1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
558 views

Кэмиэдьийэ «Ыаллар уонна ыалдьыттар»

                                                                                                             Бүөтүр Хара

Ыаллар уонна ыалдьыттар

(кэмиэдьийэ)

Оонньуур дьоно:

Аҕа

Ийэ

Уол

Кыыс

Ыалдьыт

Эр киһи

Дьахтар

Быраас

Харытыан

Учасковай

Орто хааччыллыылаах ыал дьиэтин ис көстүүтэ. Остуол, дьыбаан, кириэһилэ, эркин чаһыта, истиэҥкэ, телевизор, духовка, о.д.а. көстөллөр. Аҕа дьыбааҥҥа хаһыат ааҕар. Ийэ кириэһилэҕэ бассааптыы олорор. Тохтуу түһэн баран, таһырдьаттан Кыыс көтөн түһэр. Рюкзагын устан дьыбаан диэки элиппитэ, аҕата ааҕа олорор хаһыатын хайа түһэн кэбиһэр.

Кыыс: Маа! Маама диибин!

Ийэ: Тугуй, чыычаах?

Кыыс: Мин аҕалаахпын что-ли?

  Ийэ: Аҕаҥ диэн паапаҥ буоллаҕа дии.

Кыыс: Вау! Реально что-ли?(Хос диэки ааһар).

Аҕа: Акаары.

Ийэ: Дьэ! Акаарылыы олорбуккун, хата, үчүгэй аҕайдык…

                                                                         Таһырдьаттан Уол киирэр.

Уол: Ну, типа, хлеба не была. Сливочнай арыы эмиэ не была, туалетнай кумааҕы эрэ баар. Сарсын уот барар үһү.

Кыыс: (хостон былтас гынар). Реально что? Не кайф. (Төттөрү түһэр).

Уол: Реально. Тоҕустан биэскэ диэри.

Ийэ: Эмиэ бассааба суох хаалыыһыбыт.

Аҕа: Хаһыат кэлбэтэх дуо?

Уол: Короче, почта массыыната кэлэн иһэн тибиигэ застрял үһү.

Аҕа: Моһуогун. Чэ, маспытыгар тахсыах.

Ийэ: Эмиэ оҕотун соруйда! Хайдах уола суох тугу да гыммат киһиний? Оҕо билигин аҕай магазинтан кэллэ буолбат дуо?

Уол: Дии, доо. Мин устал. (Хоско киирэр).

                                                                                            Аҕа таҥнан тахсар.

Кыыс: (хостон тахсар). Маа!

Ийэ: Тугуй, чыычаах?

Кыыс: Тибии—это что?

Ийэ: Тыал хаары суолга куппутун этэллэр.

Кыыс: Аа, оччоҕо понятно. Онтон…онтон…(тугу эрэ өйдүү сатыыр). Ээ, чэ. Уже забыла (хоско киирэр).

Телефон тыаһыыр.

Ийэ: Алло! Аа?! Алло! Истэбин. Дуо-аа?!! Хайа магазиҥҥа? Уочарат бөҕө дуу? Дуо-аа?!! Субу тэбинним! (Таҥна охсон тахсар).

Кыыс: (Хостон тахсар). Опять дьиэни барытын бардактаабыттар (дьиэ хомуйар). Уо-аай! Это что?!!

Уол: (Хостон ойон тахсар) Где?

Кыыс: Бу. Страшнай.

Уол: Таракаан дии.

Кыыс: Фуу! Гадость.

Аҕалара киирэр.

Кыыс: Паа, тут таракаан баар. Наһаа улахан.

Аҕалара тиийэн таракааны өлөрөр.

Кыыс: Ураа! Биһиги победили!

Аҕа: (Уолугар) Тахсан маскын хайыт.

Уол таҥнан тахсар.

Кыыс: Паа, мин в школу бардым (таҥнан тахсар).

Таһырдьаттан ыаллара киһи киирэр.

Ыалдьыт: Ыалым дорообо.

Аҕа: Дорообо-дорообо.

Ыалдьыт: Туох сонун-нуобас?

Аҕа: Олорор киһиэхэ, миэхэ, туох сонуна кэлэн хааланыа буоллаҕай. Эйиэхэ буоллаҕа дии киэҥ сиринэн ыырданар, барар-кэлэр киһиэхэ.

Ыалдьыт: Барбатах-кэлбэтэх ыраатта. Эчи, бобуубут-хаарчахпыт да элбэҕэ бэрт. Куоракка киирбэккин, суол сабыылаах. Атын нэһилиэккэ барбаккын. ГАИ-лар ыстарааптаары кэтээн олороллор. Даачаҕа тахсыбаккын. Онно ийэ кынным ыта босхо сылдьар. Киһини ытырыа. Кулуупка тиийбэккин, ойох күнүүлүүр. Сатахха, массыынам мотуора хам тутан кэбистэ. Атын мотуор олордуохха наада.

Аҕа: (Хаһыатын илгэн кэбиһэр) Тыаҕа мас кэрдибэккин—харыстанар зона, бобуулаах сир. Улахан ыстараап.

Ыалдьыт: Өрүскэ киирбэккин. Месячник, букатын улахан ыстараап. Ырыып надзор тутар, мотуоркаҕын, илимҥин былдьыыр. Хас хомо аайы Яворскай кэтээн олорор.

Аҕа: Халлааҥҥа көппөккүн—кынат суох.

Ыалдьыт: Сэмээн, тыраахтарыҥ сүүрэр дуо?

Аҕа: Па! Хантан сүүрүөй. Сэлээркэ суох. Холтуура бөҕөтүттэн маттым. Сэлээркэтэ суох тыраахтары сүүрдүбэккин, тыраахтары сүүрдүбэккэ холтууралаабаккын, холтууралаабакка эрэ харчы өлөрбөккүн, харчы өлөрбөккө эрэ сэлээркэ булбаккын, сэлээркэтэ суох тыраахтары сүүрдүбэккин. (Өрө тыынар).

Ыалдьыт: Били, эһэм сэрииттэн кэлбитигэр, хос эбэм эрэйдээх: “Арыылааҕым буоллар, алаадьылыам этэ да, бурдугум суох”,—диэхтээбитигэр дылы олох кэллэ.

Аҕа: Мин хос эбэм эмиэ инньэ диэбитэ үһү. Ол өссө, сэрии, сут эрэ кэннинээҕи олох буоллаҕа дии. Бу, билигин, сайдыылаах кэмҥэ үп суоҕа баар ээ, кыһыыта. Ити дойдубут тойоно…

Ыалдьыт: (Быһа түһэр) Сэмээн, үп суох диэбиккэ дылы, эйиигиттэн улахан көрдөһүүлээх киирэн олоробун.

