Бүөтүр Хара
Тураах доҕотторо
(Үс оонньуулаах көннөрү көрүдьүөс)
Оонньуур дьон:
Онолуйар Онтуон— 60-лаах, быралгы киһи
Суоппар Сааска-50-лаах, быралгы киһи
Аата Суох Агафон-50-лаах, быралгы киһи
Дьыалаһыт Дьаакып-уруккута орто соҕус тойон сааһырбыта.
Кырааскаһыт Кынаачай-культуура дьиэтин үлэһитэ
Паапкалаах Дьахтар-культуура үлэһитэ
Микрофоннаах Дьахтар-культуура үлэһитэ
Тирээпкэлээх Дьахтар-кульуура дьиэтин үлэһитэ
Норд Кинг-аныгы ырыаһыт
Тойон-тойон
Оҕонньор— Тойон аҕата, балай эмэ сааһырбыт киһи.
Дьон-сэргэ
1-кы оонньуу
Күһүөрү сайын. Тураах дааҕыргыыр, дөрүн-дөрүн суор кыланар. Бэрт сэмэйдик чыычаах “чырып” диир. Тыраахтар бирилиир, оҕус айаатыыр. Инники күөҥҥэ бөх чөмөхтөрө үллэн көстөллөр, хадьы соҕус хаппыт тиит адаарыйан турар. Былыта суох, күннээх, куйаас соҕус күн буолуон сөп.
Хаппыт маска тураах кэлэн сахсас гына олоро түһэр.
Тураах: Даах! Дра-раах! Тур-ра тарт! Тур-ра тарт!
Биир чөмөх бурал гынар. Чөмөх иһиттэн Суоппар Сааска тахсан кэлэр. Дааһыйар, тыыллаҥныыр.
Суоппар Сааска: (Ол-бу диэки көрбөхтүүр) Ким да суох эбит дуу. Ким эрэ уһугуннарар курдук этэ ээ. Глюктаары гыннаҕым дуу. (Сэрээккэлээбитэ буолар). Күн ырааппыт эбит.
Тураах: Даах! Даах! Даах!
Суоппар Сааска: (Ходьох гынар) Һуу! Гад! Киһини соһутта! Кыш!
Тураах: (Эйэ дэмнээхтик) Даах! (Тоҥхоҥнуур).
Суоппар Сааска: Кыш диибин! (Сиртэн мас ылар).
Тураах: Даах! Дур-раак! Даах! Даах!
Суоппар Сааска: Дааҕыргыы олорбуккун… (Маһынан быраҕар).
Тураах: Дур-раак! Дур-раак! (Көтө турар).
Суоппар Сааска: Эн да буолларгын бардыҥ ээ, сволочь! Этиһэр курдук туттар ээ, козел баара. Саатар кинини кыайар инибин.
Иккис чөмөх оргууй хамсыыр, киһи сөтөллөрө иһиллэр.
Суоппар Сааска: Һок! Таҥара хайаларын эрэ биэрээри гынна (чөмөх тула хаамах). Оҕонньор эбитэ дуу, били киһи эбитэ дуу. Арааһа, били киһи сордоох быһылаах, нежнай баҕайытык хамсыыр.
Чөмөх үллэх гынар. Иһиттэн Онолуйар Онтуон тахсан кэлэр, дьааһыйар.
Онолуйар Онтуон: Хайа, доҕоор, собус-соҕотоҕун соҥуоран турар эбиккин дуу? Хара сарсыардааттан хайаларын кытта хадьардаһан хаанын хойуннарда, этиһэн этин-тириитин элэттэ дии санаатым ээ. Бап-баллыгырас этиҥ дии.
Суоппар Сааска: Ээс, бачча эрдэ ким кэлиэй. Биир тураах дааҕырҕаан сүгүн утуппата, ону үргүттүгм.
Онолуйар Онтуон: Һы-һы. Буолааччы. Дьэ, ол тугу кэпсээн кэҕиҥниир буолар эбит, турааҕыҥ?
Суоппар Сааска: Ээ, чэ, бүт эрэ. Тураах тугу кэпсиэҕэй, даах-даах диир буоллаҕа дии.
Онолуйар Онтуон: Кэбис доҕоор, инньэ диэмэ. Тураах да кэпсээннээх буолааччы. Эһиги этиһэр курдук этигит дии. Һы-һы.
Суоппар Сааска: Киһини көрө-көрө дааҕыргыыр ээ. “Дураак-дураак” диир курдук саҥарар, гад. Кыһыйан өлө сыстым.
Онолуйар Онтуон: Диэбитэ да буолуо. Ону баҕас ыраахтан аҕалбат буолуохтаах.
Үһүс чөмөх анныттан киһи ынчыктыыра иһиллэр. Били дьон ол диэки хайыһаллар.
Онолуйар Онтуон: Били сордоох уолбут төрөөн эрэр дуу?
Суоппар Сааска: Ээ, ама хайаан. Эр киһи төрөөбөт ини.
Онолуйар Онтуон: Эр киһи баҕайы туохтаах буолан туоҕунан төрүөҕэй. Бэйэтэ күн сирин көрүө этэ буоллаҕа эбээт, һы-һы.
Чөмөх үллэх—үллэх гынар, ынчыктыыр.
Онолуйар Онтуон: Бөххө баттаппыт дуу, хайаабыт дуу. Аны тумнастан хаалан, алдьархайбыт аана аһыллыа. Сатаан турбат быһылаах. (Баран көмөлөһөөрү гыналлар).
Чөмөх иһиттэн киһи тахсан кэлэр. Бытыылка аҥаара арыгыны тута сылдьар.
Суоппар Сааска: Оок-сиэ! Киһибит өссө абырахтаах! Һа-һаах!
Онолуйар Онтуон: Бачча мааны кэһиилээх, бу, хантан хааннаах, кимтэн кииннээх элик бэрдэ этигиний?
Аата Суох Агафон: (Симик баҕайытык) Аата Суохпун.
Онолуйар Онтуон: Оо, бу сордооҕу. Биһиэнэ кэм буолан иһиэ. Кэл, доҕоор, итиннэ туруоҥ дуо.
Суоппар Сааска: Ээ, кырдьык даҕаны. Кэл, доо, кэл. Эбэтэр Лиэнньин пааматынньыгаҕын дуу? Һа-һаах!
Аата Сукох Агафон: (Симик баҕайытык) Ээ, туох… Тугум хайаабыт.
Суоппар Сааска: Туох диигин? Улаханнык саҥар. Кыбыстыма, бары бэйэ дьонобут.
Онолуйар Онтуон: Син-биир эн бэйэҥ курдук охсуулаах аартык оллуругар-боллуругар оҕустарбыт сордоохторбут, кэл-кэл.
Аата Суох Агафон: Ээ, туох… Тугум түһэ сылдьар.
Суоппар Сааска: Тугуҥ доо? Ыстааныҥ дуо? Һа-һаах!
Аата Суох Агафон: (Ытаары гыммыт курдук). Ыы-һык. Курум алдьанан хаалбыт.
Онолуйар Онтуон: Оо, сордоох оҕолоор. Кэм буолан иһиэхпит. Ол, кургун туох быһа тарта?
Аата Суох Агафон: Билбэтим ээ. Уһуктубутум алдьанан хаалбыт.
Суоппар Сааска: (Сиртэн боробулуоха булар) Мэ, манан баанан көр. Баҕар туһалыа. Ити иһиккин аҕал, мин тутуум. Куттаныма, иһэн кэбиһиэм суоҕа (бытыылканы ылар).
Аата Суох Агафон ыстаанын боробулуоханан баанар.
Суоппар Сааска: Букатын ничтяк буолла.
Үһүөн биир сиргэ чөмөхтөһөн олороллор. Онолуйар арыгы кутар.
Онолуйар Онтуон: Чэ, уолаттар. Бэ-бэ, тохтооҥ. Мин, кырдьаҕас киһи быһыытынан маҥнай этиим. (Дьон кини диэки көрөллөр). Бу отох оҥоһуулаах уйгута суох олоххо оройбутунан түһэн, оҕо буолан кэлэрбитигэр бары ийэлээх-аҕалаах дьон буолуохтаах этибит. Хайабытын да аист аҕалан ити бөх чөмөҕүн үрдүгэр иттэннэри бырахпатах, эбэтэр, оҕуруокка күрүөһүлээн киирбит тыһы коза хаппыыста быыһыттан булан ылбатах буолуохтаах. Итинник санаатахха, төрөппүттэрбит хайаан да аат биэриэх тустаахтар. Онон, өйдөөх-төйдөөх эрдэххэ, билсиһэн кэбиһиэҕиҥ.
Суоппар Сааска: Ээс! Бэҕэһээ билсиһэн эрэр курдук өйдүүбүн ээ. Эн… (Онтуону көрөр) Эн… умнан кэбиспиппин дии, бил…биллэрии баара.
Онолуйар Онтуон: Онтон ол иһин этэбин ээ. Антон диэммин. Сахалыы аатым—Онолуйар Онтуон (арыгытын иһэр).
Суоппар Сааска: Александрбын. Короче, Суоппар Сааска диэммин (арыгытын иһэр).
Аата Суох Агафон: Аата Суох… ээ…
Суоппар Сааска: Ааккын умуннуҥ дуо? Пропил да? Һа-һа-һаах!
Аата Суох Агафон: (Симиктик) Аатым баар ээ. Аата Суох диэн куһаҕан аатым.
Суоппар Сааска: Па! Ол аата пропил (түҥнэри хайыһар).
Онолуйар Онтуон: Үчүгэй ааккын хайаабыккыный?
Аата Суох Агафон: Хайаабатаҕым даҕаны.
Суоппар Сааска: Оччоҕо эт ээ, биһиги кимиэхэ да этиэхпит суоҕа.
Онолуйар Онтуон: Аан Ийэ дайды арҕаһыгар ат буола түспүккэр аһыныгас санаалаах аҕаҥ икки, эйэҕэс иэйиилээх ийэҥ икки аат биэрбит буолуохтаахтар. Ким-хайа диэн ааты биэрбиттэр этэй?
Аата Суох Агафон: Агафон диэбиттэр этэ (арыгытын иһэр).
Онолуйар Онтуон: Буоллаҕа ити дии. Бэртээхэй аат, һэ-һэ.
Суоппар Сааска: Һа-һаах! Таҥара дьиэтин аҕабыытын курдук ааттаах эбиккин дии.
Аата Суох Агафон: (Арыый сэргэхсийэр) Урут, училищеҕа үөрэнэ сылдьан, сороҕор таҥара дьиэтигэр холтууралыыр этим.
Онолуйар Онтуон: Мин урут тойуктуур, олоҥхолуур этим.
Суоппар Сааска: Онтон доо, мин урут суоппардыыр этим. “Патриот” УАЗ-зиктаах этим. (Сылаанньыйар) Бэркэ да суоппардыы сылдьыбыты-ыым.
Онолуйар Онтуон: Бары да бэрт баҕайытык үлэлии сырыттахпыт. Мин эмиэ бэркэ үлэлии сылдьыбытым. Кулуупка. Тойуктаан тоҕута сытыйар этим, пиэсэҕэ оонньоон ханньараҥныырым. Сири-дойдуну бары кэрийбиппит. Биирдэ эмэтэ олоҥхолоон онолуйарым (санаарҕаан олорор).
Аата Суох Агафон: Онтон?
Суоппар Сааска: Онтон диэн. Онтон үлэтиттэн уһуллахтара дии. Аһаан кэбиспитэ буолуо. Аа, убай, аһаан кэбистиҥ, аа? Һа-һаах!
Онолуйар Онтуон: Аһаамына, эн эрэ аһыаҥ дуо? Сайын, уоппускабар барыам эрэ иннинэ, кулууппут умайан хаалбыта. Чаҕылҕан түспүтэ. Үөһээ өндөл маҥан халлаантан түһэн умаппыта. Ол саҕана мин кулууп сарайын иһигэр утуйа сытар этим.
Суоппар Сааска: Һа-һаах! Итирэн баран, аа?
Онолуйар Онтуон: Итирэн баран буолумуна. Дьиэлээх-уоттаах, оҕолоох-уруулаах киһи аанньатыгар сарайга утуйуо дуо? Кулууппут умайан хаалбытыгар айдаан бөҕөтө буолбута. Үөһээттэн…
Суоппар Сааска: (Халлааны ыйар) Онтон диэ?
Аата Суох Агафон: Тойоттортон.
Суоппар Сааска: Ээ, чэ, бүт эрэ доо! Дьон кэпсиирин мэһэйдээмэ. Эйиигин мэһэйдээтэххэ төһө үчүгэй буолуой? Чэ, убай, кэпсээ.
