Төгүрүктээн турдулар.

Тымныы-тымныы оҕонньор

Торуоскатын тыаһата,

Тымныы-Тымныы оҕонньор

Дуорааннахтык саҥарда:

“Оҕолоруом, айаммар

Мин билигин барабын.

Ыраах, чугас детсадпар

Бэлэхтэрбин илдьэбин”.

Олох кэрэ эһиэхэ,

Үөрэн-көтөн улаатыҥ!

Сааскы сирэм кэриэтэ

Ийэ сири киэргэтиҥ!»

Эргэ Дьылы атааран

Оҕо аймах чугдаарар.

Харыйаны тулалаан

Чаҕаарыйа сырсаллар.

 *    *    *

ТЫМНЫЫ ОҔОННЬОР

Т. Волгина

Биһиэхэ ыалдьыттыы

Тымныы оҕонньор кэлбит.

Биһиэхэ кэһиитин аҕалбыт.

Бу бааллар фонариктар –

Кыһыл көмүс шариктар.

 *    *    *

САҤА ДЬЫЛ

П. Кудрявцев

Эргийдэ хоровод

Чуор ырыа дьиэрэйдэ.

Саҥа дьылбыт сандаарда,

Ёлкабыт киэргэйдэ!

Кылбачыйар, килбэчийэр

Хас биирдии иннэтэ

Музыкабыт кутуллар,

Ёлкабыт киэргэйэр.

Таһырдьа сүр хатаннык

Чысхаан тыал иһиирэр.

Айаннаан ол истэҕэ

Дед Мороз ёлката!