Монгол остуоруйата «Киһи уонна баабыр» (Чуораанчык №8, 2016 с)
Арай биирдэ баабыр уолун ыҥырбыт уонна:
-Тоойуом, эн улааттыҥ, онон “киһи” диэн ааттанар икки атахтаахха хаһан да чугаһаабат буол, — диэн кэриэһин этэн баран, кырдьаҕас аҕа өлөн хаалбыт. Эдэр баабыр, аҕатын сүбэтин истибэккэ, киһи диэн кимин билиэн баҕарбыт, кинини кытта өй былдьаһарга санаммыт.
Биирдэ оҕуһу көрсүбүт:
— Эк киһигин дуо?
— Суох мин о5успун.
— Онтон киһини билэҕин дуо?
— Хайдах билиэм суоҕай, мин киниэхэ үлэлиибин. Муннубун көр эрэ, ити киһи гыммыта. Үрдүбэр олорон, миигин көлүйээри, сыарҕаны туттарар оҥорбута.
— Ол аата киһи оннук улахан дуо?
— Эс, суох. Муоһум икки ардыгар батар кыахтаах.
«Дьиктитин, киһи кыра эрээри, оҕуһу үлэлэтэр эбит ээ» диэн соһуйбут уонна салгыы сүүрбүт. Утары тэбиэн иһэрин көрсүбүт.
— Киһигин дуо? – баабыр ыйыппыт.
— Суох, мин тэбиэн диэммин. Тоҕо киһини көрдөөтүҥ?
— Ким өйүнэн баһыйарын билиэхпин баҕарабын: мин дуу, кини дуу?
— Ээ. барахсан, санаммыккын дии! Киһиттэн ордук күүстээх сир үрдүгэр суох!
— Ама, кини оннук улахан уонна күүстээх дуо?
— Суох, кыра. Холобур, үрдүбэр олороору гыннаҕына, мин тобуктаан биэрэбин
— Уонна киһиэхэ көлө буолаҕын?
— Муннубун көр. Итини тардан миигин иһитиннэрэр.
— Дьикти эбит! – диэн саҥа аллайбыт баабыр.
— Туох дьиктитэ баарый? Киһи күүһэ – мындыр өйүгэр. Ол киниэхэ былааһы уонна күүһү биэрэр.
Баабыр салгыы сүүрбүт. «Киһи оннук кыра уонна мөлтөх буоллаҕына, мин кинини таах кыайабын. Өйүн былдьыахха наада» дии санаабыт уонна тыа диэки сүүрбүт. Арай иннигэр мас кэрдээччи иһэр.
— Эн киһини көрбүтүҥ буолаарай? – баабыр ыйытар.
— Дьэ, бу иннигэр турабын, — диэбит мас кэрдээччи. Куттаммытын биллэрбэт буола сатаабыт. Баабыр кинини көрөн туран: «Чахчы, улахана суох, бииодэ охсон түһэриэхпин сөп эбит» дии санаабыт.
— Миигин кытта киирсэр кыахтааххын дуо? – диэн саарбахтаабыттыы ыйыппыт.
— Биллэн турар. Мин күүһүм – мындыр өйбөр!
— Дьэ, эрэ, ол өйгүн көрдөр, — диэн баабыр күүскэ эппит.
— Сөп. Ол эрээри, бүгүн өйбүн дьиэбэр хаалларан кэбиспиппин. Миэхэ бара сылдьыахха, өйбүн көрдөрүөм.
Иккиэн сүүрбүттэр. Дьиэтигэр чугаһаат, киһи тохтуу биэрбит уонна эппит:
— Эн манна хаал. Салгыы бэйэм барыам. Ыттар тутан сиэхтэрэ. Сибилигин кэлиэм.
Хааман иһэн, тохтуу түспүт уонна:
-Уой, мин куттанабын! – диэн хаһыытаабыт.
— Туохтан? – баабыр соһуйбут.
— Кэннибиттэн саба түһүөҥ дии.