Онолуйар Онтуон: Үөһээттэн “буруйдааҕы булуҥ” диэн дьаһал, ыгыы-түүрүү бөҕөтө буолла. Этиҥ да этэн ньиргийдин, чаҕылҕан да чаҕылыйан сандаардын кинилэргэ син-биир. Буруйдаах эрэ баар буолуон наада. “Булбатаххытына бэйэҕитин буруйдуохпут” диэбиттэр. Дириэктэрим дьахтар, ол иһин, “итирик этэ” диэн миигин уган биэрдэ. Миигин хаайан “чып” гыннаран кэбистилэр. Силиэстийэ буолла. Силиэдэбэтэлгэ: “Мин умаппатаҕым, чаҕылҕан умаппыта”,—диэн этэ сатыыбын. Киһим: “Ол кимий? Куомуннааҕыҥ дуо?”—диир.
Суоппар Сааска: Па! Бүттэхпит дии. Тупой козел что-ли?
Аата Суох Агафон: Дии доо. Тупой!
Суоппар Сааска: Доо, мин эйиигин бүт диэбититм буолбат дуо?! Мэһэйдээмэ диэбитим дии!
Аата Суох Агафон Онолуйар кэннигэр сыҕарыйан биэрэр.
Онолуйар Онтуон: Төһө эмэ өр эрэйдээн баран, хата, син таһаарбыттара. Экспертиза “киһи умаппатах, чаҕылҕан түһэн умаппыт” диэн быһаарбыт этэ. Ол үрдүнэн биир орто соҕус тойон, туомугар да буоллар тойуксут киһи баара, дэлби хасыһан, үлэбиттэн уураппыттара. Онтон ыла иппэй-туппай үлэлээн пиэнсийэҕэ тахсан баран, бу сылдьабын. Дьиэм былырыын ууга баран хаалбыта.
Суоппар Сааска: Ол хаһыспыт киһини билигин кэһэтэн биэриэххэ буоллаҕа дии. Билигин терять нечего. Быһыта сынньан кэбиһиэххэ.
Онолуйар Онтуон: Билигин байан-тайан, хаһаайыстыбаланан аххан пиэнсийэҕэ олорор. Коза иитэр быһылаах. Кэбис, сатана сырыттын. Аны миигин хасыһан тугу гыныай?
Тураах: (Көтөн кэлэн маска олорор) Баай баарр! Баай баарр! (Тоҥхоҥнуур, кыҥнаҥныыр).
Суоппар Сааска: (Турааҕы үргүтэр) Кыш! Кыш диибин! Бар!
Тураах: Барр! Бэйэҥ барр!
Аата Суох Агафон: Сырыттын ээ.
Суоппар Сааска: Ээс! Хайдах сылдьыай! Вааще абааһы көрөбүн! (Мас ылар).
Тураах: Дур-раак! Дур-раак!
Онолуйар Онтуон: Һэ-һэ, турааҕыҥ “дураак-дураак” диир, һэ-һэ.
Суоппар Сааска: Диир даа?! Бу каазел!..
Аата Суох Агафон: Күлүү гынар курдук туттар.
Суоппар Сааска: Курдук туттар даа?! (Маһынан быраҕар).
Тураах көппөт.
Тураах: Дур-раак! Аарр-маарр!
Онолуйар Онтуон: Аар-маар диир дуу? (Сааскаҕа) Арааһа, эйиигин этэр быһылаах.
Суоппар Сааска: Бил…Мин кинини билигин кэһэтиэм! (Улахан маһы ылар).
Аата Суох Агафон: Мин иһиттэхпинэ “авария” диэтэ.
Суоппар Сааска: (Бардьыгыныыр) Туох диэтиҥ?!
Аата Суох Агафон: Авария диэтэ. (Кэннинэн тэйэр).
Суоппар Сааска: Хатылаа!!
Аата Суох Агафон: Авария.
Суоппар Сааска хаһытыы түһэн баран, турааҕы маһынан охсоору далайбытыгар Онолуйар киирэн биэрэр.
Тураах: Биирр баарр! Биирр баарр!
Суоппар Сааска иккистээн далайар. Онно Аата Суох Агафон киирэн биэрэр. Үһүстээн далайан охсор. Онто маһа тостон бэйэтин оройго биэрэр. Үһүөн дөйөн баран сыталлар.
Тураах: Дур-раак диэ баарр. Дур-раак диэ баарр! (Көтөн хаалар).
Дьыалаһыт Дьаакып киирэр.
Дьыалаһыт Дьаакып: Хайа, бу кимнээхпит тэлгэнэ сыталлар? Ээ, били баҕайылар эбит дуу? (Тиийэн биир-биир өҥөйтөлөөн көрөр). Баҕайылар хара сарсыардааттан итирэн аппаһа сыттахтара. Оо, сыыҥ-сырааҥ аллан сүрдээх дьон. Дьоҥҥо-норуокка тураах тумсун да саҕа туһата суох күтүрдэр. (Агафону өҥөйөн көрөр) Бу сордоох ыстаанын боробулуоханан эринэ сылдьар. Курун арыгы гыммыта буолуо ээ? Чэ, ол туох буолуой, миэхэ козаларым эрэ этэҥҥэ турдуннар. (Тэбэн көрөр).
Агафон хамсаабат.
Дьыалаһыт Дьаакып: Арыгыны сибиинньэ курдук хааланыы буолбут быһылаах. Ымыр да гынан көрбөт. Эрэйдээх, син энтилигиэн соҕус көрүҥнээх эрээри, маннык суолу тутустаҕа. Олох сүрэҕэ суох муҥнаах буолуо. (Онтуону тиийэн өҥөйөн көрөр). Балай эмэ саастаах киһи эбит эрээри, бу дьону кытта тэҥҥэ ииллэҥкэйдэһэ сырыттаҕа. Иһэр да баҕа диэбит курдук. Һы! Хаһан эрэ көрбүт киһибэр майгынныыр эбит ээ. Били мин хайаабыт киһибэр. Өссө миигин кини Дьыалаһыт диэн хос ааттаабыт этэ. Эс, ама ол киһи буолуо дуо? Онолуйар баҕайы өлбүт үһү диэн истэргэ дылы гыммытым. Букатын да буор иһээччи буолбут диэбиттэрэ, онон, өлүө даҕаны. Өллүүн, өллүн. Биир кэм наар кини аатырар-сураҕырар этэ, өлөн көрөөхтөөтүн. Бу, баҕар, аймаҕа дуу, көннөрү киһи атылыыта дуу буолуо. Аан дойдуга алта миллиард киһи баар дииллэр. Ол тухары майгыннаһар сирэйдэр хайаан суох буолуохтарай. Чэ, ол туох буолуой, миэхэ козаларым эрэ этэҥҥэ турдуннар. Ноо! Тур эрэ!
Онтуон хамсаабат.
Дьыалаһыт Дьаакып: Баҕайы дьалкыйан да көрбөт. Саастаах киһи эрээри, арыгыны батыһан маннык олоххо кэллэҕэ. Атын эбитэ буоллар, бу мин курдук, коза иитэ, оҕолоругар көмөлөһө, сиэннэрин бүөбэйдии сылдьыа этэ. Чэ, ол миэхэ туох буолуой, кинилэр аһыыллара-сииллэрэ миэхэ өссө ордук курдук. Босхону эрэ үрдүнэн үлэһиттэр буоллахтара дии. Бу киһиҥ баҕар, оҕото-уруута суох, аттыкы киһи буолуо. Оччоҕо, маннааҕар сүрдээх да олоххо тиийэрэ өртөн буолбат. (Сааскаҕа тиийэр) Хата, бу син эттээх-сииннээх, “пис” курдук киһи баар эбит ээ. Ээ, олох даҕаны били Абаарыйа Бааска эбит буолбат дуо. Били, үчүгэй аата ким этэй (толкуйдуур)? Ээ, чэ. Ким да хаппыт диэн буоллун, Абаарыйа буолла да Абаарыйа. Бу сордоохтору кытта куодарыспыт эбит дии. Хаһааҥҥыта эрэ суоппар ааттааҕа, сүрэх-бэлэс бөҕө уол этэ. Чэ, ол туох буолуой, миэхэ козааларым эрэ этэҥҥэ турдуннар. (Улаханнык хаһытыыр) Нохоо!!
Сааска хамсаабат.
Тураах: (Көтөн кэлэн маска олорор). Даах! Хаалбыт дьон! Хаалбыт дьон!
Дьыалаһыт Дьаакып: (Турааҕы көрөр) Хаалбыт дьон диир дуу? Кырдьык да хаалбыт дьон. Аҕыйах иһит арыгыга козаларбат оттотуом дии санаабытым. Күн-дьыл ыраатта, күһүн буолан эрэр. Арааһа үлэлээн абырыа суох урааҥхайдар дуу, ханнык дуу?
Тураах: Кыр-рбаан биэрр! Кыр-рбаан биэрр!
Дьыалаһыт Дьаакып: (Турааҕы кытта кэпсэтэр быһыынан) Ээс, таҥаһым киртийиэ. Албыннаһан көрбүт ордук буолуо (хоонньуттан бытыылка таһааран тыгыалыыр).
Суоппар сааска олоро түһэр.
Суоппар Сааска: Олоро түстүм ээ.
Тураах: Турр диибин! Турр диибин!
Суоппар Сааска: Поо-шел, дурак! Сүтэн хаал! (Мас сулбу тардан ылар).
Тураах саһан хаалар.
Дьыалаһыт Дьаакып: Хайа, нохоо, тугу кэбилэнэ сылдьаҕын бу?
Суоппар Сааска: (Соһуйар) Һоок!! (Эргичис гынар). Ээ, Дьыал… ээ, алҕас… били, ким… Дьаакып Дьаакыбылабыс дорообо.
Дьыалаһыт Дьаакып: Кэбилэнии бөҕөтүн кэбилэнэ сылдьаҕын дуу?
Суоппар Сааска: Ээ, онтон… Суох, кэбилэммэккэ эрэ сылдьабын.
Дьыалаһыт Дьаакып: Кэбилэммэтэххэр хара сарсыардааттан итирэн охтубут үһүгүн дуо?
Суоппар Сааска: Ээ, итирбэтэхпит ээ. Көннөрү сынньанаары сыппыппыт.
Дьыалаһыт Дьаакып: Сынньанаары буолан. Ким эһигини итэҕэйиэн сымыйалыыргыт буолла. Тугу үлэлээбиккитигэр сылайбыт үһүгүт
Суоппар Сааска: Ээс, тугу гыммат буолуохпутуй. Таһаҕас сүөкүүбүт, бөх ыраастыыбыт. Оннооҕор биир киһи окко көмөлөһүнэрбитэ. Эн да тугу эмэ соруйарыҥ буоллар, начаас толоруохпут этэ.
Дьыалаһыт Дьаакып: Саһыл Саҕалаах Саабаҕа оттообут сураххытын истибитим. Туох хамнаска үлэлэтэр буолар эбитий, ол улуу баай киһи?
Суоппар Сааска: Күҥҥү түөртэ ыга тотуохпутугар диэри аһатар уонна күҥҥэ киһи баһыгар үстүү мөһөөх. Уонна бүппүппүт кэннэ эмиэ киһи баһыгар биирдии туох биэрбитэ.
Дьыалаһыт Дьаакып: Туох?
Суоппар Сааска: Ээ, онтон туох буоллаҕа дии, били…туох.
Дьыалаһыт Дьаакып: Туох да туох буолан тугуҥ тылай? Арыгы дуо?
Суоппар Саака: Аа. Арыгы. Буокка. Буоккачаан. Сороҕор Болуодьа да диэччибит.
Дьыалаһыт Дьаакып: Болуодьа буолан. Эҥин араастаан ааттаан. Хаһыа буолан ол киһиэхэ үлэлээбиккитий?
Суоппар Сааска: Бэһиэ этибит.
Дьыалаһыт Дьаакып: Ороскуот эбит. Биэс киһини күҥҥэ түөртэ тото аһат да, харчы төлөө да, арыгы иһэрт да. (Тугу эрэ суоттуу-суоттуу барар).
Суоппар Сааска: (Кэнниттэн) Кырдьаҕаас, хайа, хайыыгын. Үлэлэтэҕин дуо?
Дьыалаһыт Дьаакып: (Саҥата иһиллэр) Туруккутуттан көрүллүө.
Суоппар Сааска: Туруккутуттан буолан. Биһиги турукпут чы-зы буоллаҕа дии. Абырах эрэ наада.
Онолуйар Онтуон: (Олоро түһэр) Абырах даа?
Тураах: Аб-быр-рах суох! Аб-быр-рах суох!
Онолуйар Онтуон: (Тураахха) Куһаҕаны саҥарыма, ноо. Баҕаҥ хоту баҕалаан да сиириҥ суох буолуо.
Тураах: Ай-даар-рыма! Ай-даар-рыма!
Суоппар Сааска: (Ойон турар) Доо! Мин эйиигин бар диэбитим буолбат дуо?!
