«…Мы создаем автономную советскую республику»
М.К. Аммосов
«Сахаларга культурнай автономия баар буолуохтаах» диэн эппит дьонунан, 1917 с. олунньутааҕы революция кэнниттэн Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр, Алексей Васильевич Широких, Гаврил Васильевич Ксенофонтов,Роман Иванович Оросин, Семен Андреевич Новгородов буолаллар.
Кинилэр оччотооҕу Саха сирин экономиката тутулуга суох буолуутун, түөрт таһымнаах бэйэни салайыныытын — земство нөҥүө көрөллөрө. Земство ол саҕана Россияҕа балачча сайдан эрэрэ, Сибииргэ саҥа киирэн эрэрэ (билиҥҥинэн бэйэни салайыныы — муниципалитет көрүҥэ буолар).
Ону сөптөөх хайысха диэн биһиги дьоммут хаба тардан ыланнар, хотугу уокуруктартан ураты Дьокуускай уокурукка – билиҥҥи киин улуустары, Бүлүү уокуругар уонна Өлүөхүмэ уокуругар киллэртээбиттэрэ. Земство — нэһилиэк, улуус, уокурук таһымнаах этэ.
Ол уокуруктааҕы земскэй управа бэрэссэдээтэлинэн В.В. Никифоров-Күлүмнүүр талыллан үлэлээбитэ. Ол таһынан култуурунай автономия диэн тылы көтөхпүттэрэ уонна Россияҕа трудовой тутул баар буолуохтаах диэн, Федералистар үлэһит сойуустара саха интеллигенциятын политическай баартыйатын тэрийбиттэрэ. Баартыйа 1200 чилиэннээҕэ.
1919 c. ахсынньытыгар Сэбиэскэй былаас тулхадыйбаттык олохтоммута. 1920 сыллаахха баартыйата суох интеллигенция бөлөҕүттэн губревкомҥа сир оҥоруутун отделын сэбиэдиссэйинэн олорбут Роман Иванович Оросин автономия диэн боппуруоһу көтөхпүтүгэр, оччотооҕу политическай былаас уонна политическай быһыыны-майгыны кэтээн көрөччү ЧК-лар бастаанньа оҥоруутугар буруйдаабыттара.
“Оруоһун саагабара” диэн ааттаан 1920 с. атырдьах ыйыгар Дьокуускайга дьыала тэриллэн, Күлүмнүүр, Роман Оросин, Гаврил Ксенофонтов, Семен Новгородов, Георгий Ефимов, Илья Трапезников – саха интеллигенциятын чулуу бэрэстэбиитэллэрэ дьыалаҕа эриллибиттэрэ.
Бу дьыалаҕа Емельян Ярославскай орооһон, кинилэр репрессияламмакка соҕуруу ыҥырылланнар, онно тиийэн ырааһыраннар Омскайга баар Сиббюро уонна Сибревком диэн бүтүн Сибиири дьаһайар дьаһалталарга тиийэн көрүллүбүттэрэ. Сибревком иһинэн Сибнац диэн Сибиир норуоттарын дьаһайар отделга Саха подотдела тэриллибитэ.
П.А. Ойуунускай эмиэ ол кэмҥэ Омскайга тиийэн Саха подотделын салайар. Уонча саха үөрэхтээҕэ түмсэннэр автономия тэриллиитин, конституция барылын, судаарыстыбыннаска сыһыаннаах докумуоннары оҥорууга үлэлээбиттэрэ.
П.А. Ойуунускай Сиббюро улахан мунньаҕар дакылаат оҥорор. Онно Саха сиригэр экономическэй автономия баар буолуохтаах диэн дириҥ суолталаах этиини этэр. Онно этиллэринэн республика иһинээҕи баайтан-дуолтан республика бэйэтин бүддьүөтүнэн хааччынар буолуохтаах.