Аҕа: Харчы диэ.

Ыалдьыт: Икки-үс тыһыынчата иэһээ эрэ.

Аҕа: Ону хаһан төлүүгүн?

Ыалдьыт: Пенсия кэллэҕинэ биэриэм этэ.

Аҕа: Пенсия диэ? Онтукаҥ хаһан кэлэр?

Ыалдьыт: Үс хонук хаалла.

Аҕа: Үс диэ. Биир эмэ тыһыынча баар буолуон сөп этэ. Үс тыһыынча баҕас баара чуолкай. Киһибэр биэрэн бөҕөтө буоллаҕа дии. (Ойон туран сиэбин хастар). Бай! Манна суох. Саатар иккини булаа инибин. Һы! Манна эмиэ суох. Ээ, итиннэ тыһыынчалаах күөх кумааҕы баар буолуохтаах этэ. (Сон сиэбин көрөр). Саатар биэс мөһөөх көстүмээри гынна. Ээ, бу сылдьар. Оо, икки мөһөөхтөөх эрэ баар эбит. (Харчытын уунар).

Ыалдьыт: Оо, миэнэ кэм буолан иһиэ. Чэ, хайыахпыный, аннараа ыалларбар эмиэ сылдьан көрөө инибин. (Харчытын ылан тахсан барар).

                                        Ийэ суумка муҥунан атыылаһан, киирэн кэлэр.

Ийэ: Хайа, ити ыалбыт киһи туох буолан, хараҕа тэстэринэн ойуолаата? Киһини түҥнэри көтө сыста.

Аҕа: Харчы иэс көрдүү сылдьар.

Ийэ: Ону эн биэрдиҥ?

Аҕа: Икки мөһөөҕү пиэнсийэҕэ диэри биэрдим.

Ийэ: Икки мөһөөҕү буола-буола. Дэлэйиҥ бэрт дии. Ол пенсиялара хаһан кэлиэн.

Аҕа: Үс хонугунан кэлиэхтээх үһү. Быраатым тэҥэ киһиэхэ хайаан биэриэм суоҕай.

Ийэ: Быраатым даа?

Аҕа: Быраатым буолумуна, үс сыл балыс.

Ийэ: (Кыыһыран киһитин хаһыатын хайа охсон кэбиһэр) Акаары, эн пенсияҕа тахсарыҥ уонча сыл баар буолбат дуо! Оччоҕо, киһиҥ хаһан пенсияҕа тахсар?! Итини да сатаан өйдөөбөт эрээри!.. Харчыгын барытын дьоҥҥо ыһан баран, айаххын атан олор! Аһатыллыа суоҕа! Хата, үчүгэй аҕайдык акаары төбөҕүн хобордооҕунан. (Саҥа атыыласпыт хобордооҕун сулбу тардан ылар).

Аҕа: Эмиэ саҥа хобордоох атыыласпыккын дуу?

Ийэ: Атыылаһымына! Эн курдук буолуом дуо!

Аҕа: Сыаната төһөнүй?

Ийэ: Икки тыһыынча биэс мөһөөх! Онно туох баарый?! Бар, тахсан маскын хайыт, баанньыккын отун! Биир кэм уолун эрэ үлэлэтэр. Оҕом эрэйдээх сылайаахтаатаҕа буолуо.

                                                                                Аҕа тахсар.

Ийэ: Оҕом эрэйдээх сылайаахтаатаҕа. Күнү быһа мас хайыттаҕа. Аны, магазиҥҥа баран кэлбитэ. Ити киһи тиэрэ түһэн баран сыттаҕа. Айуу-айа! Абааһытыгар хаһытааммын, хата, бэйэм сылайдым. Акаары, хас киһиэхэ ити курдук албынната сылдьарын, таҥара да билбэт ини. (Күлэр). Таҥара баҕас хантан билиэй, оннооҕор мин билбэппин. Дьэ, биллэрбин эрэ, нохоо, сэрэн (салгыҥҥа сутуругун көрдөрөр)! Сирэйгин-хараххын үлтү түнэйдээн кэбиһиэм.

Хата, мин баарбын, киирбити таһаарбат, кытаанах кытаҕас тарбахтаах дьахтар. Туппуппун, саараама, ыһыктааччым суох. Дьөрү, тыраахтарынан да таттаран төлө ыһыгыннараллара саарбах. (Саҥара-саҥара малын бэрийэр). Сордооҕу начаас да албынныыллар ээ. Оннооҕор ыалбыт албыннаан таҕыстаҕа ити дии. Магазиҥҥа дьахталлар кэпсэтэллэр ээ, дэриэбинэлэри кэрийэ сылдьар, дьахтардаах эр киһи бааллар үһү. Биир кэм наар дьону албыннаан, туох да букатын баул муҥунан харчыламмыттар үһү. (Өрө тыынар) Ол харчы миэхэ да тиксибэт буолан.

                                                      Таһырдьаттан дьахтардаах эр киһи киирэллэр.

Эр киһи: Үтүө күнүнэн.

Ийэ: (Малын бэрийэ олорон) Дорооболоһума хайаама! (Хобордооҕун сулбу тардан ылар).

Дьахтар: Уой, мама!

Ийэ: (Көрө түһэр) Ээ, атын дьон эбит дуу. Мин бэйэм киһим киирдэ диибин ээ.

Эр киһи: Биһиги атын дьоммут.

Ийэ: Туох наадаҕа сылдьар дьоҥҥутуй?

Эр киһи: Таак. Биһиги, холобурун эттэххэ, тыа сирин олохтоохторун кыһалҕаларын үөрэтэ уонна биирдиилээн ыал чопчу кыһалҕаларыгар туһуламмыт көмөнү быһаччы уонна түргэнник оҥоро сылдьар дьоммут. Холобурун эттэххэ, биһиги холбоһкутаах финансовай уопсастыбабыт харчынан элбэх бырыһыаннаах көмө оҥорор.

Ийэ: Харчынан даа? Түөкүттэр буоллаххыт дии, оччоҕуна! Тахса туруҥ!

Дьахтар: Нет-нет! Мы не тёкины, биһиги волонтёры добра и взаимодоверия! Биһиги сылдьыбыт ыалларбытыгар только радость уонна счастье эрэ кэлэр диэххэ сөп.