Тураах: Ак-каар-ры дур-раак! Ак-каар-ры дур-аак! (Көтөн хаалар).
Суоппар Сааска: Абырах да баҕар баар буолуо. Биир баай, тойон киһи үлэлэтээри гынар быһылаах.
Онолуйар Онтуон: Бэрт буолуо эбит. Саатар килиэби тото мотуйа сылдьыллыа этэ.
Аата Суох Агафон: (Оргууй олорор) Алаадьы сиэхпин баҕардым.
Дьыалаһыт Дьаакып төннөн кэлэр.
Дьыалаһыт Дьаакып: (Улаханнык) Нохолоор!
Бары ходьох гына түһэллэр. Онолуйар кинини көрөн улаханнык соһуйар. Түҥнэри хайыһа охсор. Дьыалаһыт эмиэ соһуйбут көрүҥнэнэр. Онтуону эргийэ хаамар, сирэйин көрө сатыыр. Биирдэрэ ол аайы түҥнэри эргийэн иһэр.
- Дьыалаһыт Дьаакып: Нохолоор, кэпсэтии баар. Аҕыйах козалаах этим. Олорбор эбии оттотоору гынабын.
- Аата Суох Агафон: (Ойон турар) Мин сөбүлэһэбин.
- Суоппар Сааска: Тохтоо, акаары. (Дьаакыпка) Хамнаһа хайдаҕый?
Дьыалаһыт Дьаакып: Күҥҥэ иккитэ аһыыгыт уонна сууккатыгар киһи баһыгар биэс уоннуу солкуобай.
Аата Суох Агафон: Мин сөбүлэһэбин.
Суоппар Сааска: Тохтоо, акаары. Күҥҥэ түөртэ тото аһыыбыт уонна сууккаҕа киһи баһыгар иккилии мөһөөх харчы. Уонна бүттэхпитинэ биирдии буокка.
Дьыалаһыт Дьаакып: (Суоттуур, ааҕар) Күҥҥэ үстэ аһыыгыт уонна сууккаҕа киһи баһыгар мөһөөхтүү харчы. Арыгыта оччо буоллун даҕаны.
Аата Суох Агафон: Мин сөбүлэһэбин.
Онолуйар Онтуон: (Түҥнэри хайыһан олорон) Барыска баҕаран баспыт хайдаарай. Олус басыһар сатаммат.
Суоппар Сааска: Чэ-чэ, буоллун. Сөбүлэһэн. По рукам! (Илиитин Дьыалаһыт Дьаакыпка уунар).
Дьыалаһыт Дьаакып: (Илиитин кэннигэр туттар) Чэ, бэрт. Баран оттуур сиргитин көрүҥ.
Бары батысыһан бараллар. Кэннилэриттэн тураах батыһан ойуоккалыыр.
Тураах: Пар-раад буолла! Пар-раад буолла!
Быыс.
2-с оонньуу
Оттуур ходуһа. Сууллаары гыммыт, тирээбиллээх бүтэй күрүө. Антах тыа. Сцена уҥа өттүгэр талахтар, хаҥас өттүгэр аарыма тиит. Чыычаах ырыата иһиллэр. Тураах дааҕыргыыр, суор кыланар, кус саҥата иһиллэн ааһар. Били дьон үһүөн аһыы олороллор.
Суоппар Сааска: Тоттум. Ол гынан баран, былырыын аһаабыппар тиийбэт эбит.
Онолуйар Онтуон: Ырааппытын. Оҕом саҥа төрөөбүтүгэр, мин биэс саастаахпар диэбиккэ дылы.
Суоппар Сааска: Ол аата хайдах? Биэс эрэ саастаахпар хайдах оҕолонуохпунуй? Кырдьаҕас кыра соҕустук того что-ли?
Онолуйар Онтуон: Ээс, суох. Олус ырааппыты инньэ диэн күлээччилэр.
Суоппар Сааска: (Окко тиэрэ түһэр) Урукку диэ. Урут, кырдьык, үчүгэй да этээ.
Аарыма тииккэ тураах кэлэн түһэр.
Тураах: Кырр-дьык! Кырр-дьык!
Суоппар Сааска: Даа! Эмиэ кэллэ. (Мас ылан быраҕаары гынар).
Тураах: Кур-руубай дур-раак! Кур-руубай дур-раак!
Аата Суох Агафон: Сырыттын ээ, тыытыма.
Онолуйар Онтуон: Сатана көтөрө сырыттын. Тыытыһыма.
Суоппар Сааска: (Агафоҥҥа) Даа, эн туох ааттаах аһаан хааллаххыный, бүт эрэ.
Аата Суох Агафон киһитин дьиктиргээбит курдук көрөр.
Онолуйар Онтуон: (Окко тиэрэ түһэр) Аһаатын ээ, бүтүө суоҕа.
Аата Суох Агафон: Аа, дии доо.
Суоппар Сааска: Аһаа-аһаа. Оонньоон эттим.
Агафон аһаабытынан барар. Сааска окко тиэрэ түһэр.
Онолуйар Онтуон: Былыр, өлбүт ынаҕым тыыннаах эрдэҕинэ үүтэ-сүөгэйэ дэлэй буолар этэ. Иһэ сатаан, сии сатаан, ыалга бэрсэ сатаан баран, төттөрү бэйэтигэр иһэрдэр этибит.
Суоппар Сааска: (Олоро түһэр) Эс, даа, бу да киһи. Онтон миэхэ бэрсиэххин, мин сайыны быһа аччык сырыттым дии.
Онолуйар Онтуон: Аҕыйах хонуктааҕыта билсэргэ дылы гыммыппыт дии. Бу Орто туруу бараан дьаҕыл дойдуга баарын да билбэт киһибэр хайдах бэрсиэхпиний?
Суоппар Сааска: Арба да оннук этэ дуу. Мин эмиэ эһигини биирдэ да массыынабар олордубатах буоллаҕым дии.
Аата Суох Агафон: Суоппар этиҥ даа?
Суоппар Сааска: Ээ, чэ, бүт эрэ даа. Уонча күнү быһа “уһуннук суоппардаабытым” диэн ыт эрэ буолан үрбэтим буолбат дуо? Онтон эн тугу эмэ үлэлээбитиҥ дуу, суох дуу? Букатын тунеядец этиҥ дуу?
Аата Суох Агафон: Мин дуо?
Онолуйар Онтуон: Эн доо. Суорун оҕонньор Ньукууһугар дылы буолан бу киһи.
Аата Суох Агафон: Мин дуо? Мин туохтуу сылдьыбытым. (Мунчаарбыттыы) Хайаабытым. Оҕолору туохтуур этим. (Долгуйан киирэн барар) Онтон туох… Оҕолору үөрэппитим. Учуутал этим! Уруһуй учуутала этим!
Суоппар Сааска: Ээ, па! Ол диэн үлэ үһү дуо? Оскуолаҕа кэлэҕин, эдэр учуутал кыргыттары кытта эришшэҕин. Уруок буоллаҕына, кылааска киирэн, оҕолору мөҕөҕүн уонна дьиэлиигин. Дьэ, суоппар үлэтэ баар, дьиҥнээх үлэ! Сарсыарда эрдэ, хараҥаҕа, тойоҥҥун таҥнары тиэйэн куоракка бараҕын. Аара суолга айылҕа араас көстүүтүн көрө-көрө айаннаан иһэн, оо, блиин(!), утары элээрэн иһэр КамАЗ-ка киирэн биэрэ сыһаҕын! (Дьоно кини диэки көрө түһэллэр). Ээ, наар оннук буолбатах, биирдэ эмэтэ. Онтон чайнойга киирэҕин. Тугу талбыккын атыылаһан аһыыгын. Боольнай элбэҕи аһыыгын уонна даальше айанныыгын. Ээ, мин ыбылы гаастаан кэбиһэбин. Массыынам, боруоста, реактивнай самолет курдук барар. Баттаҕым ыһыллан олорор, тойонум хараҕа ирим-дьирим, мэйиитэ мээчик курдук ойуоккалыыр. Ыксаан: “Скороскын бырах”,—диир да, мин өссө гаастаан биэрэбин. Астык баҕайы. (Курус гынар) Биирдэ оннук айаннаан истэхпинэ рескэй баҕайы поворот кэллэ!.. (Тохтоон хаалар).
Тураах: Бар-ран түс! Бар-ран түс!
Суоппар Сааска: (Тураахха) Пошел. Кыш.
Тураах: Пр-ровал буолбут! Пр-ровал буолбут!
Суоппар Сааска: Кыш диибин (маһы сулбу тардан ылар)!
Онолуйар Онтуон: (Тураахха) Эн онтон үөрдүҥ дуо?!
Тураах саһан хаалар.
Аата Суох Агафон: Онтон? Хайаатыҥ?
Суоппар Сааска: Хайыахпыный? Сырыттаҕым бу дии.
Онолуйар Онтуон: Дьэ, буоллаҕа. Икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх туохха-туохха түбэспэтэҕэ баарай. Ол да иһин бу буолан сырыттахпыт дии. Дьэ, онтон?
Суоппар Сааска: Суолтан үстэ көппүтүм, үстэ олбуору кэйбитим уонна үстэ хассыспытым кэнниттэн Абаарыйа Бааска диэн ааттаан баран, үлэбиттэн устан кэбиспиттэрэ. Ол иһин “абаарыйа” диэн тылы наһаа абааһы көрөбүн. Боруоста, сөбүлээбэппин! Букатын абааһы көрөбүн, сөп диэ!! (Уоскуйар) А, так… Суоппардыырбын астынар аххан этим. Билигин да астынабын. Саатар биирдэ уруулга олорорум буоллар дии саныыбын ээ. Билигин пятимескалааҕым дуу, микролааҕым дуу буоллар. Ээ, микро ордук буолуо. Таксиилыырга эҥин. Чайнойга босхо аһыыгын, дьону тиэтэт да тиэтэт буолаҕын. “Чэ-чэ, киирэн олорон иһиҥ, түргэнник миэстэҕитин булуҥ! Туох ааттаах бириэмэннэй бараан курдук дьоҥҥутуй?!…” Ээ… ити алҕас. Эһигини босхо таһыам этэ.
Аата Суох Агафон: Биһиги төлүүр да харчыбыт суох.
Суоппар Сааска: Ол иһин этэбин дии. Массыыналааҕым буоллар, кырдьык, кимтэн да харчы ылыам суоҕа этэ. Саатар биирдэ уруулга олорбут киһи баар ини.
Аата Суох Агафон: Хаһан эмэ олоруоҥ буоллаҕа дии.
Суоппар Сааска: (Үөрбүттүү) Ээ, даа?
Онолуйар Онтуон: Сааскабыт массыыналааҕа буоллар сири-сибиири барыа этибит. Дьэ, биһиги ыллаан доллоһута-доллоһута айаннаан сахсылыннарыахпрыт этэ.
Аата Суох Агафон: (Симиктик) Уонна массыынабытыгар кыыс бөҕөтүн олордуохпут этэ.
Суоппар Сааска: Ээ, бүт эрэ доо, кырдьан хаалан баран. Мин массыынабар дьону барытын тиэйэн бараары гынныгыт дии. Босхо эһигини эрэ олордобун. (Массыына ыыппыта буолар) Аа, астык баҕайы. Чэ, убай, ыллаа.
Онолуйар Онтуон: (Туойар)
Ойон тахсар күннээх,
Охтон баранар мастаах,
Устан уолар уулаах,
Орто Дойду уорҕатынан,
Оллур-боллур суолунан
Онньороҥнотон иһэммин
Олдьу-солдьу харахпынан
Ону-маны одуулаан
Оччойо, олойо испитим.
Суоппар Сааска: Хаа, даа, убай, ырыаһыт баҕайы эбиккин буолбат дуо.
Онолуйар Онтуон: Эдэрбэр балай эмэ ырыаһыт-тойуксут, оннооҕор олоҥхолоон да ылар эр бэрдэ эрэстиин этим. Ээ, ол билигин, тыын-быар кылгаан, куолас олорон, мээнэ суолтатыгар эрэ онолуйбута буолабын. Сатахха, мин эдэр эрдэхпинэ сахалыы быһыыны-майгыны, ырыаны-тойугу сэҥээрбэттэр этэ. “Бу киһи эмиэ онолуйан эрэр”,—диэн буолара. Ол да иһин Онолуйар Онтуон аатыра сырыттаҕым.
Суоппар Сааска: Ол, боболлор этэ дуо?
Онолуйар Онтуон: Олус да бобон кэбиспэтэллэр. Араадьыйаҕа син биирдэ эмэтэ олоҥхону-тойугу тыаһаталлар этэ.
Аата Суох Агафон: Олоҥхо диэн “дьээһээ-буоһаа” диэн ээ?
