Степан Дадаскинов кыра саастаах оҕолорго ийэҕэ анаммыт хоһоонноро.
Барыбыт ийэлээхпит
Кулунчук ийэлээх,
Куобахчаан ийэлээх,
Кубачаан ийэлээх,
Кокууккам ийэлээх.
Вася уол ийэлээх,
Маша кыыс ийэлээх,
Тима уол ийэлээх,
Таня кыыс ийэлээх.
Ийэтэ суох оҕо
Суох эбит оччоҕо.
Күн кэрэ бэйлээх
Ким бары ийэлээх.
Оҕолор барыбыт
Ийэни таптыыбыт.
Мйэлээх буоламмыт
Иэйэммит ыллыыбыт.
Ийэбит илиитэ
Эмиийин эмнэрбит,
Эмсэхтээн аһаппыт,
Сууннарбыт, тараабыт,
Сылаастык суулаабыт
Ийэбит илиитэ,
Ийэбит илиитэ.
Аан бастаан хаамтарбыт,
Атылы уурдарбыт,
Ыҥырбыт, угуйбут,
Ыраахха илдьибит
Ийэбит илиитэ,
Ийэбит илиитэ.
Ыарахан ыарыыга
Ыксыырбыт саҕана
Сүүспүтүн туппута,
Сүрэҕэр кууспута
Ийэбит илиитэ,
Ийэбит илиитэ.
Ол курдук кэрэтик,
Ол курдук күндүтүк
Өрүүтүн-мэлдьитин
Өйүүр дии, кууһар дии
Ийэбит илиитэ,
Ийэбит илиитэ…
Ийэм кэлиэн иннинэ
Ийэм кэлиэн иннинэ,
Хоһум иһин хомуйуом.
Ийэм кэлиэн иннинэ,
Иһиттэри мин сууйуом.
Ийэм кэлиэн иннинэ,
Маспын кыстаан бүтэриэм.
Ийэм кэлиэн иннинэ,
Уубун баһан кэбиһиэм.
Ийэм кэлиэн иннинэ,
Уруоктарбын үөрэтиэм.
Ийэм кэлиэн иннинэ,
Бырааппынаан күүлэйдиэм.
Соруйбута туолбутун,
Бары бэлэм буолбутун
Ийэм кэлэн көрүөҕэ,
Ийэм онтон үөрүөҕэ.
Ийэбит сынньаннын
Оҕолоор, ийэбит сынньанын,
Олуһун сылайыа — сынньаннын.
Оһоҕу бэйэбит оттуоҕуҥ,
Остуолу, иһити сууйуоҕуҥ.
Маспытын бэйэбит кыстыаҕыҥ,
Муостаны бэйэюит харбыаҕыҥ.
Ол кэннэ барыбыт мустуоҕуҥ,
Оргууйдук, тыаһа суох оонньуоҕуҥ.
Оҕолоор, ийэбит сынньаннын,
Олуһун сылайыа — сынньаннын.
Утуйан-нуурайан ылыаҕа,
Уох-сэниэ мунньунан туруоҕа!
Ийэбит үөрүөҕэ
Оҕолоор, чуумпуруҥ,
Оргууйуҥ, олоруҥ.
Ийэбит ол иһэр,
Иэхэйбиэн! Ол иһэр!
Киирэрин кытары
Киниэхэ утары
Сырсаммыт тиийиэхпит,
Сыллыахпыт, кууһуохпут.
Кулгааҕар сипсийэн
Куотуһан этиэхпит:
«Хоспутун, дьиэ иһин
Хомуйан кээпсиппит!»
Ийэбит үөрүөҕэ,
Ол иһэр — үөрүөҕэ
Оҕолоор, чуумпуруҥ,
Оргууйуҥ, олоруҥ…
Ийэкээ, эйиэхэ ыллыыбыт
Ийэкээ, эйиэхэ ыллыыбыт
Истиҥтэн-истиҥ ырыаны.
Эйигин олуһун таптыыбыт,
Таптыахпыт үйэ-саас тухары.
Эн кэрэдаҕаны киһигин,
Күн тэҥэ биһиэхэ күндүгүн.
Биһиги хас биирбит биһигин
Бигииргэр ылаабыт үһүгүн.
Арыый да өйдөнөн, улаатан,
Аптаах ол ырыаҕын истэммит,
Эйиэхэ илииги даллатан
Эйэргиир-мичээрдиир этибит.
Ол кыра чыычаахтар бу бүгүн,
Ийэкээ, эиэхэ ыллыыбыт.
Күн тэҥэ биһиэхэ күндүгүн,
Кэрэттэн кэрэҕин туойабыт!
Ол — ийэ, мин ийэм..
— Ити ким оргууйдук хаамарый?
— Мин ийэм, күн ийэм турдаҕа.
— Ити ким оһоҕу отторуй?
— Мин ийэм, күн ийэм буоллаҕа.
— Бу хантан минньигэс сыт кэлэр?
— Мин ийэм ас астаан эрдэҕэ.
— Бу хантан ичигэс илийэр?
— Мин ийэм аттыбар кэллэҕэ.