Эр киһи: Холобурун эттэххэ, биһиги “Урбалдьын” диэн финансовай корпорация уонна “Сатабыл” диэн тыа сирин олохтоохторун эйгэтигэр үлэлиир аһымал фонда холбоһуктаах “Байсатаан” уопсастыбаларын бэрэстэбиитэллэрэбит. Докумуоннарбыт бу бааллар (докумуоннарын көрдөрөр). Биһиги холбоһуктаах уопсастыбабыт аан дойду үрдүнэн үс сүүстэн тахса мөлүйүөн чилиэннээх.

Ийэ: Аата элбэҕин. Үс сүүстэн тахса мөлүйүөн буолан.

Дьахтар: Да-да. Нас много, ол иһин страшнай күүстээхпит.

Эр киһи: Элбэх да буоламмыт үгүс үтүө дьыаланы оҥоробут.  Холобурун эттэххэ, Крым муостатын тутууга үбүн ороскуотун биһиги холбоһуктаах уопсастыбабыт уйуммута. Сылын аайы Кытай улуу эркинин өрөмүөнүгэр үстүү триллион харчыны угар. Онтон быйыл Саха сирин тыатын олохтоохторугар үп-хрчы өттүнэн көмөлөһүү сылын биллэрдэ. Онон, холобурун эттэххэ, биһиги “Байсатаан” холбоһуктаах финансовай уопсастыба волонтёдара тыа сирин олохтоохторун ортотугар үптэрин түргэнник үлүннэрэр акцияны ыыта сылдьабыт.

Дьахтар: Этэргэ дылы, каждое зерно, каждая кукурузина будет на счету. Мелеорация, плантация уонна оҕуруот аһа болҕомто киинигэр туруохтара.

Эр киһи: Онон, биһиги, “Байсатаан” холбоһуктаах финансовай уопсастыба волонтёрдара тыа сирин олохтоохторун ортотугар үптэрин түргэнник үлүннэрэр акцияны ыыта сылдьабыт.

Ийэ: Түргэнник үлүннэрэр даа? Ол хайдах үлүннэрэҕит?

Эр киһи: Чэ, холобурун эттээххэ, маннык. Эһиги уон, отут, биэс уон, сүүс тыһыынчалаах сертификаты биһигиттэн атыылаһан ылаҕыт. Ол кэннэ үс хонон баран, ханнык баҕарар бааҥҥа, финансовай офистарга тиийэн, ол сертификаккытын көрдөрөн, атыыласпыт сууммаҕытын сүүс бырыһыан үлүннэрэн ылаҕыт.

Ийэ: Сүүс бырыһыан даа?

Эр киһи: Сүүс бырыһыан. Салгыы. Ол сүүс бырыһыан улааппыт үпкүтүн өссө сүүс бырыһыан үлүннэрэр сыалтан, сэттэ хонукка бааҥҥа уурдараҕыт. Ол кэнниттэн бу хас да бүк улааппыт харчыгытын бэйэҕит илиигитигэр ылыаххытын сөп. Эбэтэр, аны тоҕус хонукка эмиэ сүүс бырыһыаҥҥа салгыы уурдараҕыт. Холобурун эттэххэ, эһиги билигин биэс уон тыһыынчалаах сертификаты биһигиттэн атыыластаххытына, үс хонугунан сүүс, уон хонугунан икки сүүс, уон тоҕус хонугунан түөрт сүүс тыһыынчаҕа тиийэ үүннэриэххитин сөп. Ити барыта сүүрбэччэ хонук иһинэн. Манна ханнык да нолуок, пошлина диэн төлөммөт.

Ийэ: (Дьыбааҥҥа олоро түһэр). Түөрт сүүс тыһыынча. Сүүрбэччэ хонук иһинэн. Уой! Бэйэбэр кыһыл көмүс ытарҕа. Түгэхтээх ытарҕа! Кыыспар көмпүүтэр. Уолбар матасыыкыл. Суох! Массыына! Киһибэр ырбаахы уонна ыстаан!

Дьахтар: Төһөнөн элбэх сууммалаах сертификаты атыылаһаҕын да, соччонон элбэх харчыны ылаҕын. Даже Якутскайга, да что там, Москваҕа даҕаны, ханнык да ипотеката суох квартира атыылаһыаҥ!

Ийэ: (Сүрэҕин туттар) Уой! Москваҕа! Квартира! Үс хостоох!

Дьахтар: Москва саамай центрыгар!

Эр киһи: Итини таһынан, холобурун эттэххэ, биһиги уопсастыбабыт салалтата хас ый аайы тоҕус уон бырыһыан сүүйүүлээх лотерея оонньотор. Сүүйүүлэрэ биэс уон тыһыынчаттан саҕалаан, муоранан айаҥҥа тиийэ. Ону таһынан кыһыл, үрүҥ көмүс оҥоһуктар, алмаас, изумруд бриллианнар, омук техникатын арааһа бааллар.

Ийэ: Уой! Муоранан айан!

Дьахтар: Улахан лайнерынан  Атлантическай, Тиихэй, Индийскэй акыйааннарынан үс ыйы быһа романтическай айан! Гибралтар, Лазурнай кытыл, Карибскай арыылар! Голливуд артыыстара, плавкилаах уолаттар! Киһини сиир каннибаллар!

Эр киһи: (Дьахтары антах анньар) Эһиги биһигини кытта бииргэ үлэлииргэ бэлэмҥит дуо?

Ийэ: Уой! Плавкилаах уолаттар! Каннибаллар! Киһини…(Ойон турар). Бэлэммин-бэлэммин.

Эр киһи: (Суумкатыттан паапка таһаарар). Оччоҕо манна уонна манна илиитэ баттаа. Аны билигин төһө сууммаҕа сертификат атыылаһыаххын сөбүн ааҕынан көр. Холобурун эттэххэ, төһөнөн элбэх харчыга атыылаһаҕын да, ылар харчыҥ сууммата улаатарын умнума.

Ийэ: Улаатан иһэр! Умнубаппын! Улаатан иһэр! Улаатан иһэр! Биэс уон тыһыынча сүүс буолар. Сүүрбэччэ хонугунан түөрт сүүс буолар! Массыына, квартира, плавкилаах уолаттар! Тохтооҥ! Мин билигин кэлиэм. (Хоско киирэр).

Дьахтар: Есть! Баар этэ!

Эр киһи: Оргууй! Истиэ.