Онолуйар Онтуон: Ээ, суох доҕоор, бу да киһи. Олоҥхо диэн маннык буолар баҕайыта (атаҕын оллооннуур, икки кулгааҕын саба туттар)
Былыргы былдьаһыктаах дьылларым
Быралыйар быдан мындааларыгар,
Ааспыт алдьархайдаах сахтарым
Аҥаарыйбыт анараа таһааларыгар
Айыы бухатыыга Албан Харылы
Арбаҕаһын бүрүммүтүнэн төрүөбүт
Арсан Дуолай, Буор Маҥалай
Аччыгый уола Аһыҥастаах Ардьай бухатыыры
Аҕырбыт ахтатыттан саҕалаан
Аҕыс салаа баттахтаах
Алтан чаан оройугар диэри
Аҥаар-аҥаар буолар гына
Хайа тэбэн “дыр” гыннаран кэбистэ.
Олоҥхо диэн итинник буолар баҕайыта.
Суоппар Сааска: Онуоха буоллаҕына анараа киһи бэтэрээ киһини түөрт уон биэстээх киирсэбэй саппыкынан каратэлаан саайбытын, биһиги киһибит “Адидас” кроссовканан подсечкалаан түһэрдэ. Һа-һаах! Син бэркэ эттим дуу?
Тураах: Дур-рын-да! Дур-рын-да!
Суоппар Сааска: (Ойон туран, турааҕы супту ыйар). Ээ, пошел отседава! Надоел гынна.
Тураах: Бар-рдым! Бар-рдым! (Мас кэннигэр саһар).
Онолуйар Онтуон: Хаар-самыыр баттаан, ырыаны-тойугу кыайбат буолан иһээхтиибин. Бүдүгүрэн хаалыам иннинэ биирдэ дьон-сэргэ истэригэр туойан доллоһутарым, ыллаан ыҥсалытарым, олоҥхолоон доргутарым буоллар, ама, Орто Дойдуга кэлбиппин кэмсиниэм эбитэ буолуо дуо? Былыргы кырдьаҕастар курдук үс түүннээх күнү мэлдьи да буолбатар, саатар, үс чаас устата тохтоло суох олоҥхолоон куйуһуттарбын, ама, кэпсээн кэҕийбэккэ, ыллаабакка-туойбакка бардым диир үһүбүөн.
Аата Суох Агафон: Ханна бараары гынныҥ?
Суоппар Сааска: Акаарыгын дуу, доо? Өлөрүн этэр.
Аата Суох Агафон: Ээ, пахай. Өлөр куһаҕан. Өлүмэ сөп, убай.
Суоппар Сааска: Аа, кырдьык даҕаны, өлүмэ. Саатар, халлаан тымныйыар диэри өлүмэ. Аны…
Онолуйар Онтуон: (Быһа түһэр) Ээс! Өскүөрүтүн этэбин. Билигин баҕас өлө охсон хаалбат инибин. Ыраахтан да буоллар сиэннэрим улаатан, ыал буолан ньиргитэллэрин көрөн баран, туохтаан көрүллүө этэ буоллаҕа дии.
Суоппар Сааска: Оок-сиэ! Сиэннээххин дуо, ол?
Онолуйар Онтуон: Бааллар. Бааллар бөҕөтө буоллаҕа дии. Кэнники эбиллибэтэх буоллахтарына, үһүө этилэр.
Суоппар Сааска: Ээ, эбиллибиттэрэ буолуо. Эбиллиэхтэрин сөп буоллаҕа дии. Начаас эбиллэр буоллахара дии.
Аата Суох Агафон: Астык баҕайы дии.
Онолуйар Онтуон: Астык бөҕөтө буоллаҕа. Үлэҕиттэн дьиэҕэр сылайан кэлэҕин. Дьиэҥ “быр” курдук сылаас. Ойоҕуҥ мөҕө-мөҕө остуол тардар.
Тураах: Бырр кур-рдук! Бырр кур-рдук!
Суоппар Сааска: Сылаас диэбиккэ дылы аны ардах түһэрэ буолуо.
Тураах: Кур-раан! Кур-раан!
Аата Суох Агафон: “Кураан” диэтэ, мин иһиттим.
Онолуйар Онтуон: Биирдэ санаа хоту буолар гына саҥарда ээ. Сатаналарыҥ сүрдээҕин билээччилэр ээ.
Тураах: Тур-раах не дур-раак.
Суоппар Сааска: Аны киһиргиир дуу? (Тураахха) Айдаарыма! Бүөлэн! Бара тур!
Тураах: Барр! Барр! Оккун көрр! Көрр! Көрр!
Онолуйар Онтуон: Аны дьаһалымсыйан барда. Кырдьык, оппутугар барарбыт дуу, биһиги да омурҕаннаабыппыт ыраатта.
Тураах: Ыр-раат-тта! Барр! Ок-кун көрр!
Суоппар Сааска: Тураахпыт аны биригэдьиир буолла. Ээх! Бригада “Ух” работает до двух! Чэ, рота, подъем!
Бары ойон тураллар.
Суоппар Сааска: Смирно! Бары оппутун мунньа шагом марш! Раз-два! Раз-два!
Түҥ-таҥ дайбаан хаамаллар. Дьыалаһыт Дьаакып киирэн кэлэр.
Дыалаһыт Дьаакып: Хайа, бу үлэлээбэккэ оонньуу сылдьаҕыт дуу?
Суоппар Сааска: Ээ, эбиэттээн саҥа бүттүбүт. Уонна сразу үлэлии баран эрэбит.
Тураах: Бар-ран. Бар-ран.
Дьыалаһыт Дьаакып: Чэ, түргэнник хамсаммахтаан иһиҥ! Аны, ардах кэлиэ.
Тураах: Кур-раан! Кур-раан!
Дьыалаһыт Дьаакып: Кыш! Эн баҕас! Эҥин араас билгэһиттэр.
Үлэһиттэр бараллар.
Дьыалаһыт Дьаакып: Эҥин араас үлэһиттэр. Оппун ардахха былдьаталлар дуу, хайыыллар дуу. Олох хонгтуруоллуу сылдьыахха наада. Оннооҕор буолуох араас омуктары босхону эрэ үрдүнэн үлэлэтэллэр дии, үтүө айылаахтар. Ити акаары, рыгыһыт сордоохтору аһатан да ороскуокка киирбитим сөп этэ. Кинилэр баҕас үлэ үлэлээн. Хамнас аахсан да көнөн кэлэллэрэ биллибэт, харчыларын батан кэбиһиллиэ. Харчы да суох.
Тураах: Хар-рчы баарр! Хар-рчы баарр!
Дьыалаһыт Дьаакып: Пошел! Ону эн билэҕин дуо?! Бары барыта билбит-көрбүт буолан. Арыгыларын да эрэ биэрдэххэ сөп буолуо.
Тураах: Ар-ры-гы дьаат! Ар-ры-гы дьаат!
Дьыалаһыт Дьаакып: Пошел! Кыш диэтим буолбат дуо! Бу баҕайы, ити акаарылар аанньал оҥостубут күтүрдэрэ дуу? (Күлэр). Ол иһин кинилэр туох аанньа таҥаралаах буолуохтар этэй. Онтон мин таҥарам коза! Барахсан туһата хара баһаам. Этэ диетическэй, үүтэ-хаара элбэҕэ. Барыс бөҕөтө буолар.
Бараары гынар. Агафон төннөн кэлэр.
Аата Суох Агафон: (Дьыалаһыты көрөр) Уой!
Дьыалаһыт Дьаакып: Хайа, үлэлээбэккэ тоҕо төннөн кэллдиҥ?
Аата Суох Агафон: Иһит хомуйарбын умнан кэбиспиппин.
Дьыалаһыт Дьаакып: Иһит буолан. Онон-манан сылтаҕыран, сүрэҕэлдьээн көҕөрө сытыйан сырыттаҕыҥ дии. Чэ, түргэнник хомуйа охсон баран, ходуһаҕар киир.
Тураах: Киирр! Бэйэҥ киирр!
Дьыалаһыт Дьаакып: Кыышш диибин! Аны киһини холдьоҕор дуу, ворона баара?
Тураах: Ворр! Ворр! Бюр-рок-ратт!
Дьыалаһыт Дьаакып: Кэбис, бара охсуохха. Козааларым да күүттэхтэрэ.
Тураах: Барр! Барр!
Дьыалаһыт Дьаакып: Бэйэҥ бар! Акаары тураах! (Барар).
Тураах: Ак-каар-ры дур-раак! Дур-раак!
Аата Суох Агафон: (Иһитин хомуйа сылдьан) Куһаҕан баҕайы киһи, туох эрэ тойон быһылаах. Мин да тойон эбитим буоллар кини саҕа тойомсуйуом этэ. Остуолу тоҥсуйа-тоҥсуйа дьону мөҕөн аххан биэриэм этэ. Ордук оскуола дириэктэрин мөҕүөм этэ. Кэһэйдин, тоҕо үлэбиттэн уһулбутай. Һи-һиик. Ким эрэ үчүгэй баҕайытык уруһуйдаабыт этэ. (Илиитинэн көрдөрөр) Маннык муруннаах, маннык тиистээх, сыраана саккырыы сылдьар. Үүт-үкчү карикатуура этэ. (Кыыһырар) Бил…Биллэрии баара, ону миигин уруһуйдаабыт диэн кыыһырбыта. Мин уруһуйдаабатаҕым ээ. Дьиҥэр, уруһуйдуохтаах этим. Ону, ёшка, итирэн хаалбыт этим.
Тураах: Курр итир-рик! Курр итир-рик!
Аата Суох Агафон: Итирик үһүбүн дуо! Хата, бэйэҥ хайдаххын эрэ. Мин уопсайынан да иһээччигим суох. Биирдэ эмэтэ эрэ иһээччикпин.
Тураах: Врешь! Врешь!
Аата Суох Агафон: Кырдьык ээ. Биирдэ ол, үлэбиттэн уһулларбар испитим. Биирдэ, ээ суох, хаста даҕаны эмиэ испитим. Кыргыттары кытта билсээри испитим. (Өрө тыынар), Сатаан билсибэтэҕим. “Оҕонньор, ааһа тур”,—диэбиттэрэ. Дьиҥэр, наһаа оҕонньор буолбатахпын ээ, син хайыыбын. Биир эмэ кыыһы кытта билсибитим буоллар, Онтуон этэринии “быр” курдук олорор буолуом этэ. Баҕар, худуоһунньуктуу сылдьар буолуом этэ. Ону баара, биэн уон сааспын ааһыахпар диэри биир да кыыһы кытта билсэ иликпин. Тоскаа баҕайы. Биир эмэ кыыһы кытта билсибит киһии-иии! Ол гынан баран, кыргыттартан куттанабын ээ, ынырык баҕайылар, һи-һии.
Тураах: Тур-руус! Тур-руус! Дур-раак тур-руус!
Аата Суох Агафон: Аа-һах. Наһаа куттанабыт.
Кырааскаһыт Кынаачай көтөн түһэр. Илиитин гиипсэлэммит, төбөтүн бэрэбээскилэммит. Кыра холуочук быһылаах. Ааһан иһэн тохтуу түһэн Агафону көрөн турбахтыыр.
Кырааскаһыт Кынаачай: (Улаханнык) Хаа, наа! Мальчик Агафончик сылдьар дуу? Хаа, наа! Көр эрэ бу диэки. Ооп-паа! Эн эбиккин буолбат дуо? Хаа, наа! Бу тугу дьаабылана сылдьаҕын наа? Бомж буолбуккун дуу, наа?
Аата Суох Агафон: (Умса туттар) Ыы-һык. Буолбутум.
Кырааскаһыт Кынаачай: Пахай, наа! Буорайбыккын дии, сирэй-харах, хоруо мурун. Дьаабытыйыы буолбут наа! Букатын өлбүккүн дии. Үлэтиттэн уһуллубут үһү диэни истибитим. Кыратык “тыш” гыннаран баран, дириэктэрин карикатууралаабыт диэбиттэрэ, һа-һаах! Тойоттору карикатууралаабат баҕайыта, наа. Тойон кириитикэни сөбүлээбэт. Үчүгэй баҕайытык үлэлии сылдьан эмиэ тугуҥ карикатууратай, кириитикэтэй, наа?
Аата Суох Агафон: Мин карикатууралаабатаҕым ээ, атын киһи оҥорбут этэ, ону миэхэ балыйбыттара.
Тураах: Кр-ритика наад-да! Кр-ритика наад-да!
Курааскаһыт Кынаачай: (Турааҕы көрө түһэр) Хаа, наа, табаарыстаах эбиккин дуу? Оок-сиэ, наа, урут студенныы сылдьан, бэркэ да табаарыстаһар этибит ээ, наа? Кыргыттары кытта билсэн эҥиннээн, һа-һаах! Биир эмэ кыыһы кытта билистиҥ дуу, суох дуу?
Аата Суох Агафон: Суох.