«Куттас» диэн иһигэр санаат, баабыр:
— Чэ, оччоҕуна миигин быанан маска кэлгий уонна түргэнник дьиэҕэр бар. Өйгүн аҕала оҕус!
Мас кэрдээччи баабыры кэлгийбит уонна баран хаалбыт. Чочумча буолаат,хаппыт лабаалары хомуйан аҕалан, мас тула уурталаабыт уонна:
— Эппит тылбар турдум. Билигин киһи мындыр өйүҥ билиэҥ! – диэн баран, уот анньыбыт уонна куотан хаалбыт.
Уот күөдьүйэн тахсан, баабыры сиэн барбыт. Дьолго, быата умайан. баабыр босхоломмут уонна буута быстарынан куоппут.
Дьэ, онтон ыла баабырга уот сиэбит суола хаалан, эриэн дьүһүннэммит. Кини ити кэннэ киһини кытта өй былдьаһар туһата суоҕун этинэн-хаанынан билбит.
Ненец остуоруйата «Кэҕэ» (Чуораанчык №9, 2019 с.)
Дьэ, маннык буолбуттаах.
Сир үрдүгэр биир дьадаҥы дьахтар олорбут. Кини түөрт оҕолоох.
Оҕолор мйэлэрин тылын истибэттэр, хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри хаарга буккуллаллар .
Чуумҥа төннөллөрүгэр тыс этэрбэстэрин толору хаары симэн киирэллэр, ону ийэлэрэ ыраастыахтаах.
Таҥастарын ибили сытыталлар, ону ийэлэрэ куурдуохтаах.
Ийэлэригэр ыарахан этэ.
Биирдэ сайын ийэлэрэ үрэххэ балыктаабыт. Ол киниэхэ ыарахан эбит да, оҕолоро кэлэн көмөлөспөтөхтөр.
Итинник олохтон, итинник ыарахан үлэттэн ийэлэрэ ыалдьыбыт. Чуумҥа сытан, оҕолорун ыҥыран, көрдөһөр:
— Оҕолорум, уута аҕалыҥ. Күөмэйим куурда. Уута аҕалыҥ даа.
Биирдэ-иккитэ эрэ буолбакка, бэрт элбэхтик көрдөһөр. Оҕолор уу баһа барбаттар.
Улаханнара этэр:
— Этэрбэһим суох.
Ортолоро этэр:
— Бэргэһэм суох.
Үһүстэрэ этэр:
— Таҥаһым суох.
Онтон төрдүстэрэ адьас да саҥарбыт.
Онуоха ийэлэрэ этэр:
— Биһигиттэн үрэх чугас, таҥаһа да суох уу баһан аҕалыахха сөп. Күөмэйим кууран иэдэйдим. Уу иһиэхпин баҕарабын.
Оҕолоро күлсэ-күлсэ таһырдьа сырсан тахсыбыттар. Өр оонньообуттар. Чуумҥа ийэлэригэр киирэ сылдьыбатахтарю
Онтон улаханнара аһыан баҕарбыт – чууму өҥөйөн көрбүт.
Көрбүтэ, ийэтэ чуум ортотугар турар эбит. Арбаҕаһын кэтэ сатыыр.
Эмискэ арбаҕаһа түүнэн бүрүллэ түспүт.
Тирии имитэр сүлүгэс маһын ылбыта, көтөр кутуруга буолан хаалбыт.
Сүүтүгэ тимир тумус буолбут.
Илиилэрин оннугар кынаттар үүммүттэр.
Ийэлэрэ көтөр буолбут да, чуумтан көтөн тахсыбыт.
Улахан уола хаһыытаабыт:
— Бырааттарыам, көрүҥ-көрүҥ, ийэбит кынаттаах кыыл буолан көттө.
Онуоха бырааттара сырсан кэлэн, ийэлэрин батыһа хаһыытаһаллар:
— Ийээ, биһиги эйиэхэ уу аҕаллыбыт.
Онно ийэлэрэ хардарар:
— Ку-куу, ку-куу! Хойутаабыккыт, хойутаабыккыт. Мин иннибэр аны күөллэр мэндээрэллэр. Мин дэлэй ууга көттүм.