Дьахтар сүүрэн тиийэн, саҥа хобордооҕу ылан сонун иһигэр уктан кэбиһэр. Эр киһи былдьаары гыммыта, хостон Ийэ тахсар.

Ийэ: Бу биэс уон тыһыынча. Дьиэбит өрөмүөнүгэр мунньа сылдьыбыппыт.

Эр киһи: (Кистээн Дьахтарга сутуругун көрдөрөр) Таак! Мин билигин эһиэхэ биэн уон тыһыынчаҕа сертификат  суруйан биэриэм. Аны сүүрбэ хонугунан түөрт сүүс тыһыынча эһиэнэ буола түһэр.

Ийэ: Онтон лотерея? Плавкилаах уолаттар?

Эр киһи: Лотереяҕа сертификаатыҥ нүөмэринэн оонньуугун. Эһиэхэ “Байсатаан” холбоһуктаах финансовай уопсастыба аатыттан улахан махтал. Этэҥҥэ олоруҥ.

Дьахтар: Пока-покаа, гуд баай, чаа-оо! (Тахсаллар).

Ийэ: Һуу! Бу тугуй? Түүл курдук олох! Мечта олох! Кыһалҕата суох олох! Куоракка квартира ылыахпыт. Бэйэм оҕолорбун кытта онно көһүөм. Ити киһи манна хаалыа. Сүөһүлэрин көрүө, отун оттуо. Плавкиилаах уолаттар (бөтөн ылар), Голливуд артыыстара (бөтөр), каннибаллар (бөтөр).

                                                                              Таһырдьаттан Аҕа киирэр.

Аҕа: Хайа, бу туох буолан бөтөн кыллырҕаттыҥ?

Ийэ: (Бөтөр) Көһөбүн.

Аҕа: (Соһуйар) Ханна?

Ийэ: (Бөтөр) Куоракка.

Аҕа: Хайдах-хайдах буолла бу дьахтар. Тугу-тугу тыллаһаҕын?

Ийэ: (Бөтөр) Куоракка көһөбүн. (Бөтөр) Үс хостоох  саҥа квартирабар.

Аҕа: Бу дьахтар бырахтарбыт дуу? Ханнык үс хостоох саҥа квартираҕын этэҕин?

Ийэ: (Бөтөр) Эн манна хаалаҕын. Сүөһүлэргин көрүөҥ.

                                                                     Таһырдьаттан уоллара киирэр.

Уол: Мама, ити кимнээх киирэ сырыттылар?

Аҕа: Дьон сылдьыбыттара дуо? Кимнээх?

Уол: А я знаю? Дьээдьэлээх тётя сылдьыбыттара.

Аҕа: (Ийэттэн) Кимнээх сылдьыбыттарай? (Ийэ саҥарбат). Кимнээх сылдьыбыттарай диибин дии?

Ийэ: Дьоннор.

Аҕа: (Уолугар) Арааһа, ол дьон ийэҕин сүлүһүннээх эминэн атараабыы гыммыттар быһылаах.

Уол: Ээс, наһаа дии. (Ийэтин өҥөйөн көрөр) Але, мама! Ку-куук! Оп-паа! Кырдьык даҕаны.

Аҕа: Кытаат, бырааска ыстан!

                                                              Уол таһырдьа ыстанар.

Аҕа: Хотуой! Настаа! (Аттыгар олорор) Настась-яя! Наастенькаа! Саҥар эрэ, саҥар! Кимнээх сырыттылар?

Ийэ: Плавкиилаах уолаттар.

Аҕа: Кимнээх даа?!

Ийэ: Голливуд артыыстара.

Аҕа: Ээ, босуол! Эҥин араас куһаҕан киинэлэри кистээн көрө-көрө араас буолаҕын.

                                                      Кыыс дьиэрэҥкэйдээн киирэр, ноутбуктаах.

Кыыс: Мин эйиигин таптыыбын, хоп-хоп-хоп!

Харахпынан көрөбүн, хоп-хоп-хоп!

Кугаахпынан эмиэ! Йоо-уу! Круто дуу?

Аҕа: Оргууй хотуой. Ийэҥ ыалдьыбыт.

Кыыс: Уой! Реально что-ли? Мин врачка поскакала.

Аҕа: Убайыҥ барбыта.

Кыыс: Ханна? Аа, да. Оччоҕо хорошо. Убай миигиннээҕэр түргэн. Мам, эн на самом деле заболела даа? Тугуҥ ыалдьарый, мам? (Ийэтин сүүһүн тутан көрөр) Маа-маа!

Аҕа: Атарааба буолбут дуу, хайаабыт дуу. Баҕар бырахтарбыт да буолуон сөп.

Кыыс: Уой, мама! Круто! Не может быть. (Кэннинэн хааман остуолга кэлэр).

                                                        Кыыс остуолтан дьаабылыка ылан сиир.

Аҕа: Баҕар, ити дьаабылака сүлүһүннээх буолуо, ийэҥ ону сиэн ыарыйдаҕа.

Кыыс: Ийэ это что?

Аҕа: Маамаҥ.

Кыыс: Аа, понятно. Аа, сү-лү-һүн дуу, туох дуу это что?

Аҕа: Дьаат, атарааба.

Кыыс: Аа. Понятно. (Дьаабылакатын көрөр). Аа-аа!! (Остуол анныгар охтон түһэр).

Аҕа: Бачча ыксалга аны бу оҕо оҕунна. Тугун да өлөрбөтө ини. (Тиийэн кыыһын өҥөйөн көрөр).

Кыыс: Паап, мин сейчас туруом. Меня кажется не отравили.

                                                                       Уоллаах быраас киирэллэр.

Быраас: Хайа, Ивановна ыарыйда дуо?

Уол: Хайа, бу кыыс туох буолла?

Кыыс: Яблоко кушайдыы сытабын.

Уол: Дура что-ли?

Кыыс: Сам такой (турар). Короче, мама ыарыйда неизвестнай ыарыынан. Папа подозревает отравление или сумашедствие.

Уол: Наһаа дии.

Быраас: Ивановна, Настя! (Саҥа суох).

                   Быраас ийэлэрин чинчийэр. Иһиллиир, хаанын баттааһынын мээрэйдиир, өтүйэнэн тобукка охсор.

Уол: (Ноутбугу көрөр) Оп-паа, ким ноута манна кэллэ?

Кыыс: (Ноутбугу сулбу тардан ылар) Моя, моя, моя. Миэхэ Дархан одолжил.

Уол: Көрдөр эрэ.