— Субу ким сылаастык сыллыырый?
— Ол — ийэ, күн ийэ, мин ийэм.
— Сбу ким үөһэ тыынарый?
— Ол — ийэ, күн ийэ, мин ийэм!
Ийэм ырыата
Мин ийэм ырыата,
Суһуоҕун кэриэтэ,
Намылхай, нап-намыын.
Мин ийэм ырыата,
Ытыһын кэриэтэ,
Сып-сылаас, нап-нарын.
Мин ийэм ырыатын
Долгуйан, итийэн
Таптыыбын, олуһун.
Мин ийэм ырыатын
Өйбүттэн, сүрэхтэн
Сүтэриэ мин суохпун.
Мин ийэм ырыатын
Истиҥэ, иэйиитэ
Сырдыкка угуйар.
Мин ийэм ырыатын
Дьиктитэ-кэриэтэ
Дьиэрэйэр, субу баар!
Иннокентий Сосин
Ийэбитигэр
Күндү ийэбит биһиэнэ —
Үрүҥ күммүт кэриэтэ
Маннык күлэ, мичилийэ
Мэлдьи эдэр буол эрэ.
Ол иһин оҕо сааска
Салгыбакка сылдьыахпыт.
Тиэтэйбэккэ улаатарга
Сөбүлэһиэ этибит
А. Кондратьев
Ийэ мичээрэ
Ийэ мичээрэ
Истиҥ, кэрэ:
Күн уотуттан
Күндү курдук,
Көй салгынтан
Күүстээх курдук.
Ийэ мичээрэ
Элбэххэ үөрэтэр:
Эйэҕэс буоларга,
Эйэни буларга,
Сырдыгы эрэ
Сыдьаайа сылдьарга.
Ийэ мичээрэ
Искэр иҥэрэр
Олоххор тапталы
Бар дьоҥҥо махталы,
Эр хорсун санааны,
Эрэллээх буолууну.
В. Фролов
Ийэм туһунан
Кулун тутарга ханна эрэ саас унаарар,
Отон манна кыстык хаар тунаарар.
Ийэм суоҕар күн анна
Күлүгүрэр, көйгөтүйэр.
Төһө да тымныы буоллар,
Ийэм мичээрин мин,
Сыдьаайар күн көрбөтүнүү,
Сылаастык саныыбын.
Р. Тимофеева-Михайлова
Ийэни эн харыстаа
Ийэттэн ордук күндү
Ким баарый бу сиргэ?
Арылхай сырдык күнү
Ким эйиэхэ көрдөрүөй?
Ийэттэн ордук эйиигин
Ким истиэй, сүбэлиэй?
Истиҥ иһирэх тыллары
Ким эйиэхэ этиэй?
Ийэттэн ордук эйиэхэ
Ким кыһаллыай, өйдүөй?
Кини курдук круутун
Ким эйиигин көмүйскүөй?
Ийэттэн ордук киһини
Эн булуоҥ суоҕа бу сиргэ,
Ийэни эн таптаа,
Ийэни эн харыстаа.
С. Докторова — Айар Саргы
˜ ˜ ˜
Ийэлээх буоламмын бу сиргэ
Олохпун тулалыыр күөх чараҥ,
Бу кэрэ чэлгийэр киэҥ дуолга
Саҥа күн күлүмүн көрсөбүн.
Ийэлээх буоламмын бу сиргэ
Дьыбардаах да халлаан сып-сылаас,
Сымнаҕас ытыска сууланан
Тоҥору-хатары билбэппин.
Ийэлээх буоламмын бу сиргэ
Көмүскэл санаалаах сылдьабын,
Ийэккэм алҕаабыт күөх оттоох
Алгыстаах суолунан хаамабын.
Ийэлээх буоламмын бу сиргэ
Нап нарын эйгэни билэбин,
Күннэтэ тапталга бигэнэн
Дьол көмүс тыытынан устабын.
Ийэлээх буоламмын бу сиргэ
Көҥүллүк дуоһуйа тыынабын,
Ыллыыбын, туойабын, үөрэбин,
Олоҕу олустук таптыыбын.
Е. Потапова — Айыына
Ийэҕэ
Сылаас, истиҥ мичээрдээх,
Сымнаҕас, намчы илиилээх,
Ийэ, ийэ барахсан,
Кини ийэ барахсан.
Ким иннинэ туруоҕа,
Күнү кытта сырсыаҕа,
Күлэ-үөрэ сылдьыаҕа,
Күлүмүрдүү сырдыаҕа.
Таптыыр уолун күүтүөҕэ,
Таптыыр кыыһын кэтиэҕэ,
Түбүгүрэн да ылыа,
Барытыгар кыһыаныа.
Күнүһүн үлэҕэ буолуоҕа,
Түүнүн түһээн көрүөҕэ,
Эн тускар кыһыаҕа,
Эрэллээх доҕорун дэтиэҕэ…
Ыарыйдаргын ыксыаҕа,
Ыксаҕар кэлиэҕэ,
Ыксары кууһуоҕа,
Күнүн-ыйын барыаҕа.