Оҕолор ийэлэрин кэнниттэн ыҥыра-ыҥыра, хомуостаах ууну уунан баран сырсыбыттар.
Кыра уол хаһыытыыр:
— Ийээ, Ийээ! Дьиэҕэр төнүн, мэ бу ууну! Ийээ, ис!
Ийэтэ ыраахтан хардарар:
— Ку- куу, ку-куу! Хойутаабыккын, уолчааным, аны төннүбэппин.
Оҕолор ити курдук ийэлэрин кэнниттэн үгүс күнү-түүнү аһаран эккирэппиттэр – хайыр тааһы кэһэн, бадарааны туораан, дүлүҥ устун ойуолаан.
Атахтарыттан хаан оҕуолаабыт. Сүүрэн ааһар сирдэригэр хааннаах суол хаалан испит.
Ийэлэрэ кэҕэ буолан оҕолорун букатын бырахпыт.
Онтон ылата кэҕэ бэйэтигэр анаан уйа туттубат, оҕолорун көрбөт-истибэт.
Ол кэмтэн ыла туундара кыһыл муоҕунан тэлгэнэр буолбут.
Эбээн остуоруйата «Чыычаахтаах кутуйах» (Чуораанчык №11, 2017 с.)
Чыычаах уонна кутуйах олорбуттар. Кыһын сиир астарын хаһаанар түбүгэр түспүттэр. Кутуйах чыычаахха эппит:
— Чыычаах, бииргэ аһыыр буолуохха. Бастаан эн хаһааскын сиэххэ, онтон бүттэҕинэ миэнин.
Чыычаах сөбүлэспит. Кини аһа-үөһэ, оттон кутуйах киэнэ хороонугар.
Күн-дьыл ааспыт. Чыычаах хасааһын сиэн бүтэрбиттэр. Онуоха чыычаах эппит
— Чэ , кутуйах, аны эн хаһааскын сиэххэ
Итини истээт, кутуйах хороонугар дьылыс гыммыт уонна ыҥырбыт:
— Чэ, дьүөгэ, мин дьиэбэр киир, аас, кыбыстыма!
Чыычаах киирэ сатаабыт да, кынатыттан иҥнибит. Онуоха кутуйах этэр:
— Сатаан киирбэтэххинэ сырыттаҕын дии. Бэйэҥ соҕотоҕун олор.
Чыычаах кыыһырбыт:
— Сымыйаччы эбиккин!Хантан дьүөгэ буолуоххунуй? Итини билбитим буоллар, эйигин аһатыа суохтаах этим. Мин хайдах буолабын? Тойоммор хотойго үҥсүөм.
— Куттаама! Мин эмиэ хотуннаахпын, моҕойго этиэм.
Чыычаах соҕотоҕун олорбут. Күнү быһа ас көрдөөн түбүгүрэр. Туох кэлиэй? Барыта хаар анныгар хааллаҕа.
Биирдэ чыычаах ас көрдүү сырыттаҕына,хотой көтөн кэлбит.
— Бу хайыы сылдьаҕын? – чыычаахтан ыйытар.
— Аһыыр аспын көрдүүбүн, — чыычаах хорйдуур.
— Тоҕо хаһаамматаххыный?
— Хаһааммытым да, кутуйах албыннаабыта, — диэбит уонна хотойго барытын кэпсээн биэрбит.
— Санаарҕаама. Биһиги мунньахтыахпыт Кутуйахтан эн өлүүгүн ылыахпыт. Хотугунугар моҕойго этиэм. Мунньахха аймахтаргын көтөрдөрү ыҥыр. Кутуйахха эмиэ эт, доҕотторун ыҥырдын.
Хотой барбытын кэннэ, чыычаах кутуйахха тиийэн, мунньах туһунан кэпсээбит.
Кутуйах эппит:
— Ол эмиэ тугун мунньаҕай? Син биир тугу да биэриэм суоҕа!
— Тойонум хотой илдьиттээтэ. Бар, доҕотторгун ыҥыр!