Кырааскаһыт Кынаачай: Пахай! Оччоҕо өлбүккүн дии. Мин билигин даҕаны билсэбин ээ. Көр, бу (гиипсэлээх илиитин көрдөрөр). Кыратык “тыш” гыннаран баран, кыргыттары кытта билсэ баран иһэн, “Ямаха” матаһыыкылтан эһиллэн хааллым. Кэтэҕим тириитин ньылбы түһэн кэбистим. Аһыыкката сүрдээх. Уҥа илиибин тосту түһэн кэбистим. Ыарыыкката сүрдээх. Дьиҥэр, үлэ бөҕөтө буолуохтаах этим. Ханна баарый, барыта тоҕунна.
Тураах: Рра-бота пр-ропала! Рра-бота пр-ропала!
Кырааскаһыт Кынаачай: Хаа, наа! Табаарыһыҥ букатын нууччаһыт баҕайы эбит дии, һа-һаах! Ээ, хата, наа, эн урут бэркэ уруһуйдуур этиҥ дии. Мин оннубат уруһуйдаа эрэ. Субу саманнык гынаҕын. Ватман ылаҕын, “Биллэрии” диэн суруйаҕын. Аллараа өттүгэр броскай баҕайытык “Олоҥхоһуттар конкурстара” диэн суруйаҕын.
Аата Суох Агафон: Олоҥхоһуттар даа!
Кырааскаһыт Кынаачай: “Олоҥхоһуттар конкурстара” диигин. Ортотугар олоҥхолуу олорор киһини уруһуйдуугун уонна кыра текс суруйаҕын. Бүттэ! Сарсын бэлэм буолуохтаах.
Аата Суох Агафон: Ватманнааҕым буоллар уруһуйдуом этэ да, кырааскам суох (өрө тыынар).
Кырааскаһыт Кынаачай: Баар наа, баар. Илдьэ сылдьабын. Хамнаскар кыра “тыш” гыннарар аҕалыам, аа, наа?
Аата Суох Агафон: Уонна килиэп, уонна чэй, уонна саахар, уонна…уонна кыра хар…чы.
Кырааскаһыт Кынаачай: Уонна кыыс диэ, һа-һаах! Оонньоон эттим, наа. Киһибэр халбаһы эмиэ аҕалыам. Барыта баар буолуо. Ол гынан баран, сарсын бэлэм буолуохтаах. Бу вамнам, бу кырааска, бу суруга. Кытаат, наа, уруһуйдаа (барар).
Аата Суох Агафон: Кынаачай урут олох сатаан уруһуйдаабат этэ. Наар миэхэ уруһуйдатара. Ол бэйэтэ худуоһунньук буолан сырыттаҕа. Мин, училищены туйгуннук бүтэрэн баран, үлэтэ суох бомж буолан сырыттаҕым. (Өрө тыынар) Һоо-дьэ, биир эмэ кыыһы кытта билсибитим буоллар, бомж буолбакка, көннөрү үлэтэ суох буола сылдьар буолуом этэ.
Саҥара-саҥара уруһуйдаан барар.
Аата Суох Агафон: “Биллэрии” диэн суруйабын. Бил-лэ-рии. Бу “Б” буукубабыт кэннинэн истээх дуу, бэһис туочуката итиччэ улахан дуу? Били, миигин үлэбиттэн усталларыгар кэлэ сылдьыбыт УНО чүөчэтин курдук. Уой! Аны, ким эмэ истэн иэдээн буолуо.
Тураах: Гор-ри-зонт чист!
Аата Суох Агафон: Һуу! Оннук эрэ буоллун. (Тураахха хантайар) Доо, буукубаны суруйуохха да сөп, уруһуйдуохха да сөп. Мин хайыыбын?
Тураах: Син биирр! Син биирр!
Аата Суох Агафон: Эйиэхэ туох барыта “син биир”. Миэхэ оннук буолбатах. Мээнэ суруйан кэбиһэбин дуу? Ээс, уруһуйдуохха. Уонна хаһан киистэ, кырааска тутуохпунуй (уруһуйдуур). Син үчүгэй буолла ээ, “Биллэрии” бэлэм. Аны, олоҥхолуу олорор киһини уруһуйдуохха. (Тугу эрэ өйдүү түһэр). Оок-сиэ! Арай, бу куоҥкуруска биһиги Онтуоммут кыттыннын? Арааһа, кыайыа этэ. Онтон, кыттан көрдөҕүнэ. Ээ, арба, мантыкайбыт усунуостаах буоллаҕа дии. (Кумааҕыны көрөр) Па, элбэх баҕайы харчы дии. Итиччэ харчыны хантан булуохпутуй?
Тураах: Кр-редит диэн баарр! Кр-редит диэн баарр!
Аата Суох Агафон: Акаарыгын дуу? Биһиэхэ ким кредит биэриэҕэй? Кынаачай итиччэ элбэх харчыны биэрбэт буоллаҕа дии. Эҕэ, кыыһырымтаҕай оҕонньор биэриэ дуо, биэрбэт. Пахай! Оччоҕо Онтуон кыттыбат эбит. Хомойоро буолуо.
Тураах: Пр-рииз куотта! Пр-рииз куотта!
Аата Суох Агафон: Бириис даа? Туох бириис эбитэ буолла, манна баара буолуо. (Ааҕар) “Кыайыылаахтар сыаналаах бирииһинэн уонна балай эмэ элбэх харчынан нэҕэраадаланыахтара”. Балай эмэ элбэх диэн төһө элбэх буолуой? Хас да тыһыынча буолуо, ээ?
Суоппар Сааска уонна Онолуйар Онтуон киирэн кэлэллэр.
Суоппар Сааска: Хайа, даа! Ханна сүтэн хааллыҥ?! Биһиги оппутун кэбиһэн бүтэрдибит дии!
Онолуйар Онтуон: Уруһуйдуу олорор дуу?
Суоппар Сааска: Өссө кини уруһуйдуу олорбут буола-буола! Уруһуйдаах баҕастаах б…б…биллэрии баара! Хата, үчүгэй аҕайдык… (илиитин ньыппарынар)
Агафон Онтуон кэннигэр түһэр.
Онолуйар Онтуон: Бэйэ, нохоо, оргууй көтүөккэлээ. Киһини-сүөһүнү түҥнэри көтөөрү гынныҥ.
Суоппар Сааска: Онтон кини тугу наһаа хайыырый? (“Биллэриини” атаҕынан тэбэр).
Аата Суох Агафон: (Наһаа кыыһыран) Тыытыма! Тыытыма диибин буолбат дуо! Кирдээх илиигинэн-атаххынан олох таарыйыма! (Кумааҕытын хам кууһан олорор).
Онолуйар Онтуон: Киһибит кэмиттэн кэмигэр таарымталанар эбит дуу?
Суоппар Сааска: Тугу онтогн үлэлии сылдьан, үлэлээбэккэ хайыырый?! Сүгүн туохтуоҕун?! Биһиги онно от бөҕөтүн хайыы сылдьабыт, кини манна кумааҕы марайдыы олорор!
Аата Суох Агафон: (Ойон турар) Марайдыыр үһүбүн дуо?! Биллэрии уруһуйдүүбүн! Эн ону билбэккин!
Онолуйар Онтуон: Ол эмиэ туохпут биллэриитэй?
Аата Суох Агафон: Килиэп, арыы, саахар, чэй, табах, халбаһыы кэлэр биллэриитэ!
Суоппар Сааска: (Өс саҕа буолар) Тугуй ол, ас көрдөөн биллэрии суруйдуҥ дуо?
Тураах: Ак-каар-ры баар-ра, ак-каар-ры!
Суоппар Сааска: (Тураахха) Доо, бүт эрэ эн. Бэйэҥ акаарыгын.
Аата Суох Агафон: Ама, ас көрдүөм дуо, холтууралыыр буоллаҕым дии. Культууралар худуоһунньуктара илиитин тоһуппут. Кини эппитигэр сөбүлэстэҕим дии.
Суоппар Сааска: Онтон, ону мааҕыыҥҥыттан инньэ диэххин. Киһини кыыһырда сылдьаҕын. Хата, көрдөр эрэ.
Аата Суох Агафон: Ээ, суох. Кыбыстабын ээ.
Онолуйар Онтуон: (Бэйэтэ бэйэтигэр) Культууралар диэтиҥ дуу? Былыр мин да культуураҕа үлэлии сылдьыбытым. Кулуупка чаҕылҕан түспэтэҕэ буоллар, билигин даҕаны үлэлии сылдьар буолуом этэ.
Суоппар Сааска: (Агафоҥҥа) Оо, көр эрэ оол чыычаах сытар (халлаан диэки ыйар).
Агафон: “Ханна”,—дии-дии эргичиҥнээн эрдэҕинэ, Сааска “Биллэриини” сулбу тардан ылар.
Суоппар Сааска: (Ааҕар) Һы-һы ыйын һы-һы күнүгэр һы-һы норуот айымньытын дьиэтигэр. Оо, Онтуон, “Олоҥхо күөн күрэһэ” диэбиттэр.
Онолуйар Онтуон: Олоҥхо даа! Күрэс даа!
Суоппар Сааска: Хайа, доо, киһибит эйиигин уруһуйдаабыт буолбат дуо. Көр, бу.
Онолуйар Онтуон: Эс! Ама доҕоор, мин буолламмый, атын ини.
Суоппар Сааска: Кырдьык-кырдьык, доо. Үүт-үкчү. Били, Табах диэн арбайбыт баттахтаах киһини наар ойуулаабыт буолааччылар дии, үкчү ол киһи курдуккун, һы-һыых.
Онолуйар Онтуон: (Кумааҕыны сулбу тардан ылар) Хайа, кырдьык мин дуу? Эмиэ да Табаахырап курдук, эмиэ да мин курдук. Дьикти уруһуй буолла. Бэрт баҕайы эбит ээ.
Аата Суох Агафон: Кырдьык үчүгэй баҕайы даа?
Онолуйар Онтуон: Нохоо, букатын үчүгэй хартыына буолбут. Оо, бу бэйэлээххэ кыттыбыт киһи баар ини. Кыайбатах да иһин, саатар, дьон-сэргэ иннигэр тахсан, этэн-тыынан эппэлдьитэн, саҥаран-иҥэрэн сайгылдьытан, илим хотоҕоһун курдук субурутан көмүскэбин сырдатыам, көхсүбүн кэҥэтиэм эбитэ дуу?
Суоппар Сааска: Ээс, кыайар буоллаҕыҥ дии. Ама, хайаан кыайбат буолуоххунуй.
Тураах: Пр-рииз баар! Пр-рииз баар!
Суоппар Сааска: (Тураахха) Саамай сөпкө эттиҥ. Күн-түүн өйдөнөн иһэҕин ээ.
Аата Суох Агафон: Ити биллэрии ситэ бүтэ илик ээ. Итиннэ аллараа өттүгэр: “Күрэскэ кыттыы төлөбүрдээх”,—диэн суруллуохтаах.
Суоппар Сааска, Онолуйар Онтуон: Төлөбүрдээх даа?
Аата Суох Агафон: (Ытаан сыҥсыйар) Төлөбүрдээх. Элбэх баҕайы харчы. Ону биһиги хантан булуохпутуй? Ол иһин, саатар, биллэриигэ баар буоллун диэн, Онтуону уруһуйдаабытым.
Тураах: Пах-хай! Пах-хай! Пр-рииз суохх! Пр-рииз суохх!
Үһүөн тэҥҥэ: Хааҕырҕаама, хара баранаах!!
Тураахтара өһүргэнэн көтөн хаалар. Үһүөн саҥата суох олороллор.
Аата Суох Агафон: Онтон, арай, биһиги…
Суоппар Сааска: Ээс, сатаныа суоҕа. Хата, маннык гынан баран…
Онолуйар Онтуон: Онно эмиэ харчы наада буоллаҕа дии. Арай, ситигирдик гыннахха…
Суоппар Сааска: Па! Оччоҕо олох да буорайар буоллахпыт дии. Ол кэриэтэ, кырдьык кыһытар буоллахтарына, туохтаан баран…
Онолуйар Онтуон, Аата Суох Агафон: Кэбиис, аньыы даҕаны!
Тураах: (Эмискэ баар буола түһэр) Хал-туур-ра баарр! Баарр! Баарр!
Үһүөн тэҥҥэ: Ханна?!
Тураах: Баарр! Баарр!
Суоппар Сааска: Аны оттоон бүттэхпит дии. Тугу гынарбыт көҥүл. Ыалларга мас хайытыахпыт, уу баһыахпыт, баҕар буор хаһыахпыт. Тугу баҕарар үлэлиэхпит! (Ойон туран үҥкүүлээн барар).
Аата Суох Агафон: Баҕар, муоста кырааскалыахпыт, баҕар тугу эмэ гыныахпыт (ойон туран үҥкүүлээбитинэн барар).
