Күһүн сахаларга уйгу-быйаҥ кэмэ. Сир аһа ситэр, оҕуруот аһа хомуллар кэмэ буолар. Ол иһин, өбүгэлэрбит “күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн, сааскы киһи салбаммытынан” диэн бэрт бэргэн өс хоһоонун этэн ааспыттар эбит. Чахчы даҕаны күһүн кэрэ көстүүтүнэн, көмүс кырааскатынан, уйгулаах быйаҥынан дьыл эмиэ биир туспа үтүө кэмэ.
Нэһилиэк олохтоохторо сылын ахсын буоларын курдук кыһын эрдэттэн рассадалаан оҕуруот аһын арааһын олордон, тиэргэни араас дьэрэкээн сибэкиллэринэн киэргэтэн, быыс буллуллар эрэ тыаҕа тахсан сир аһын хомуйан Сахабыт сирин кылгас самаан сайынын мүччү туппаттар.
Ол курдук, Хара-Алданнааҕы олохтоох библиотека бу күннэргэ сайын устата төһө оҕуруот аһа уонна сир аһа хомуйдулар диэн хас биирдии оҕуруотчуттартан ыйыталаһан, нэһилиэк үрдүнэн 50-ча хаһаайыстыбаны уопсайдаан биир түмүк таһаардыбыт.
Оҕурсу — 5500 киилэ
Помидор — 1500 киилэ
Биэрэс (минньигэс, аһыы) — 145 киилэ
Кабачок — 1050 киилэ
Арбуз — 30 киилэ
Дыня — 2,5 киилэ
Тыква — 180 киилэ
Клубника, дьэдьэн — 30 киилэ
Хаппыыста — 130 киилэ
Баклажан — 4 киилэ
Уохта — 780 киилэ
Уулаах отон — 160 киилэ
Нэһилиэк оҕуруотчуттара бу ааспыт самаан сайын оҕуруоттарын, саадтарын үүнүүлэрэ хайдах буолбутун эһигини кытта үллэстэллэр.
Захарова Вера Егоровна
Сайын саҕата буоларын курдук помидор, оҕурсу, кабачок, моркуоп, сүбүөкүлэ, тыква уонна араас от олордубутум. Помидор «Томатные яблоньки» диэни сөбүлээтим, минньигэс баҕайы амтаннаах. Тыкваны быйыл саҥа боруобалаан олортум. Үс араас сорду ыспытым, сөбүлээтим. Помидору, моркуобу, сүбүөкүлэни таһырдьа сиргэ олордобун.
Старостина Мария Ивановна
Оҕуруотум быйыл ортоһуор. Оҕурсу үүнүүтэ сэмэй. Кылгас уонна кыра астаах суортар. Онтон кабачоктары кэнники сылларга хортуоппуй сиригэр олордобут, үүнүү ааттах үчүгэй. Клубникабын элбэппитим, таһырдьа былырыын хаалбыт дьэдьэннэр астанан сайын сиэннэр кэлэ сылдьан сиэн абыраннылар. Быйыл боруобаҕа кукуруза олордубутум, рассадатын эрдэлэттэххэ ситииһик, хас да початок сиппитэ. Иккилии кыракый сэбирдэх улаатар аҕай эбит. Саас түннүккэ расссада олордор мини-парник сакаастаан туруорбутум. Биэрэстэри, оҕурсуну олордорго үчүгэй эбит, түннүккэ барсар.
Захарова Варвара Ивановна
Сайын ахсын беседкабытын үөһээнэн-аллараанан сибэккинэн киэргэтэбит, онтукабар наһаа элбэх сибэкки рассадата наада сыл ахсын. Беседкам үөһээ өртүлэригэр махровай Петуния араас өҥүн олордобун, сороҕор Настурция эбэбин. Аллараа өртүгэр Георгин буолар этэ, быйыл элбэх сыллаах Дельфиниум ыһар санаалаахпын, онтон ойоҕосторугар Флокс эмиэ элбэх сыллаах. Оччоҕо сыл аайы хас да уонунан рассаада наадата суох диэн толкуйдаатым. Беседка иннигэр икки өртүнэн биирдии улахан кашпоҕа 10-нуу устука пионовиднай Астра олордубутум. Биир иһиккэ биир өҥ сибэкки бииргэ хойуутук үүнэрэ көстүүтэ кэрэ да эбит.
Оҕолор дьиэлэрин иннигэр түөртүү иһиккэ араас сибэккилэри олордобут. Аны сайыҥҥы аһыыр дьиэбит аттыгар эмиэ элбэх сыллааҕыны ыһан эрэбит. Быйыл Дельфиниум соччото суохтук таҕыста, эһиилин аллараанан «деление» баран өссө хойуутук тахсыахтаах. Онтон палисадникпар элбэх сыллаах Космея, Дельфиниум сибэккилээтиллэр уонна Нивяник диэн ромашка курдук сибэкки быйыл ото эрэ тахсан сибэккилээбэтэ. Уонна палисадник икки кытыытыгар улахан көрүүнү көрдөөбөт Бархатцы сибэккилэри олордубуппут.
Оҕуруоппар быйыл «10 футов» диэн тыкваны олордубутум, онтукам 5 устууканы биэрдэ уонна букатын хойут ситэр эбит. Эһиил эрдэттэн астыырын гына 2-3 киилэлээхтэри олордууһубун диэн санааҕа кэллим. Кабачок быйыл элбэҕи аһатта. Эрдэ ситэринэн уонна аһа элбэҕинэн «Кавели» үчүгэй эбит.
Оҕурсууну быйыл икки кэминэн олортум: биир эрээти от ыйын диэки ыспытым, онон куруук эдэр оҕурсуунан аһаатыбыт.
Помидорга «Хайахсыт» олордубутум , аһа бытархай эбит, онон эһиил атын сорду эбиэхпит.
Хаппыыстаҕа «Летний сорт» олордон, олох эрдэ сиэтибит. Билигин «Слава» диэн суорт хаалан ситэ турар.
Саамай сөбүлүүр Хара кыталык моонньоҕоммут. 20-чэ уктаахпытыттан быйыл 3 улахан биэдирэ ас ыллыбыт. Үөһээ чыычаахтартан сетка бүрүллүүлээх, күһүн быһыллар, онон көрүүтэ-харайыыта элбэх.
Күн арыый көрбөт сирдэринэн, тутуулар ойоҕосторунан уохталаахпыт. Быйыл биир 10-наах биэдирэ ас биэрдэ, эһиил отонуттан өссө эбии рассаадалыахпыт.
Бэйэм олордубут кыһыл хаптаҕаспыттан сыл аайы кыра биэдирэ аһы хомуйабын.
Семенова Альбина Григорьевна
Ущницкая Светлана Егоровна