Кутуйах доҕотторун ыҥыра барбыт. Чыычаах эмиэ аймахтарыгар көппүт. Сотору бары мустубуттар. Көтөр арааһа кэлбит: кустар. хаастар, куруппааскылар, улардар, кубалар, бочугурастар, тураахтар уонна да атыттар. Хотой тойон эмиэ.
Кутуйах аймахтара уонна араас чиэрбэлэр моҕой хотуннарын кытта бары бииргэ кэлбиттэр.
Хотой эппит:
— Көтөрдөр уонна сир олохтоохторо, миигин истиҥ! Күһүн чыычаахтаах кутуйах астарын бииргэ хаһааммыттар. Ону бары бэркэ билэҕит. Чыычаах аһа бүтүөр диэри эйэ дэмнээхтик олорбуттар. Билигин чыычаах хоргуйан өлөр кутталлаах. Кутуйах кинини аһатар санаата суох.
Онуоха моҕой ыйыппыт:
— Ким оннук гыммытай?
Кутуйахтар чыбыгырыы түспүттэр:
— Биһиги ортобутугар сымыйаччы суох! Оннук кутуйах баарын билбэппит!
Моҕой хотойго эппит:
— Чыычааххын бэйэҥ аһат, биһиги тугу да биэрбэппит!
Онуоха хотой уонна моҕой охсуһан турбуттар. Хотой кынатынан моҕойу сырбаппыт, биирэ нэһиилэ куоппут.
Хайыыр да кыах суох, кутуйах хасааһын аҥаарын чыычаахха биэрбит.
Чукча остуоруйата «Кыыс уонна ыйдаҥа» (Чуораанчык №6, 2008 с.)
Былыыр-былыр соҕотох кыыстаах чукча олорбут. Кыысчаан аҕатыгар соҕотох көмөлөһөөччү. Сайын үөрүн түһүлгэттэн тэйиччи илдьэн мэччитэр. Кыһын букатын ыраах баран маныыр. Өйүө эрэ ылан барар.
Арай биирдэ көлө табата халлааны хантайан туран эппит:
— Көр, көр!
Кыысчаан халлааны көрбүтэ: Ыйдаҥа икки көлүүр табанан түһэн иһэр.
— Ханна айаннаан иһэрий? Тугу гына? – ыйыппыт кыысчаан.
— Эйиигин уоруон баҕарар! – табата хардарбыт.
— Хайдах буолабын? Миигин илдьэ барыа! – кыыс ыксыыр.
Табата хаары туйаҕынан хаһыйа тэбиэлээбитигэр оҥхой үөскээбит.
— Манна олоро оҕус!
Кыысчаан олорбут. Табата хаарынан көмөн бурҕаҥнатан кэбиспит. Кыыс оннугар хаар дулҕа үөскээбит.
Ый табаларын тохтотон наартатыттан түспүт. Кэрийэ сылдьан тула көрөр – кыыһы көрдүүр да, булан көрбөр. Хаар дулҕаны көрөн да, олох да аахайбат.
— Тугун дьиктитэй? – диир Ый, — Кыыс ханнаный? Булуом суох. Кэлин түһүөм. Онно хайаан да булан илдьэ барыам.
Наартатыгар олорбут, табалара кинини халлааҥҥа өрө көтүтэн таһаарбыттар.
Ый бараатын кытта таба хаары хаһыйбыт. Кыысчаан тахсаат эппит:
— Түргэнник түһүлгэҕэ барыах! Ыйдаҥа көрдөҕүнэ эмиэ түһүө. Оччоҕо кыайан саһыам суоҕа.
Наартаҕа олороотун кытта табата муҥунан түһүммүт. Түһүлгэҕэ кэлэн тордоҕор киирбитэ – аҕата суох. Ким көмөлөһүөй?…
— Саһа оҕус. Билигин Ыйдаҥа эккирэтэн кэлиэ, — табата ыксатар.
— Ханна саһабын?
— Мин эйигин туохха эмэ кубулутуум! Арай таас гыннахпына?