Онолуйар Онтуон: Хортуоппуй да хостуохха сөп, дьиэ да тутуохха сөп (ойон туран үҥкүүлээбитинэн барар).
Дьыалаһыт Дьаакып киирэн кэлэр. Көрөн баран турар. Дьон кинини көрбөккө үҥкүүлүү сылдьаллар.
Дьыалаһыт Дьаакып: Бу дьон туох буоллахтарай?
Тураах: Пр-рааз-ник! Пр-рааз-ник!
Дьыалаһыт Дьаакып: Кыш, ворона! Бырааһынньык диэбит буола-буола. (Онтуону ыйар) Ити киһини үнүргүттэн быһа билээри гына-гына билбэппин ээ. Урукку тойуксут, ырыаһыт Онолуйар Онтуон олоҥхоһут дуу, атын дуу? Ол киһи өлбүт буолуохтаах этэ да…ким билиэй, баҕар тыыннаах буолуо, күтүр өстөөх. (Хаһытыыр) Нохолоор! (Дьон кинини көрө түһэллэр). Бу туох дьаабытын дьаабылана сылдьаҕыт?! Күрүлүүр күнүс итирэн иҥнэри сытыйдыгыт дуо, оккутун оттообокко?!
Суоппар Сааска: Оппутун бүтэрдибит ээ. Ол иһин үҥкүүлүү сылдьабыт. Хата, хамнаспытын хайыаҥ этэ.
Онолуйар Онтуон: Уу харчынан биэрэриҥ буоллар.
Аата Суох Агафон: Оччоҕо биһиги наһаа улаханнык махтаныа этибит.
Дьыалаһыт Дьаакып: Ол эмиэ туохха харчыланныгыт? Бородууктанан да ыларгыт сөп буолбат дуо?
Дьон сөбүлээбэттэр, түҥнэри хайыһаллар.
Дьыалаһыт Дьаакып: Нохоо! Абаарыйа Бааска, туохха уу харчыга наадыйдыгыт диибин ээ?!
Суоппар Сааска: Сааскабын ээ мин, Сааскабын!
Дьыалаһыт Дьаакып: Ким да сах буол. Харчыга туохха наадыйдыгыт диибин ээ?!
Онолуйар Онтуон: Олоҥхо күрэҕэр кыттаары гынабын ээ. Дьаакып, миигин өрүү билбэтиҥ дии. Онтуоммун ээ мин.
Дьыалаһыт Дьаакып: Онтуоммун даа? Онолуйар Онтуоҥҥун дуо? Өлбүт диэбэтэхтэрэ дуо?
Онолуйар Онтуон: Онолуйар диэн үөҕэр этилэр. Өлө иликпит, кимнээҕэр да тыыннаахпыт.
Дьыалаһыт Дьаакып: Ол иһин сэрэйэ санаабытым. (Атын сиргэ) Ол күрэххэ кыттар буоллаххына, дьыала дьаабы буоллаҕа дии. Кыайтарыы буолар. (Дьонугар) Билигин харчы олох суох. Козааларым да аһаабакка тураллар. Хамнаскытын бородууктанан уонна буокканан эрэ биэрэр кыахтаахпын. Ону дьэ хайыыгыт, ылаҕыт дуу, суох дуу, ол бэйэҕит дьыалаҕыт.
Тураах: Хар-рчы-лаах! Хар-рчы-лаах! (Дьаакыпка саба түһээри гынар). Кыр-рбаан биэрр! Кыр-рбаан биэрр!
Дьыалаһыт Дьаакып: Кыш! Бар диибин!! Бу баҕайы туохбуолла? Турааххытын ылыҥ! Кыш!!
Тураах Дьаакыпка саба түһээри гынар. Дьаакып куотар. Дьон күлсэ хаалаллар.
Быыс.
3-с оонньуу.
Быыс аһылла илик. Антах сүгэ, эрбии, устуруус тыаһа, дьон саҥата иһиллэр. Тураах дааҕыргыыр.
Дьон саҥата: Көнөтүк тут, дьоппуон! Көнөтүк тутабын буолбат дуо! Көнө үһү дуо, хара сордоох. Хараххын сиэпкэр укта сылдьар баранааххын дуо?! Мас барда! Сэрэниҥ! Хайа, суруйан бүттүгүт дуо? Чэ-чэ, түргэнник туттумахтаан иһиҥ. Маны ханна уурабын? Онно илт. Хайа, маскытын хаһан биэрэҕит? Маны манна тоҕо аҕаллыҥ? Онно илт. Сордоох баара, мунан-тэнэн түһэн. Уолаттаар, кыттатыҥ! Оо, баар этэ! Бүттэ! Саҥа дьиэ бүттэ! Малааһына эрэ хаалла.
Дьон саҥата, үлэлиир тыас иһиллибэт буолар. Ынах маҥырыыр, оҕус айаатыыр, чыычаах ыллыыр, тураах дааҕыргыыр.
Быыс аһыллар.
Сценаны кэрийэ ыскамыайкалар, олоппостор турбуттар. Ортоку талах олоппос дьоодьоллон турар. Үс-түөрт сахалыы таҥастаах дьон күөмэйдэрин оҥосто-оҥосто төттөрү-таары хаамса сылдьаллар. Олор ортолоругар Дьыалаһыт Дьаакып көстөр. Онолуйар Онтуон, Сукоппар Сааска, Аата Суох Агафон киирэн кэлэллэр. Бары сэнэх соҕус таҥастаммыттар
Онолуйар Онтуон: Оок-сиэ, оҕолоор. Маннык уораҕайга үктэммэтэх ырааппыт эбит ээ. Дьэ, бу турдаҕа, сүүһүнэн, мөлүйүөнүнэн сүрэҕи долгуппут, таҥараттан айдарыылаах улуу талааннары ытаппыт-ыллаппыт Хотун Сцена диэн культура храмын тэбэр сүрэҕэ.
Суоппар Сааска: Наһаа дии доо. Киһи эрэ долгуйуох эттиҥ ээ.
Аата Суох Агафон: Аа, дии. Мин куттанаары гынным.
Аттыларынан тирээпкэ тутуурдаах дьахтар ааһар. Агафон кинини батыһа көрөр. Микрофоннаах дьахтар ааһар. Агафон кинини сэҥээрэр. Паапка кыбыныылаах дьахтар ааһар. Агафон кинини батыһыахча буолан эрдэҕинэ, орто холуочук көрүҥнээх Кырааскаһыт Кынаачай кэлэн кэтиллэ түһэр.
Кырааскаһыт Кынаачай: Хаа, наа! Атаһым ааттаах худуоһунньук Аата Суох Агафон кыргыттары көрөн мэйииҥ эргийдэ, хараҕыҥ иирдэ дуу, наа? Киһиэхэ кэтиллэ сылдьар буолбуккун, һа-һаах! Билиһиннэрэбин дуо?
Аат Суох Агафон: Ээ, суох, кэбиис! Куттанабыын. Кутталлаах баҕайы курдуктар дии.
Кырааскаһыт Кынаачай: Оо, бу да киһи наа. Туох да куттала суох дьахталлар. Көр, ол тирээпкэлээх дбахтар аата…аата Уборщица Дьахтар диэн, ол микрофоннаах дьахтар аата Худрук Дьахтар диэн. Кутурук буолбатах, худ-рук! Оол паапкалаах дьахтар аата Дириэктэр Дьахтар диэн. Өйдөөн кэбис наа, аны бутуйа сылдьаайаҕын.
Суоппар Сааска: Доо, Онтуон.
Онолуйар Онтуон:Тугуй?
Суоппар Сааска: Ити сахалыы таҥастаахтар, арааһа, кыттар дьон быһылаахтар. Эйиэхэ эрэ суох эбит.
Онолуйар Онтуон: Оо, кырдьык даҕаны. Аны, онтон сылтаан кытыннарбаттара буолуо. Кэм миэнэ буолан иһиэ.
Суоппар Сааска: Онтон бу тэрилтэҕэ, культуураҥ хараамыгар дуу, тугугар дуу саха таҥаһа баара буолуо дии. Саатар биир, муоль сиэбит ырбаахыта баҕас баар ини. Уларсыахтара суоҕа дуо?
Онолуйар Онтуон: Ким билэр. Харчыга уларсаллара буолуо ээ. Биһиги холтуурабыт харчыта бүппүтэ дии, бадаҕа.
Аата Суох Агафон: Кык… Кык…(көхсүн этитэр). Кынаачай.
Кырааскаһыт Кынаачай: Кырыылаах өргөстөөх, кылааннаах уһуктаах, кылбар сырыылаах Кырааскаһыт Кынаачай диэн субу турабын. Туох баарый?
Аата Суох Агафон: Онтон, ити били, туохпун хаһан биэрэҕин?
Кырааскаһыт Кынаачай: Тугу наа?
Аата Суох Агафон: Онтон били туохпун. Уруһуйдаабыт туохпун.
Кырааскаһыт Кынаачай: Хаа наа! Биэрэ иликпин дуо, наа?!
Аата Суох Агафон: Суох. Биэрэ иликкин.
Кырааскаһыт Кынаачай: Оо, наа! Онтон көрдүөххүн. Ыраатта дии наа. Аһынан ылаҕын дуу, “тыш” гыннарарынан дуу, олох да харчынан олордон ылаҕын дуу, наа?
Аата Суох Агафон: (Толкуйдуур) Аһынан ыллахпына, ас бүтэн хаалыа, арыгынан ыллахпына итирэн хаалыам, харчынан ыллахпына…Харчынан ылар эбиппин.
Кырааскаһын Кынаачай: Хаа наа, сөрү сөпкө сөллөҥнөөтүҥ ээ. Мин курдук хаһытыыр харчылаах, үөгүлүүр үптээх киһини буларыҥ эрэ, суох эрэ. Төһөнү көрдүүгүн?
Аата Суох Агафон: Биэс мөһөөх.
Кырааскаһыт Кынаачай: Хаа наа! Син элбэҕи көрдүүр эбиккин ээ. Чэ. Буоллун.(Сиэбин хастар) Оо, тыһыынчалаах эрэ баар эбит. Ээй, ким харчы бытарытар баарый?
Харда суох.
Кырааскаһыт Кынаачай: Ким харчы бытарытарый?
Харда суох.
Кырааскаһыт Кынаачай: Чэ, сах сиэтин, тыһыынчаны да ыл, наа. Хойут да көмөлөһүөҥ буоллаҕа дии. (Харчытын биэрэр).
Аата Суох Агафон: (Дьонугар тиийэр) Көрүҥ бу. Кынаачайтан харчы ыллым.
Суоппар Сааска, Онолуйар Онтуон: Харчы даа? Ураа!
Суоппар Сааска: (Аттынан ааһан эрэ микрофоннаах дьахтары тохтотор) Ээй, кыысчаан.
Микрофооннаах Дьахтар: Тугуй-тугуй?
Суоппар Сааска: Эһиги саха таҥаһа уларсаҕыт дуо?
Микрофоннаах Дьахтар: Төлүүр буоллаххытына, тугу барытын уларсабыт.
Онолуйар Онтуон: Тоойуом, биһиэхэ туох барыта наадата суох. Саха таҥаһа эрэ наада.
Микрофоннаах Дьахтар: Аа, эн күрэххэ кытта кэллиҥ диэ. Ну-ну. Чэ, бардыбыт.
Баран иһэн Дьыалаһыт Дьаакыпка кэтиллэ сыһаллар.
Дьыалаһыт Дьаакып: (Кэннилэриттэн көрөн хаалар) Бу баҕайылар күрэххэ кыттаары кэлбиттэр ээ. Дьэ, дьыала куһаҕан буолар буолбут. Козааларым хомойоллоро буолуо. Ити, Онолуйар Онтуон баҕайы урут, аматыгар, күөмэйдээҕи ниингэр түһэрбэт тойуксут, олоҥхоһут этэ. Однако, хайдах эмит гынан, ити киһини күрэхтэн туораттахха сатанар. (Ол-бу диэки көрөр) Ээ, ол маннааҕы хотун сылдьар эбит ээ. Ити дьахтарга тиийэн, ону-маны сипсийдэххэ, дьыала оҥоһуллуо этэ. Онолуйар Онтуону күрэххэ киллэримиэххэ наада. Мин кыайтардахпына, козааларым дьүдьэйиэхтэрэ.
Дьаакып аттынар ааһан эрэр Паапкалаах Дьахтары илиититтэн харбаан ылар.
Дьыалаһыт Дьаакып: (Көхсүн этитэр) Мин көрдөхпүнэ эн бу тэрилтэҕэ уонна тэрээһиҥҥэ саамай кыра киһи буолбатаххын быһылаах.