Кыыс: Ээ, бар. Манна секрет баар. Дархан миэхэ хоһоон суруйбут.

Уол: Оп-паа! Таптаатаҕа дии. Туох диэн хоһоонуй?

Кыыс: (Толкуйдуур) Короче…короче туох эрэ диэн. Паап, туох диэн этэй?

Аҕа: Ону мин билэбин дуо?

Кыыс: Онтон, мааҕыын эйиэхэ эппитим дии. В стиле РЭП.

Аҕа: (Бырааска) Хайа, тугу эмэ быһаардыҥ дуу, суох дуу?

Быраас: Да. Ыарахан случай. Олус ыарахан случай. Нервный стресс. Глубокий. Үтүөрэ охсуо биллибэт.

Аҕа: Ону оччоҕо хайыыбыт? Ама, маннык олоруо дуо, дьиэлээх-уоттаах, оҕолоох-уруулаах дьахтар. (Долгуйан, ыксаан кэлэр). Ама, мин Настаам, маннык, көһүйэн хаалан баран, олорор эрэ буолуо дуо?! (Кыыһырар) Хайдах, быраас эрээригин, тугу да кыайбаккын?!

Кыыс: Аа! Кырдьык даҕаны. Как так тугу да кыайбаккын?

Уол: Ээ, оччоҕуна, мин Отоһут Оппуруоскаҕа бардым.

Кыыс: Ээ, чэ, кырдьык. Бабушка Епрошка поросенок салотынан тугу барытын эмтиир үһү.

                                                                           Уол таҥнар.

Быраас: Стой! Тохтоо! Хайдах тугу да кыайбат буолуохпунуй, кыайымына. Эмп да син баар (суумкатыттан эмтэри хостуур). Аспирин—атын, лоперамид—сыптарыҥы тохтотор, нитроксолин—хабах эмэ, тетракциклин—харах мааһа. Амоксициллин—кириип эмэ, доксициллина гидрохлорид—восполение уонна инфекция эмэ, виагра—хайыырга көмөлөһөр эмп…

Аҕа: Хайа, онтон биһиэхэ көмөлөһөр эмп суох дуу?

Кыыс: Аа, арааһа, нет быһылаах, кырдьыктыы.

Уол: Оччоҕо мин Отоһут Оппуруоскаҕа бардым.

Быраас: Тохтоо! Ол отоһут эмээхсин бу ыарыыны олох кыайыа суоҕа. Бу ыарыыны медицина эрэ кыайар. Оппуруоскаҕыт түөһэйэн да эрэр быһылаах буолбат дуо. Үнүр биир киһи кылаабынай уорганын хаппыт сибэкки эминньэҕинэн эмтээбит этэ.

Аҕа: Онтуката?

Быраас: Аанньа буолуо дуо, бүүс бүтүннүү чороччу хатан хаалбыт. Эһиги мамаҕытын уоттаах чоҕунан да эмтээтэҕинэ көҥүлэ.

Кыыс: Абытыый! Горячо дии!

Быраас: “Горячо” буолумуна. Оппуруоска онно кыһаммат, отоһулуурун эрэ билэр. Кутталламмыт эмээхсин, обществоттан изолируйдаан кэбиһиэххэ наада.

Уол: Оччоҕо хайыыбыт?

Быраас: Саамай бүтэһиктээх сириэстибэни туттарбытыгар тиийэбит. Былыр-былыргыттан биллэр, олус эффективнай средство!

Аҕа: Ол туох сириэстибэтэй? Куттала суох ини.

Быраас: Ханнык да побочнай дьайыыта суох.

                          Сиэбиттэн эмп таһааран ийэлэрин муннугар даҕайар. Ийэ олус улаханнык ытырдар.

Аҕа: Дыраастый!

Ийэ: Фуу! Туох куһаҕан сыта баарый? Ынах иигин курдук.

Кыыс: Ураа! Маама выздровила! Ураа!

Уол: Баар этэ!

Быраас: Нашатырнай спирт диэн улуу күүс!

Ийэ: Хайа, бу дьиэҕитин-уоккутун өрө тарда түһүөххүтүн. Бу киһи баччааҥҥа диэри хотонугар тахса илик дуу?

Быраас: Ивановна, бэттэх кэллиҥ дуу, быһыыта?

                                                                        Ийэ ытырдар.

Быраас: Чэ, үчүгэй буолбут буоллаххына доруобай буол (тахсар).

Аҕа: (Ийэҕэ) Ити аата эн туох буола сырыттыҥ?

Ийэ: Туох буолуохпунуй? Туох да буолбаппын. Хата, эһиги туохха быраастана сырыттыгыт?

Кыыс: Онтон, эн заболела дии. Биир точканы көрөн баран сидишь. Биһиги испугались ээ.

Уол: Паапа “бырааска бар” диэбитэ, мин баран аҕалбытым.

Аҕа: Киһи ыҥырарын да истибэккин, килэччи көрөн баран олороҕун.

Ийэ: Килэччи көрбүппүн, хата, үчүгэй аҕайдык…(Ойон туран тугу эрэ көрдүүр). Саҥа хобордооҕум ханна баарый?! Ханна кистээтиҥ?!

Аҕа: Ону мин билэр үһүбүн дуо? Бэйэҥ киһини охсоору далбаатанан эрэриҥ дии.

Ийэ: Сип-сибилигин була тарт!

                                                                   Бары хобордоох көрдүүллэр.

Уол: Бу дуо? (Ыйанан турар хобордооҕу көрдөрөр).

Ийэ: Суох, атын. Ол хобордоох сабыс-саҥа этэ.

Кыыс: Маа, паа, а хо-бор-доок—это что?

Уол, Аҕа, Ийэ: (Үһүөн тэҥҥэ) Сковородка.

Кыыс: Аа, понятно. Били, ньэппичэх посуда диэ. Маннык туохтаах.

Ийэ: Ханна баран хааллаҕай? Хайа, көстүбэтэ дуо?

Аҕа: Суох. Били дьон ылан тахсыбатылар ини?

Уол: Во! Точно кинилэр эбит!

Ийэ, кыыс: (Тэҥҥэ) Кимнээх?

Уол: Онтон мааҕыын, мин мас хайыта турдахпына, тетялаах дьээдьэ киирэн эрэллэр этэ дии.

Ийэ: Киирэн эрэллэр этэ даа?

Уол: Онно эн дьиэҕэ баарыҥ дии.

Ийэ: Аа! Эс, суох. Ол культурнай, үчүгэй баҕайы дьон ээ.