— Билиэ!
— Тордох сиэрдийэтигэр!
— Билиэ!
— Тордох түүтүгэр!
— Билиэ, билиэ!
— Тордох түүтүгэр!
— Билиэ, билиэ!
— Тугу гынабын? Ыһыырынньыкка кубулутуум!
— Бэрт, бэрт!
— Чэ, олор!
Кыысчаан олорунан кэбиспит. Табата табыйбыт — кыысчаан ыһыырынньыкка кубулуйбут. Тордох иһин сырдыгынан толорбут.
Ый буоллар эмиэ үөр табаны бүтүннүү кэрийэн көрбүттуонна түһүлгэҕэ көтүтэн кэлбит.
Табаларын баайан, тордоххо киирэн көрдөөбүт. Сиэрдийэлэр икки ардыларын, иһити-хомуоһу, тирии түүтүн сааһын, орон мастарын бүтүннүү көрбүт — кыысчаан ханна да суох.
Ыһыырынньык сып-сырдык, Ый эмиэ сып-сырдык, ол иһин сырдыгы өйдөөн көрбөт.
— Дьикти, — диир Ыйдаҥа. – Ханнаный кыысчаан? Эмиэ туга да суох төннөр буоллум.
Тордохтон тахсан табаларын сүөрэн наартатыгар олорбут. Ол кэмҥэ кыыс дьиэли (аан сабыыта) сэгэтэн быһар быһаҕаһыгар диэри быган туран, күлэ-күлэ, Ыйга хаһыытаабыт:
-Мин бу баарбын! Бу баарбын!
Ый тордоххо ыстаммыт. Кыыс буоллар эмиэ ыһыырынньыкка кубулуйбут.
Ый эмиэ көрдөөн барбыт. Мутуктары, сэбирдэхтэри, түү быыһын, сири кытары сүргэйбит — кыыс суох!
— Тугун дьиктитэй?!Кыыс ханнаный? Ханна сүттэ? Быһыыта кураанах төннөр буоллум.
Тахсан табаларын сүөрэ турдаҕына кыыс тордохтон быган туран күлбүт уонна хаһыытаабыт:
— Бу баарбын! Бу баарбын!
Ый тордоххо ойон киирбит, эмиэ көрдөөбүт. Барытын түөрэ сүргэйбит, кыайан булбатах…
Көрдүүрүттэн сылайан, бырда быстыбыт. Ыанан хаалбыт, нэһиилэ атаҕын сыҕарытар, илиитин көтөҕөр буолбут.
Кыыс ону көрөн куттаммыта ааһан хаалбыт. Бэйэтинэн буолбут уонна тордохтон ойон тахсан Ыйдаҥаны тиэрэ анньан кэбиспит, илиитин-атаҕын кэлгийбит.
— Тыый! Өлөрөөрү гынныҥ дуо! Чэ хайыамый, бэйэм буруйдаах буоллаҕым – эйиигин уоран халлааҥҥа илдьэ барыахпын баҕарбытым. Арай салҕыаҥ иннинэ тордоххо киллэрэн итиннэрэ түс, олус дьагдьайдым…
Кыыс дьиктиргээбит:
— Хайдах дьагдьайдыҥ? Мэлдьи көҥүогэ, таһырдьа сылдьаҕыҥ, дьиэҥ суох, онон манна да сыт ээ!
— Оччоҕо дьиэтэ суоҕу ыытан кэбис! Дьоҥҥор-сэргэҕэр көрү-нары аҕалыам. Ыыт миигин – норуоккар сирдьит буолуом. Ыыт миигин – күнүһү түүнүнэн солбуйуом. Ыыт миигин – дьоҥҥор күн-дьыл кээмэйэ буолуом. Бастаан Эргэ оҕус буолуом, онтон Тугут төрүүр ыйа буолуом, онтон Уу ыйа, онтон Сэбирдэх ыйа, онтон Куйаас түһэр ыйа, онтон таба муоһун аалынар ыйа, онтон Кыһын саҕаланар ыйа, онтон Күн кылгыыр ыйа…
— Ыыттахпына, күүһүрэн-уоҕуран, сэниэлэнэн баран миигин уора кэлиэҥ суоҕа дуо?