Паапкалаах Дьахтар: Да. Мин бу тэрилтэ салайааччытабын уонна бу күрэс тэрийэр хамыһыйатын түһэбит, ону таһынан сыаналыыр сүбэ председателэбин. Ону таһынан дьахтар кэмитиэтин председателебин, төрөппүттэр кэмитиэттэрин председателэбин, улуус общественнай палататын чилиэнэбин, салайар партия улуустааҕы салаатын бюротун чилиэнэбит, улуус мунньаҕын депутатабын, экологическай хамсааһын активнай чилиэнэбин уонна түмүктээн эттэххэ, орто оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Туох ыйытардааххыныый?
Дьыалаһыт Дьаакып: Мин бэйэм эдэр эрдэхпиттэн эмиэ эн курдук бэрт дьыалабыай киһибин. Уһуннук араас салайар үлэлэргэ күүспүн, доруобуйабын уонна дьиэ кэргэним туруктаах буолуутун даҕаны харыстаабакка үлэлээбитим. Көрөрүҥ курдук, итини таһынан, сцена бэтэрээнэбин. Бу сүҥкэн улахан суолталаах мероприятиены тэрийэн, ыыта сылдьаргынан эйиигин ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Паапкалаах Дьахтар: Махтанабын.
Дьыалаһыт Дьаакып: Эппитим курдук, бу саҕаланаары турар тэрээһин биһиги улууспутугар эрэ буолбакка, бүтүн республика үрдүнэн сатала суох улахан суолталаах тэрээһин. Ол гынан баран… ол гынан баран, бу тэрээһиҥҥэ биһиги олохпут күлүк өттүн бэрэстэбиитэллэрэ, туора элимиэннэр, нруот олоҕун, сомоҕолоһуутун куорҕаллааччылар уонна айгыратааччылар, обществоҕа туох да туһата суох көлөөхтөр, биһиги дьоллоох олохпут тас көстүүтүн буортулааччылар, биир тылынан эттэххэ бомжтар, умнаһыттар уонна тунеядецтар өтөн киирбиттэрэ хомолтолоох.
Паапкалаах Дьахтар: Да-да. Оннук элимиэннэр, хомойуох иһин, бааллар. Ол гынан баран, кинилэр взностарын төлөөбүттэрэ. Да, кинилэр эрэ төлөөбүттэрэ. Онон бу тэрээһиҥҥэ кыттар толору бырааптаахтар. Атыттары этэр буоллахха, иэс эбэтэр взнос аҥарын эрэ төлөөн кытталлар. Онтон эн взноскун төлөөбүтүҥ дуо?
Дьыалаһыт Дьаакып: Мин төлүөм. Козааларым үүтүн атыылаатым эрэ төлүөҕүм. Да. Ити этиллибит дьон ортолоругар биир киһи баар. Араспаанньатын умнубуппун эрээри, хос аата Онолуйар диэн. Бу киһи маннык тэрээһиҥҥэ кыттара букатын сатаммат. Кини биһиги улууспут албан ааттаах культууратыгар олус улахан хоромньуну оҥорбута. Ол курдук, культуура эйгэтигэр үлэлии сылдьан, кулуубу уоттаабыта. Аҥардас ити да иһин, кини бу күрэххэ кыттар бырааба суох дии саныыбын.
Паапкалаах Дьахтар: Таак. Кини ити дьыалата, буруйа суоҕунан сабыллан турар диэн истибитим.
Дьыалаһыт Дьаакып: Кини ити дьыалата отучча сыл анараа өттүгэр оҥоһуллубута уонна буруйу оҥоруу састааба суоҕунан, хомойуох иһин, сабыллан турар. Ол эрээри, кулууп умайбыта чуолкай. Онон кинини бу тэрээһиҥҥэ кытыннарар буортуну эрэ аҕалыан сөп. Ити дьыаланы билэр, саастаах дьон туох дии саныахтарай? Онуоха эбии кини сахалыы таҥаһа да суох.
Паапкалаах Дьахтар: Да-да. Сахалыы таҥаһа суох кыттар олох сатаммат. Маны мин бэйэм, лично хонтуруоллуом. Онтон, умайбыт кулууп дьыалата, за не имением состава преступлений тохтотуллубут буоллаҕына, тугу да гынар кыаҕым суох. Кыттарын бобор не возможно. Но, ол гынан баран, сахалыы таҥаһа суох буоллаҕына, күрэххэ кыттарын, во что бы то ни стало, бобуохха наада. (Барар).
Дьыалаһыт Дьаакып: Бобуҥ-бобуҥ! Хайаан да бобуҥ! (Бэйэтигэр) Ити Онолуйар Онтуону бу тэрилтэҕэ атаҕын да укпат гына оҥордоххо табыллар. Икки ойуун биир балаҕаҥҥа кыстаабат.
Онтуон, Сааска, Агафон бары сахалыы таҥастаах киирэллэр.
Онолуйар Онтуон: Дьэ, нохолоор, онон, кэпсэппиппит курдук. Мине тоҥхох гынным эрэ, бастаан Сааска “Ноо!” диир. Иккис сырыыга Агафон “Ноо!” диир. Өйдөөтүгүт дуо?
Суоппар Сааска: Өйдөөн. Өйдөөн бөҕөтө буоллаҕа дии. Эн хантас гынныҥ эрэ улаханнык “Оох!” диибит.
Онолуйар Онтуон: “Оох” буолбатах, “Ноо!” диигит.
Суоппар Сааска: Ээ, ити алҕас саҥардым. “Ноо!” диибит. Биир сырыыга мин, иккис сырыыга эмиэ мин. Ээ! Алҕас. Иккис сырыыга Агафон “Ноо!” диир.
Онолуйар Онтуон: Чэ, сөп. Өйдөөбүт буоллаххына, бэрт диэн бэйэлээхтик түүлээх холбукаҕар хатаан кэбис. (Агафоҥҥа) Онтон эн өйдөөтүҥ дуо?
Аата Суох Агафон: Тугу?
Онолуйар Онтуон: Тууй-сиэ! Хаһан “Ноо!” дииргин.
Аата Суох Агафон: Аа, өйдөөтүм гынан баран, наһаа долгуйаары гынным. Арай, мин саҥата суох, испэр эрэ “Ноо!” диэтэхпинэ?
Онолуйар Онтуон: Ээ, балыыҥкалаама. Ол эн искэр “ноо” диэбиккин, ким истиэй.
Аата Суох Агафон: Ээ, даа? Оччоҕо улаханнык “Ноо!” диэҕим.
Микрофоннаах Дьахтар уонна Тирээпкэлээх Дьахтар ааһан иһэн кэпсэтэллэр.
Микрофоннаах Дьахтар: Таһырдьа биир тураах дьиэбитин эргийэ көтө сылдьан, дьааҕырҕаа да дааҕырҕаа буолар.
Тирээпкэлээх Дьахтар: Аа, дии доо. Мааҕыыҥҥыттан быһа арахпакка барда. Күүлэбитигэр дэлби саахтыыра буолуо.
Микрофоннаах Дьахтар: арай мин иһиттэхпинэ “бириис баар, бириис баар” диир курдук дааҕыргыыр.
Тирээпкэлээх Дьахтар: Доо, көр эрэ. Ити үчүгэй баҕайы сахалыы таҥастаах киһи баар эбит.
Микрофоннаах Дьахтар: Ээ, чэ, бүт эрэ. Бэйэҥ тикпит ырбаахыҥ буолбат дуо. Биһигиттэн билигин аҕай уларыстылар дии.
Тирээпкэлээх Дьахтар: Оннук дуу? Үчүгэй баҕайытык көстөр эбит буолбат дуо? Интэриэһинэй киһи быһылаах.
Микрофоннаах Дьахтар: Баран билис ээ. Сураҕа бомж үһү.
Тирээпкэлээх Дьахтар: Оо, эрэйдээҕи. Үчүгэйдик тэбээн-сахсыйан, сууйан-тараан, өтүүкээн биэрдэххэ киһи киһитинэн буолуо эбитэ буолуо ээ.
Микрофоннаах дьахтар: Итинтикэҥ өссө худуоһунньук үһү. Биһиги биллэриибитин киһи ойуулаабыт үһү. Кынаачай сордоох илиитин тосту түһэрин эрэ сатыыр. Эҕэ сатаан уруһуйдуо дуо.
Тирээпкэлээх Дьахтар: Ээ, интереснай баҕайы эбит ээ.
Паапкалаах Дьахтар: (Ыксаан тэлэкэчийэн киирэр) Кошмар! Кыргыттар, провал! Полный провал!!
Микрофоннаах Дьахтар, Тирээпкэлээх Дьахтар: Туох буолла?!
Паапкалаах Дьахтар: Провал буолла! Короче, суоппар итирик, эргэ көлүөһэни кууһан баран, сыллыы-сыллыы сытар. Художник итирик, тостубут илиитин эрбээн кэбиһээри ол айдаана. Иккиэн гаражка былааһы ылбыттар. Тойоммут хонтуоратыгар күүтэн олорор. Провал! Мероприятие срывтанар буолла! Аны биир тураах дааҕыргыы-дааҕыргыы миигин эккирэтэ сылдьар. Сиэх курдук. Уҥар буоллум быһылаах.
Эмискэ Тураах дааҕырҕаабытынан остуол үрдүгэр олоро түһэр.
Тураах: Даах! Даах! Кош-маарр! Кош-маарр!
Тирээпкэлээх Дьахтар: Аны дьиэбитигэр тураах киирдэ. Саахтаан кэбиһэрэ буолуо. Кыш!
Тураах: Пр-роваалл! Пр-роваалл!
Паапкалаах Дьахтар: Уой! Ити сылдьар! Уҥан түһээри гынным. Уҥан эрэбин!
Тураах: Баарр! Суоп-парр баарр!
Паапкалаах Дьахтар: Суоппар баар даа?
Микрофоннаах Дьахтар: Суоппар баар гынан баран, правата суох.
Паапкалаах Дьахтар: Хайдах да буоллун! Атаҕа да суох буоллун! Суоппар эрэ буоллун.
Микрофоннаах Дьахтар: (Онтуоннаахха) Ээй! Кэлиҥ эрэ манна.
Аата Суох Агафон: Ити баар дии. Үүрээри гыннылар быһылаах.
Суоппар Сааска: Биһиги даа? Кэлэбит даа?
Микрофоннаах Дьахтар: Кэлиҥ-кэлиҥ! Наада баар. Чэ-чэ, түргэнник.
Онтуоннаах үһүөн субуруһан кэлэллэр.
Суоппар Сааска: Кэллибит.
Микрофоннаах Дьахтар: (Сааскаҕа) Эн суоппарбын диэбитиҥ буолбат дуо?
Суоппар Сааска: Суоппар этим.
Паапкалаах Дьахтар: Праваҥ баар дуо?
Суоппар Сааска: (Умса туттар). Былдьаабыттара.
Паапкалаах Дьахтар: Кимнээх?
Суоппар Сааска: Уруккута милииссийэрэр, билиҥҥитэ полициялар.
Паапкалаах Дьахтар: Тоҕо?
Суоппар Сааска: Ээ, онтон…ити туох…Хайаабытым иһин туохтаабыттара.
Тураах: Пр-ровалл! Кош-маарр! Түр-ргэн! Түр-ргэн!
Паапкалаах Дьахтар: Чэ, сөп, буоллун. Билигин миигин кытта хонтуораҕа бараҕын, массыынанан. Уонна Кинини Бэйэтин манна тиэйэн аҕалаҕын!
Суоппар Сааска: Билигин даа? Массыынанан даа?
Паапкалаах Дьахтар: Сип-сибилигин!
Суоппар Сааска: Ити таһырдьа турар крутой “крузагынан” даа?!
Мкрофоннаах Дьахтар: “Крузагынан” буолбакка. Тойону мин бэлэсэпиэппинэн аҕалаары гыммытыҥ дуо?
Суоппар Сааска: Мин массыына ыытабын даа?
Микрофоннаах Дьахтар: Ыытымынаҕын, олорсо сылдьаары гынаҕын дуо?
Паапкалаах Дьахтар: Чэ, бардыбыт! (Сааскалыын бараллар).
Тураах: Кр-рууто! Суоппарр баарр! Баарр!
Тирээпкэлээх Дьахтар: Кыш! Остуолга саахтыыра буолуо! Таһырдьа быраҕыахха (Тураахха үөмэр).
Тураах: Кар-раулл! Гр-раабятт!
Аата Суох Агафон: (Тураахха ойон тиийэн сулбу тардан ылар) Тыытыма! Мин турааҕым! Доҕорум!
Тирээпкэлээх Дьахтар: Аата булан-булан турааҕы доҕор оҥостор дуу?
Онолуйар Онтуон: Дьэ, хата, биһиги табыллар дьон буоллубут ээ. Күрэххэ кыттабыт. Массыына ыытабыт. Кыргыттары кытта билсээри гынныбыт.