Аҕа: Туох дьонуй ол?

Ийэ: Финансовай общество дьоно. Ама, кинилэр хобордооҕу уоруохтара дуо, санаан да көрдөххө?

Аҕа: Ханнык финансовай уопсастыба?

Ийэ: “Байсатаан” диэн финансовай общество баарын билбэккэ, эн бу ханна сылдьыбыккыный?

Аҕа: Оннук баарын саҥа истэбин. Түөкүттэр сылдьаллара буолуо ээ.

Ийэ: Хата, бэйэҥ түөкүҥҥүн! Ол дьон кыра-хара, боростуой дьоҥҥо көмөлөһөллөр! Биэс уон тыһыынчалаах сертификаты атыыластаххына, отуҥ сүүрбэччэ хонугунан түөрт сүүс тыһыынча буолар. Ону эн билэҕин дуо?!

Уол: Явно түөкүттэр эбит. Хобордооҕу ол дьон уорбуттар.

Аҕа: Ол аата, эн, биэс уон тыһыынчаҕа ол сертификаты атыыластаҕыҥ дии!

Ийэ: (Өс саҕа буолар) Атыылаһымына. Эн харчы өлөрөн эрэҕин дуо? Тыраахтаргын да сүүрдүбэккин буолбат дуо! Бу дьиэҕэ ким эрэ харчы булуон наада буоллаҕа дии. Ол сертификат, өссө, тоҕус уон бырыһыан сүүйүүлээх лотереялаах, сөп диэ. Онно куоракка квартираны, араас күндү малы, оннооҕлор муоранан айаны сүүйүөххэ сөп!

Кыыс: Ваа-уу! Кругосветка! Титаник курдук! Мин кругосветкаҕа хочуу!

Уол: Акаары. Ол барыта сымыйа.

Аҕа: Ханнааҕы харчыгын ылан биэрэ оҕустуҥ, ол дьоҥҥо?

Ийэ: Өрөмүөҥҥэ муспут харчыны!

Аҕа: Туох буолбут акаары дьахтаргыный?!

Ийэ: Эн өйдөөххүн дуо, күтүр өстөөх?!

Кыыс: (Эмискэ) Аа-аа! Дохлай таракаан! Тыыннаах! Хамсыыр!

Аҕа: Бу да оҕо, киһини соһутта.

Ийэ: Һуу! Сүрэҕим тохтуу сыста (сүрэҕин туттар). Оҕом куттаннаҕа дии. Хаһан таракааны көрбүтэ баарай.

                                                       Таһырдьаттан Харытыан көтөн түһэр.

Харытыан: Эдьиий, мин эйиэхэ кэллим.

Аҕа: Хайа, доҕоор, онтон дорообоҥ-дыраастыйыҥ ханнаный?

Харытыан: Ээ, таһырдьа хаалларан кэбистим дуу? Чэ, буллахпына киллэрэн биэриэм, һэ-һэ.

Ийэ: Эмиэ туох үлүгэргэ түбэһэҥҥин икки хараххын тиэрэ көрөн кэллиҥ?

Харытыан: Ээй! Эдиийбиттэн көрдөһүүлээх этим да, кыыһыра сылдьаҕын быһылаах, кэбис, көрдөспөппүн.

Аҕа: Сонунуҥ?

Харытыан: Солун үрдэ суох үгүс. Үчүгэйиттэн саҕалыыбын дуу, куһаҕаныттан дуу?

Уол, Кыыс: (Тэҥҥэ) Үчүгэйиттэн.

Харытыан: Сөөп. Оччоҕо үчүгэйиттэн. Улахан убайбыт оччугуй уола уруу тэрийэн эрэр үһү. Үс сүүстэн тахса киһини ыҥыраллар үһү.

Аҕа: Үчүгйэ чалбараҥ буолсу. Хата, барыллыа.

Ийэ: Сыбаайбанан иирэ сырыттаххына, сүөһүгүн ким көрөр?

Аҕа: Булан көрдөрүллүө. (Харытыаҥҥа) Онтон куһаҕан сонунуҥ?

Харытыан: Бу сарсыарда, биһиги нэһилиэккэ дьахтардаах эр киһи кэлбиттэр. Ким эрэ сатана диэн уопсастыба дьонобут дииллэр үһү.

Ийэ: Сатана буолбатах, “Байсатаан” диэн финансовай уопсастыба волонтёрдара.

Харытыан: Буо-буо. Дьаһалтабытыгар ол дьон туһунан полицияттан биллэрии тигинээн кэлбит, “бу дьон түөкүттэр, көрдүгүт эрэ харыларыттан харбаан баран, биһиги тиийиэхпитигэр диэри олох ” диэн.

Ийэ: Эс, сымыйа ини. Ама түөкүттэр үһүө. Мааны бөҕө, культура бөҕө этилэр дии. Кимнээх эрэ соруйан үчүгэй, баай дьону холуннарбыта буолуо.

Харытыан: Эһиэхэ сылдьыбыттара дуо?

Аҕа: Сылдьыбыттар. Эдьиийиҥ биэс уон тыһыынчатын ууран биэрбит. Онон, өрөмүөммүт харчытыттан илиибитин соттон олоробут.

Ийэ: Наһаа да ууран биэрбэтэрбин. Сертификат атыыласпытым, онтуҥ өссө лотереялаах.

Харытыан: Буорайбыккыт. Мин өссө убайдаахпыт уолларын уруутугар кыттыһан, туох эмэ обургу соҕус бэлэхтэ атыылаһыахха диэри гыммытым ээ. Миэхэ иэһиэ этигит буоллаҕа дии, мин кэнники төлүөм этэ. Мэлийдэхпит (умса туттан олорор).

Аҕа: (Өрө тыынар) Харчыбыт суох, бэлэхпит суох, урууга барбаппыт. Арай, хотоҥҥо эрэ тахсарбыт хаалла.

Кыыс: Бэлэх это что?

Аҕа: Бэлэх диэн подарок.

Кыыс: Мин эмиэ подарок хочу.

Харытыан: (Өрө тыынар) Мин эмиэ.

Аҕа: Арай, ол дьону тутан ылар киһи. Ол кыаллыбата буолуо. Суоллара сойдоҕо.

                                                        Бары өрө тыыналлар. Аҕа хотонугар тахсар.

Харытыан: (Эмискэ ойон турар) Күтүөтүм туох диэтэ?

Уол: “Хотоҥҥо тахсыахха наада” диэтэ.