— Эчи, суох! Хантан! Эн олус булугас өйдөөххүн! Аны хаһан да халлаантан түһүөм суоҕа! Ыыт — сырдатыам!
Кыыс ыыппыт – Ыйдаҥа тыкпыт.
Калмык остуоруйата «Үс ини-биилэр» (Чуораанчык №6, 2002 с)
Үтүмэн үгүс сыллар анараа өттүлэригэр оҕонньордоох эмээхсин олорбуттара үһү. Кинилэр кугас ыттаах, сур биэлээх эбиттэр. Биэлэрэ күҥҥэ үстэ төрүүр эбит: сарсыарда, күн ортотугар итиэннэ киэһээ. Биирдэ эмээхсин оҕонньоругар эппит:
— Ийэтин иһиттэн буруоллаппытынан ылыллыбыт кулунчук этин сиирим буоллар, эдэрбэр түһүөм этэ. Биэбитин өлөрүөххэ эрэ.
— Аһатар-сиэтэр баар-суох биэбитин өлөрдөхпүтүнэ, ыал устун барбаппыт дуо?! – диэбит оҕонньор. Оттон эмээхсин оҕонньорун сулуй да сулуй буолбут:
— Эдэрбэр түһүөхпүн баҕарабын! – Уонна, биэтин көрдөтө ытын ыыппыт.
Ыт биэтин үүрэн аҕалбыт. Оҕонньордоох эмээхсин сүр тиэтэлинэн быһахтарын үрдүгэр түспүттэр. Эмээхсин дьаһайбыт:
— Ыт, быата аҕал эрэ!
Ыт бөҕө-таҕа быаны булан аҕалбыт.
Оҕонньордоох эмээхсин сур биэлэрин быанан кэлгийэн баран, өлөрөрдүү ьэриммиттэр. Биэ ону билэн, өрө чиччигинии түспүт, быаны быһа тыыллыбыт, оҕонньордоох эмээхсини уҥа-хаҥас бырахпыт уонна төлү көтөн, кутуруга куйаара турбут. Буоллаҕа ол.
Биэ түүннэри-күннэри сүүрбүт уонна хан олорор сиригэр тиийбит. Иһиттэҕинэ ким эрэ, ханна эрэ ытаан сыҥсыйар эбит. Онно сүүрбүт уонна көрбүт: саҥа төрөөбүт үс кыра оҕо умуһахха ытаһа сыталлар үһү. Аҕаларын хан сэриигэ утаарбыт, ийэлэрэ хоргуйан, тоҥон өлбүт. Биэ уолаттары уорҕатыгар бырахпыт итиэннж уордаах хан олоҕуттан ыраах куоппут.
Сүүрэн испит, сүүрэн испит уонна халыҥ ойуурга тиийбит. Оттон-мастан хахха оҥостубут итиэннэ оҕолору бэйэтин үүтүнэн аһатан барбыт.
Уолаттар улаатыахтарыгар диэри киниэхэ олорбуттар. Оттон биэ син биир сарсыарда төрүүр, күнүс төрүүр, киэһэ төрүүр. Онон сири-дойдуну кини кулунчуктара, убаһалара толорбуттар. Бэркэ олорбуттар уоллаттар иитэр-аһатар биэлэрин кытта!
Биирдэ биэлэрэ кинилэргэ этэр:
— Биһиги арахсарбытыгар тиийэбит. Мин кырыйдым-буорайдым. – Инньэ диэт хара былыкка кубулуйар. Хара былыт халлааҥҥа көтөн тахсыбытыгар, уолаттартан аччыгыйдара ытыыр. Ону истэн былыт халлаантан сиргэ түһэр, былыттан биэ тахсан кэлэр уонна ыйытар:
— Тоҕо ытыыгын? Улахан убайыҥ, көр, эт буһарар. Киниэхэ бар! Чэ!