Онно кинини биир өйдөөх санаалаах дьон, Исидор Барахов, Максим Аммосов, Степан Аржаков өйөөн Омскайтан саҕалаан Дьокуускайынан, Москванан сүрдээх элбэх үлэ-хамнас барбыта.
1921 с. ахсынньы 20 күнүгэр М.К. Аммосов баһылыктаах Саха ревкомун делегацията КК Сиббюротун иннигэр Саха сирин автономнай республиканан биллэрэр туһунан боппуруоһу туруорбута. Ити боппуруоһу көрөн баран КК Сиббюрота республиканы биллэриини утары эппитэ уонна “Саха автономнай уобалаһын тэрийии эрэ кыаллыан сөптөөҕүнэн ааҕарга” диэн уурбута. 1921 с. муус устар 9 күнүгэр В.И. Ленин Кремльгэ бэйэтин кабинетыгар, Саха сирин үлэһиттэрин представителин БРКСК чилиэнин М.К. Аммосовы приемнаабыта
Протокол заседания коллегии Наркомнаца по вопросу выделения Якутской области в автономную единицу и возложении защиты точки зрения Наркомнаца на М.К. Аммосова, за подписью И.В. Сталина. 24 апреля 1921 г.
НА РС (Я). Ф. П-2. Оп.1. Д.391. Л.1.
Телеграмма С.М. Аржакова, Г.С. Ефимова и В.Д. Виленского из Москвы Якутскому губкому о разрешении вопроса об автономии в зависимости от решения Якутского губкома. 27 декабря 1921 г.
НА РС (Я). Ф.П-2.Оп.1.Д.446.Л.11
1922 с. муус устар 27 күнүгэр Бүтүн Россиятааҕы киин ситэриилээх кэмитиэтин декретинэн Саха Автономнай республиката тэриллэр. САССР ревкомун бастакы бэрэссэдээтэлинэн уонна быстах кэмнээҕи совнарком бэрэссэдээтэлинэн П.А. Ойуунускай талыллан үлэлиир.
Постановление Президиума ВЦИК об образовании Автономной Якутской Социалистической Советской Республики. 27 апреля 1922 г. НА РС (Я). Ф.49. Оп.1. Д.120. Л.129.
Постановление Президиума ВЦИК об образовании Автономной Якутской Социалистической Советской Республики. 27 апреля 1922 г.НА РС (Я). Ф.49. Оп.1. Д.120. Л.130.
Обращение ВЦИК к населению Якутской Советской республики о защите и укреплении автономии. 27 апреля 1922 г.НА РС (Я). Ф. 49. Оп. 1. Д. 223. Л. 1.
1922 с. ахсынньы бүтэһик күннэригэр, 1923 с. тохсунньутугар Дьокуускайга сэбиэттэр бастакы учредительнэй сийиэстэринэн Саха республикатын бигэргэтэллэр. Саха киин ситэриилээх кэмитиэтэ диэн билиҥҥинэн парламент уонна бырабыыталыстыба өрүттэрдээх тэрилтэ тэриллэр. Бэрэссэдээтэлинэн П.А. Ойуунускай талыллар
Делегаты I Всеякутского съезда Советов: Аммосов М.К. (13); Софронов А.И. (16); Прядезников И.Н. (17); Байкалов К.К.(25);Сивцев Г.Ф.(26); Барахов И.Н.(27); Ойунский П.А.(28); Аржаков С.М.(31); Леонтьев В.Н. (37); Цугель Р.И. (63).
Фотофонд НА РС (Я). №8618.
Саха киин ситэриилээх кэмитиэтэ Совнарком чилиэннэрин тэрийэн бигэргэтэр. Онно бастакы бэрэссэдээтэлинэнИсидор Никифорович Барахов талыллар.
Состав Якутского ревкома: (слева направо) А. Бахсыров (четвертый), П.А. Ойунский (пятый), К.К. Байкалов (шестой), С.Н. Донской-I (седьмой), С.М. Аржаков (девятый). 1922 г.