Харытыан: Суох. Ол иннинэ.

Кыыс: “Поймать надо этих жуликов” диэтэ.

Харытыан: Вот! Хайаан да тутуохха наада!

                                                          Тахсан эрдэҕинэ утары Ыалдьыт киирэр.

Ыалдьыт: Настаа, Сэмэн баар дуо?

Бары тэҥҥэ: Хотонугар тахсыбыта.

Ыалдьыт: Мааҕыын ийэм пиэнсийэтигэр диэри икки мөһөөҕү иэстээбитим. Хата, түргэнник көһүннэ (харчыны ийэҕэ уунар).

                                  Ийэ харчыны сулбу тардан ылаат, сүрэҕин туттубутунан олоро түһэр.

Ийэ: Һуой! Сүрэҕим…сүрэҕим ыарыйда. Уута…

Кыыс: (ийэтигэр уу аҕала охсор) Мама! Мамочка, умираешь да?

Ийэ: Өлөөрү гынным.

Бары тэҥҥэ: Бырааһы ыҥырыҥ!

Уол: Бардым! (Таһырдьа ыстанар).

Ыалдьыт: Ити туох буолла?

Харытыан: Мааҕыын түөкүттэр киирэн, албыннаан, харчытын ылан тахсыбыттар.

Кыыс: (ийэтин кууһан олорон) Уонна го-го-вор-доок-путун эмиэ.

Харытыа, Ыалдьыт: Туохпутун даа?

Кыыс: Ну, типа, сковородку украли.

Ыалдьыт: Па! Букатын да буорайбыппыт дии. Онтон, бэлииссийэҕэ биллэрбэтигит дуо? Учаскуобай уол кэлбит этэ. Билигин аҕай таһынааҕы ыалга киирэн эрэрэ дии.

                                                                            Аҕа киирэн кэлэр.

Аҕа: Хайа, Настаа, эмиэ туох буоллуҥ?

Ийэ: Сүрэҕим…сүрэҕим аҕай.

Ыалдьыт: Мааҕыын эйиигиттэн ылбыт иэспин киллэрбиппин көрөн баран, ити үлүгэр буолан хаалла.

Ийэ: Сэмээн, кэл эрэ бэттэх. (Киһитэ аттыгар тиийэн олорор). Сэмээн, миигин бырастыы гын. Мин өлөөрү гынным быһылаах. Мин эйиигин наар үөҕэр-мөҕөр этим. Ону эн миигин, акаары дьахтары, бырастыы гын. Оннооҕор икки мөһөөхтөн сылтаан, хобордооҕунан охсоору гыммытым. Эн онно кыыһырыма, сөп дуо?

Аҕа: Ээс, туох диэн кыыһырыахпыный. Уһуннук мөҕүллүбэтэхпинэ, сороҕор, тэһийбэппин ээ, ол иһин соруйан мөҕүллээччибин ээ.

Ийэ: Ээ, доҕорум барахсан. Өллөхпүнэ…

Аҕа: Ээс, өлүмэ! Олох өлүмэ! Собус-соруйан өлүмэ! Өссө да букатын эдэргин ээ. Убайдааҕыҥ уолларын уруутугар сылдьыахпыт, салаат сиэхпит.

Кыыс: Уруу это что?

Аҕа: Сыбаайба.

Кыыс: Круто! Мин эмиэ уруу делать хочуу.

Ыалдьыт: Хайа, бэлииссийэҕэ биллэрэбин дуо?

Бары тэҥҥэ: Биллэр!

                                                                         Ыалдьыт таһырдьа ойор

Ийэ: Мааҕыыҥҥыттан быһа биллэриэх буолар. Оо, сүрэҕим аҕай. Хаарыан харчы. Мааны, культурнай баҕайы дьон этэ. Ону-маны барытын эрэннэрбиттэрэ. Онно киирэн биэрдим. Эһигини харчыта суох хааллардым.

Аҕа: Ээ, чэ, ол харчы диэн. Тураргар баар, олороргор суох. Көстүө буоллаҕа дии. Сэлээркэ көһүннэр эрэ харчы баар буолуо.

Ыалдьыт: (Киирэр) Бэлииссийэни ыҥырдым. Хата, Сэмэн, сүөһүлэргин уулата охсубут эбиккин дуу? Мин иликпин. Хотуттарым кыыһыран эрдэхтэрэ. Дьиэ иһигэр түөрт хотун, хотоҥҥо түөрт хотун. Хотун эрэ элбэх. Бэйи, мин барыым (тахсар).

                                                                   Уоллаах быраас киирэллэр.

Быраас: Хайа, Ивановна эмиэ ыарыйда дуо? Хроническай стресс буолаары гыннаҕа дуу?

Аҕа: Оннук ыарыы баар дуо?

Быраас: Ким билиэй. Баҕар, баара да буолуо. Чэ, больная, на что жалуетесь?

Ийэ: Сүрэҕим ыалдьар.

             Быраас иһиллиир, кыраадыс туруорар, хаанын баттааһынын мээрэйдиир, өтүйэнэн тобукка охсор.

Харытыан: (Эмискэ ойон турар) Мин ол түөкүттэри бэйэм тутуом. Харчыны төнүннэрдэххэ сатанар.

Аҕа: Кинилэри эн хантан булаары гынаҕын? Суоллара сойдо ини. Бэлииссийэлэр да булаллара саарбах.

Харытыан: Анараа дэриэбинэҕэ тиийэммин, умнаһыт буолан кубулунан, ыаллары кэрийиэм. Дэриэбинэ ортотугар көрсө түһүөхпүт буоллаҕа дии.

Уол: Допустим. Көрүстэххинэ даҕаны хаһан да көрбөтөх дьоҥҥун хантан билиэххиний?

Харытыан: Санаарҕаама, сэрэйэн да билиэм. Дьүһүннэрин, таҥастара-саптара билэрим буоллар.

Кыыс: Мама видела же.

Харытыан: Арба даҕаны. Эдьиий.

Быраас: Ыарыһах чуумпуга уонна покойга наадыйар. Туруга мөлтөх.

Аҕа: Тыый! Улаханнаппыт дуо?

Быраас: Туруга мөлтөх соҕус. Да. Сарсын балыыһаҕа угуохха наада.

Кыыс: Маманы балыыһаҕа положат даа? Крутоо. Хата, мин передачка таһыам.

Уол: Уонна дьиэҕин хомуйуоҥ, уонна ас астыаҥ, уонна киэһээ паапаны кытта хотоҥҥо тахсыаҥ.