Уолчаан убайыгар сүүрэр. Биэ эмиэ хара былыкка кубулуйар, кубалыы хаһыытыыр иниэннэ халлааҥҥа дайан тахсар. Кыра уол сайыһан, эмиэ ытаабытынан барар. Биэ халлаантан эмиэ сиргэ түһүөр диэри ытыыр.
— Эн оҕо ытыыгын? — биэ ыйытар.
— Миэхэ аат биэрбэтиҥ, мин аата-суола суох хааллым… – уол хардарар.
— Күөх томторго көҥүлүнэн күөлэһийбит Көкөөдө Муударай диэн буолуо эн аатыҥ – диир биэ.
Уолга итинник ааты биэрэн баран, биэ эмиэ былыкка кубулуйан, халлааныгар көтөн хаалар. Үс ини-бии сиргэ бэйэлэрэ хаалбыттар. Дьиэ туттубуттар, онтулара халааҥҥа үс илии тиийбэт эбит. Үс ини-бии оннук олорбуттар. Онтон биирдэ кыралара инилэригэр этэр:
— Биһиги хайдах маннык тураҕас олоробутуй? Кэргэннэ көрдүөххэйиҥ.
Көкөөдө Муударай көҕөччөр атын көлүйэргэ сорудахтыыр.
Көкөөдө Муударай айаннаан сикситэн иһэн бэрт ыраах хараҥаччыны дуу, сахсырҕа саҕа туох эрэ чыычааҕы дуу көрөр. Чугаһаан кэлэн иэччэҕэ суох үрүҥ ааннаах кибиткаҕа кэтиллэр. Атыттан түһэн, үрүҥ көмүс уктаах кымньыытын туппутунан кибиткаҕа киирэр уонна уҥа ороҥҥо олорор. Хаҥас ороҥҥо биир эмээхсин ас астыыр. Кини иннигэр көрүөхтэн кэрэ эдэркээн кырасаабысса суһуоҕун өрүнэр. Эргийдэҕинэ, кини кэрэтин сырдыгыттан акыйаан хас биирдии балыгын ааҕа көрүөххэ сөп курдук. Кини сандаарар иэдэһин сыдьаайыгар атыыр үөрүн ааҕыахха, хараҕын күлүмүгэр түүннэри суруксуттуохха сөп буолуо. Эмээхсин киирбит киһиэхэ ордоотообут:
— Эй, бу эн муна-тэнэ сылдьар, модун бэйэлээх, итии иэдэстээх, уоттаах харахтаах хайалара буолаҕын, хантан күөрэйдиҥ?
Көкөөдө Муударай наҕыллык хардарбыт:
— Мин муна-тэнэ сылдьар муҥнаах буолбатахпын, харахтарым хатан уота суохтар, иэдэстэрим итиинэн илийбэттэр, мин көннөрү киһи оҕотобун. – Инньэ диэт саҥата суох барбыт. Олорбохтоон баран эппит:
— Дьиэҕит тойоно ханнаный?
— Сылгыларын көрө барбыта, — диэбиттэр дьиэлээхтэр Көкөөдө Муудараай кибиткаттан таһырдьа тахсыбыт. Кырасаабысса кинини батыспыт. Биир да тылы быктарбакка, биирдэ да көрөн ылбакка, уолга иэдьэгэйтэн оҥоһуллубут үс лэппиэскэни биэрбит. Көкөөдө Муударай көҕөччөрүн мииммит, кыыс диэки хайыһан да көрбөккө, салгыы айанныы турбут. Истиэп устун көтүппүт.
Арҕааттан ардах куппут, илинтэн хаар кыыдамнаабыт. Арай биирдэ көрбүтэ киниэхэ уун-утары биэс бастаах дьулаан күтүр – Муса иһэр эбит.
— Ха-ха-ха! Куп-куһаҕан сордоох иһэр, — диэн көхсүн иһигэр тойуктаах эбит. Кинини тыһаҕас саҕа улахан, түүтэ соролоон түспүт ыт батыспыт. Бараан саҕа таастары ытыра-ытыра киэр тамныы иһэр. Көкөөдө Муударай ыкка биир лэппиэскэни бырахпыт. Ыт айаҕар түһэрэн, сиэн баран, салгыы сүүрбүт. Үрбэт эбит. Көкөөдө Муударай эмиэ лэппиэскэ бырахпыт. Ону эмиэ сиэбит. Киһиэхэ сүүрэн кэлбит, аттыгар эккилээбит.
Ол кэмҥэ биэс бастаах Муса санаабыт: “ Сир үрдүгэр миигин уонна мин икки инибин кыайыах биир да киһи суох. Ол үрдүнэ ытым ити тоҕо киһини албыннаһарый?“
Муса уолга чугаһаан кэлбит уонна эппит:
— Эй, эн, бу уоттаах харахтаах, итии иэдэстээх муна-тэнэ сылдьар ким диэн буолаҕыный? – Онуоха уол хардарбыт:
— Мин муна-тэнэ сылдьар муҥнаах буолбатахпын, итиэннэ хараҕым хатааһыннаах уота суох, иэдэстэрим итиинэн илгийбэттэр. Мин көннөрү киһи уолабын. Эн төһө да элбэх бастаах буолларгын, акаары сордоох эбиккин.
Көкөөдө Муударай инньэ диэт Муса биэс баһын кытта охсуһан барбыт, бастарын кэтэҕэр анньан, биэс баһы кытта мадьыктаспыт. Охсуһуу дуолаана буолбут, кырыс сир кыырпах буорга кубулуйбут. Охсуһуу омунуттан улуу акыйааннар уолан, чалбахтыы эрэ чалымнаспыттар. Охсуһуу уорааныттан таас хайалар налыы сыһыыга, оттон налыылар төттөрү таас хайа буолбуттар.
Кинилэр түөрт уон оҕус түүннээх күн охсуспуттар. Уол оччугуй да орто да Мусалары умса уурталаабытю Улахан Мусаны кытта охсуһан барбыт. Көкөөдө Муударай улахан Мусаны өлөрөн баран, кини дьиэтигэр барбыт. Ол баран кини кырыктаах ийэтин дьакыйбыт, оттон ойоҕун бэйэтэ ылбыт. Ынаҕы, сылгыны барытын ыһан кэбиспит уонна маннык дьаһайбыт:
— Мин уһун суолбун батыһыҥ, суолум түмүктэнэр сиригэр тохтоон, мэччийээриҥ, суол эргийэ барар сиригэр хонооруҥ.
Көкөөдө Муударай орто Муса дьиэтигэр барбыт. Ийэтин өлөрбүт, оттон ойоҕун эмиэ ылбыт. Ынаҕы, сылгыны, барааны үүртэлээн кэбиспит уонна кини уһун суолун батыһалларыгар дьаһайбыт.
Аччыгый Муса дьиэтигэр тиийэн, кини дьонун-сэргэтиг эмиэ дьаһайтаабыт.
Онтон дьэ Көкөөдө Муударай үөскээбит-төрөөбүт үтүө дойдутун диэки атын салайбыт. Атын дьабыдьытын кымньыылаабыт. Ат хараҕыттан уоттар сардырҕаабыттар, кулгаахтарыттан кутаалар өрө бургучуйбуттар, таныытыттан торҕо буруолар тоҕута уһуурбуттар. Дьэ оннук омуннаах-уохтаах айан буолбут.
Сүүрдэн-сүүрдэн сирин-дойдутун булбут. Дьиэтигэр киирбит. Улахан инилэриниин дорооболоспут. Балачча буолан баран, билиэн ылбыт дьахталлара кэлбиттэр. Көкөөдө Муударай улахан Муса ойоҕун улахан убайыгар, орто Муса ойоҕун орто убайыгар биэрбит. Бэйэтэ кыра Муса ойоҕун ылбыт.
Дьэ Оннук үс ини-биилэр күннээн-күөнэхтээн, айаан-быйаан, аатыран-сураҕыран олорбуттара эбитэ үһү.