Кыыс: Фуу! Хотоҥҥо тахсыбаппын. Онно барыта какашка сыта. Бэйэҥ тахсаар.

Харытыан: Хайдах эмэ булар инибин. Буллахпына сатанар. Харчыны төннөрүөххэ наада.

Ийэ: Дьахтара мутон шубалаах этэ.

Харытыан: Дьүһүннэрэ хайдах этэй?

Ийэ: Иккиэн кыраһыабай баҕаны этилэр. Культурнайдар этэ. (Эмискэ ойон турар) Дьахтар маннык баттахтаах, маннык талиялаах уонна наһаа үчүгэй таба тыһа унтуулаах этэ. (Олоро түһэр).

Харытыан: Эр киһитэ?

Ийэ: (Ойон туран илиитинэн көрдөрөр) Эр киһи маннык, маннык уонна маннык этэ (олорор).

Харытыан: Өйдөнөр! Чэ, мин бардым. Харчыны хайаан да төннөрдөххө сатанар. (Тахсар)

Быраас: Ивановна, успокойся буоларыҥ буоллар, мин укол биэриэм этэ.

Кыыс: Уо-аай! Мин уколтан боюсь ээ!

Уол: Акаары, эйиигин укуоллууллар үһү дуо?

Кыыс: Сам такой дурак!

Ийэ: Уоскуйан эрэбин. Уоскуйдум.

                                                           Быраас ийэлэригэр укуол биэрэр.

Ийэ: һуу! Арыый да буоларга дылы гынным ээ.

                                                   Учасковай  уонна Ыалдьыт киирэллэр.

Учасковай: Дорооболоруҥ! Учаастактааҕы инспектор, полиция капитана Протоколкин.

Кыыс: Чё так долго-то? Биһиги бары эйиигин давно ждем дии.

Аҕа: Барар барбытын, ыалдьар ыалдьыбытын кэннэ биирдэ кэлэҕит.

Быраас: Так сказать, өлөр өлбүтүн кэннэ.

Учасковай: Ким өллө, ким өлөрдө, өлүк ханна баарый? Протокол суруйуохха наада.

Ийэ: Мин өлүөх курдук этим.

Учасковай: Онтон өлбүт киһи ханна баарый? Где труп?

Быраас: Өлбүт киһи пока суох.

Ыалдьыт: Ол гынан баран, түөкүттэри булбатаххына, арааһа, өлүк да баар буолсу быһылаах ээ.

Учасковай: Түөкүттэри, мошенниктары, жуликтары ким эмэ көрбүтэ дуо?

Ийэ: Мин көрбүтүм!

Учасковай: Кинилэри ойуулуур кыахтааххын дуо?

Ийэ: Сатаан уруһуйдаабаппын. Кэпсиэхпин сөп. Дьахтара маннык, маннык уонна маннык этэ.

Учасковай: Понятно. (Сурунар) Крашенная блондинка, рост такой-то, телослжение фигуристая. Эр киһи хайдах этэй?

Ийэ: Маннык, маннык уонна маннык этэ.

Учасковай: Понятно. (Сурунар) Черноволосый, гладкобритый, рост выше такого-то, телосложение ыыһы, ыыһы, ыыһы. Точка. Таҥастара хайдах этэй?

Ийэ: Дьахтар мутон шубалаах этэ. Наһаа үчүгэй таба тыһа унтуулаах этэ. Наһаа ымсыырбытым.

Учасковай: Эр киһи таҥаһа хайдах этэй?

Ийэ: Бэргэһэлээх этэ.

Учасковай: Хайдах бэргэһэ этэй, соно хайдах этэй?

Ийэ: Билбэтим. Эр дьону одуулаһааччым суох.

Аҕа: Мин Настаам сэлээччэх дьахтар буолбатах!

Учасковай: Кинилэр туох диэбиттэрэй? Төһө элбэх харчыны албыннаан ылбыттарай?

Ийэ: Волонтёры добра и взаимодоверия диэбиттэрэ. Харчыҥ сүүс бырыһыан улаатар диэбиттэрэ, лотерея диэбиттэрэ. Плавкилаах уолаттар диэбиттэрэ.

Учасковай: Туохтаах уолаттар?

Ийэ: Плавкилаах.

Учасковай: Харчы биэрбиккэр туох да докумуон биэрбэтэхтэрэ дуо?

Ийэ: Лотереялаах сертификат биэрбиттэрэ. Тумбаҕа сытара буолуо.

Учасковай: (Сертификаты ылан ааҕар) “Чукча, фрукта, Лимпоппо, чурка, фантик, гиппоппо” диэн суруйбуттар. Бу аата докозательство диэн буолар.

                                                                       Эмискэ телефон тыаһыыр.

Аҕа: (Телефонун ылар) Алоо! Алоо диибин! Дьэ-дьэ, Сэмэммин! Ээ…ээ…ээ… Сөп, иһиттим. Сөөп даа диэ (көхсүн этитэр). Харытыаммыт дэриэбинэ аннараа уһугар, аара суолга дьахтардаах эр киһини көрсө түспүт.

Бары: Дьэ?!

Аҕа: Дьахтар мутон шубалаах үһү, эр киһи бэргэһэлээх үһү. Дьахтар шубатын иһигэр сабыс-саҥа хобордооҕу укта сылдьар үһү. Эр киһи баул муҥунан харчыны тута сылдьар үһү.

Ийэ: Ол мин саҥа хобордооҕум.

Бары: Ону хайаабытый?

Аҕа: Уол иккиэннэрин сотуталаан кэбиспит. Онтукайдара суолга сыталлар үһү.

Учасковай: Мин онно бардым. Миэстэтигэр тиийэн, протокол толоруохха наада.

Быраас: Пострадавшайдар төһө элбэхтэр үһүнүй?

Аҕа: Билбэтим ээ, ыйыппакка хааллым.

Ыалдьыт: Ол, баҕар, букатын да атын дьон буолуо.

Кыыс: Не может быть. Тёкинов так много что-ли?

Ыалдьыт: Куһаҕан төһөҕө даҕаны үчүгэйтэн элбэх буолар быһылаах ээ.

Аҕа: Төһө да буоллар, албыннаан аһаабыт ас иҥэмтэтэ суох буолар баҕайыта. Ол да дьон албыннаан булбуттарын иҥэриммэккэ хааллахтара ити.

Кыыс: Иҥэмтэтэ—это как?

Быыс.