Тирээпкэлээх Дьахтар: Абааһы турааҕын кууһан баран туруоҥ дуо, ити остуолу ол диэки сыҕарытыахха.
Аата Суох Агафон: Кими ханна хайыыбыт?
Тирээпкэлээх Дьахтар: Кими буолуой, остуолу ол диэки сыҕарытыахха диибин.
Аата Суох Агафон: Иккиэн эрэ даа?
Тирээпкэлээх Дьахтар: Иккиэн эрэ буолумуна, биир остуолу хас буолан сыҕарытаары гыммыккыный?
Аата Суох Агафон: Эн биһи даа?
Тирээпкэлээх Дьахтар: Эн биһи буолумуна, кими кыттыһыннараары гыммыккыный?
Аата Суох Агафон: Ээ, даа? Мин табаарыспын таһырдьа ыытан баран кэлиэм, сөөп.
Агафон баран иһэн Дьыалаһыт Дьаакыпка кэтиллэ түһэр. Тураах мүччү туттаран, дааҕырҕаабытынан көтөн хаалар. Дьаакып тиэрэ барар, Агафон олоро түһэр.
Дьыалаһыт Дьаакып: Бу киһини тутуҥ! Миигин собус-соруйан түҥнэри көттө!
Дьон үмүөрүһэллэр. “Туох буолла?”, “Ким өллө?”,”Телефоҥҥа түһэрдигит дуо?”, “Миэхэ бассаапртаарыҥ эрэ” дэһэллэр. Агафон ойон туран, Тирээпкэлээх Дьахтар кэннигэр түһэр.
Дьыалаһыт Дьаакып: Тугу төрөн тураҕыт, тутуҥ диибин дии! Соруйан эчэтээри түҥнири көттө. Сахалыы таҥастаах буола-буола. Соруйан миигин күрэххэ кытыннарымаары эчэтэ сатаата. Ити барыта Онолуйар Онтуон оҥоһуута. Бу дьону үүрэн, ээ, суох, түрүмэҕэ уган кэбиһиэххэ наада. Кинилэр уопсастыба ньоҕоролоро. Дойдубут тас көстүүтүн эрэ буортулууллар.
Микрофоннаах Дьахтар: Төһө улаханнык эчэйдиҥ?
Дьыалаһыт Дьаакып: Улахан. Илиим-атаҕым барыта тоһунна.
Микрофоннаах Дьахтар: “Скорайы” ыҥырыҥ эрэ.
Тирээпкэлээх Дьахтар: Ээ, ол скорай хаһан сыһыллан-соһуллан кэлиэҕин. Хата, мин бэйэм скорай буолан көрүүм (илиитин ньыппарынар). Начаас үтүөрдүөм.
Дьаакып ойон турар, илиитинэн таҥнары сапсыйар. Дьоннор саҥалара: “Па, били, эчэйбит киһилэрэ ойон турда буолбат дуо?”, “Өлбүт киһи тилиннэ даа?”, “Ээс, к сожалению өлбөтөх, просто поскользнулся”, “Аа, ничиго интересного” дэһэллэр.
Микрофоннаах Дьахтар: Чэ-чэ, тарҕаһыҥ, оннугутун тойгутун булуҥ. Сотору саҕалыахпыт.
Суоппар Сааска тиритэн-хорутан, үөрэн-көтөн киирэн кэлэр. Тураах көтөн кэлэн кини санныгар олорор.
Суоппар Сааска: Аа, уол крутой массыынаны ыытта ээ. Астык баҕайы. Боруоста, гаастаан кэбистим. Массыына барыта суол биэрэр. Шикардон!!
Онолуйар Онтуон: Дьэ, бэрт доҕоор. Биһиги да баҕа санаабыт туолан, күөнэхпит көбүөх, күммүт көрүөх курдук буоллаҕа дии.
Аата Суох Агафон: Массыына ыыттыҥ даа?
Онолуйар Онтуон: Массыына ыытымына, оҕус мииниэ этэ дуо, доҕоор. Уот тыыннаах, уһутуур кыахтаах тимир көлөнү айааһыыр, сылбырҕа сырыылаах Суоппар Сааска диэн аатырар, мантан ыла.
Суоппар Сааска: Быһатын эттэххэ, биһиги да олбуорбут иһигэр тураах саахтаата.
Тураах: Даах!
Онолуйар Онтуон: (Тураахха) Сөрү-сэпкэ сөллөҥнөөтүҥ, бэри-бэккэ бэллэҥнээтиҥ.
Тойон, Оҕонньор, Паапкалаах Дьахтар киирэллэр. Дьыалаһыт Дьаакып Тойоҥҥо утары кэлэр.
Дьыалаһыт Дьаакып: Аҕалаатар эрэ аҕа баһылыкпыт, тоҕус томтор тухары ткркгкрбкт тойоммут, эн үрдүк ааккат, үтүө сураххар үҥэн-сүктэн үҥсүү түһэрэ кэлэн турабыт.
Тойон: Ноо! Олоҥхо күрэҕэр кэллэҕим диэбитим, суукка кэлбит эбиппин дуу? Ол туох үҥсэрдээххин?
Дьыала Дьаакып: (Көхсүн этитэр, күөмэйин оҥостор) Дьэ, тойонноотор тойонум, быһаардаххына эн эрэ быһаарар буоллуҥ. Бу олус сүҥкэн уонна үтүөкэннээх тэрээһиҥҥэ кыттаары, көрөөрү сир-сир аайыттан муһуннубут. Маннык тэрээһиннэр хайаан да наадалар.
Тойон: Таак. Ити сөпкө этэҕин. Дальше.
Дьыалаһыт Дьаакып: Ону баара, бу сүдү тэрээһиҥҥэ куһаҕан саҥнаах, олоҥхо үрдүк аатыгар сөбө суох дьон кытта сатаан эрэллэр. Ол курдук…
Оҕонньор: Бу уол собо суох диир дуу? Илимниир буоллаҕа дуу?
Тойон: Дьэ, ол букатын сатаммат. Оннуктары муус ураҕаһынан үүрүөххэ наада.
Оҕонньор: Оннук-оннук, от күрүөтүгэр киирбит сүөһүнү таһаарыахха наада.
Дьыалаһыт Дьаакып: Итини төһө эмэ тустаах дьоҥҥо биллэрбитим үрдүнэн дьаһал ылыллыбата, кырдьаҕас киһини, миигин, хомоторун ааһан, араас санааларга тиэрдэр.
Тойон: (Паапкалаах Дьахтарга) Итини хайдах өйдүөххэ сөбүй?
Паапкалаах Дьахтар: Сайаапка биэрбит дьон сорохторо иэс кытта сылдьаллар. Олор истэригэр бу үҥсэ турааччы эмиэ. Онтон атын ирдэбили кэһии суох. Бары сахалыы таҥастаахтар.
Дьыалаһыт Дьаакып: Ол да буоллар, бу улуу олоҥхо күрэҕэр уопсастыба саамай түгэҕэр сөҥө сылдьар үөннэр кытталлара мин санаабат сыыһа! Холобура, ити Онолуйар Онтуон диэн киһи. Олох сөбө суох күтүр. Дьыалалана эҥин сылдьыбыта.
Оҕонньор: Оо, былыр, бааллар этэ, үтүөкэннээх олоҥхоһуттар. Кэнники даҕаны син үөскээн иһэн сүттүлэр. Онолуйар Онтуон диэн баара ээ, сүүрбэччэ сыллааҕыта. Ол уол олоҥхотун истибит киһи.
Паапкалаах Дьахтар: (Оҕонньор кулгааҕар хаһытыыр) Ол киһи баар ээ, кыттар.
Дьаакып дьахтары сиэҕиттэн тардыалыыр.
Оҕонньор: Дьэ, оччоҕо истиэхпит да буоллаҕа.
Тойон: Эн үҥсүүгүн заметкаҕа ылыахпыт. Хотя…
Паапкалаах Дьахтар: Чэ, оччоҕо саҕалыахха.
Микрофоннаах Дьахтар: (Микрофоҥҥа) Раз-два, раз-два. Баар. Ытыктабыллаах көрөөччүлэр уонна кыттааччылар. Аны биэс мүнүүтэнэн, сигнал бэрилиннэр эрэ, үөрүүлээх тэрээһиммитин саҕалыыбыт. Бары оннубутун булунабыт уонна чуумпурабыт.
Дьон суугунаһан-сааҕынаһан, үтүрүһэн-хабырыһан оннуларын булаллар.
Тураах: Даах!
Микрофоннаах Дьахтар: Раз-два, раз-два. Баар. Саҕалаатыбыт.
Паапкалаах Дьахтар: (Сцена ортотугар тахсар) Ытыктабыллаах манна мустубут биир дойдулаахтарбыт уонна ыалдьыттарбыт. Бүгүн биһиэхэ үөрүүлээх уонна сүҥкэн суолталаах күн. Ол курдук норуоппут тылынан уус-уран айымньытын уһуктаах өргөһө аатырбыт олоҥхобутун эһиги иннигитигэр таһааран, күөн күрэс ыытабыт. Бу күрэххэ кыттаары ыраахтан уонна чугастан, хотуттан уонна соҕурууттан олоҥхоһуттар тоҕуорустулар. Онон билигин тылы биэрэрбин көҥүллээҥ, биһиги бары ытыктыыр, таптыыр уонна наар талар салайааччыбытыгар. Дохсун ытыс тыаһынан көрсүөххэйиҥ!
Сцена ортотугар Тойон тахсар.
Тойон: Дьэ, доҕоттоор, мин санаан көрөбүн ээ, боруоста, киһи муннун, кулгааҕын уонна куһаҕан үтүлүктээх киһи илиитин тарбахтарын хам ытыра-ытыра араастаан мускуйар аам-даам тымныылаах, аны сайынын икки атахтаах аһаҕас миэстэлэрин биири да ордорбокко, бувальном смысле, түүрэ сиэн кэбиһир куйаастаах Сахабыт сиригэр тоҕо олоҥхо курдук сүдү айымньы үөскээбитэ буолуой? Хоруйа биир уонна мөккүһүллүбэт—биһиэхэ, сахаларга, олоҥхоһуттар бааллар этэ. Сөпкө этэбин буолбат дуо? Чэ, доҕоттоор, онон үгүс элбэх дойҕох, кураанах куолу наадата суох. Олоҥхоһуттарбытын истиэҕиҥ! (Оннугар тиийэн олорор).
Микрофоннаах Дьахтар: Бастакынан сценаҕа ыҥырарбытын көҥүллээҥ, бастакы нүөмэрдээх кыттааччыбытын, эдэр, кэскиллээх олоҥхоһуту! Көрсүҥ, Норд Кинг!!
Норд Кинг: (Сценаҕа ойон тахсар) Аныгы тииптээх олоҥхо (рэптээн барар)
Былыр былыргыттан ыла
Эйиэхэ уонна миэхэ
Эппитигэр сылдьар
Олоҥхону ааҕыам.
Онтон баҕар кыратык
Оһуохйы этиэм.
Йоо!
Былыр былыр
Орто Дойду диэн баар эбит.
Орто Дойдуга
Оҕонньордоох эмээхсин олорбуттар.
Оҕолоро элбэх эбит.
Наһаа кыраһыабай кыыстаахтар үһү.
Наһаа күүстээх уоллаахтар үһү.
Уонча курдук
Обычнай оҕолордоохтор.
Оҕолоро оччо элбэх эбит.
Йоо!
Биир уоллара
Биэс миэтэрэ уһун эбит,
Биир кыыстара
Бритни Спирс курдук эбит.
Биир түүн
Таһардьаҕа буря түспүт,
Ол кыыстарын
Абааһы дьявол уола
Уоран илдьэ барбыт.
Таптаатаҕы дии.
Йоо!
Короче,
Онтон кыыһыран,
Ол абааһы уолун
Ол уоллара эккирэтэ турбут.
Ол уол абааһы дьявол уолун
Ситэн ылан сирэйгэ силлээбит.
Уонна охсуһан барбыттар.
Онтон ол саха уола
Порожениелаан хаалбыт.
Хомолто, печаль буолбут.
Йоо!
Онно кыраһыабай кыыс
Ытаан-ытаан баран,
Ньургун Боотуру ыҥырбыт.
Тоҕо диэтэххэ таптыыр эбит.
Йоо!
Ол иһин ыҥырбыт эбит.
Ньургун Боотур кэлэн,
Абааһы дьявол уолун
Атаакалаан барбыт.
Анараа абааһы уола
Атааканы не выдержал
Онон куотан хаалбыт.
Онон победа буолбут,
Бары дьиэлэригэр кэлбиттэр.
Йоо-йо-йоо! (Тахсар)
Оҕонньор: Олоҥхоҕутун хаһан саҕалыыгын, оҕолоор?
Тойон: Биир киһи олоҥхолоон таҕыста.
Тураах: Дур-раак! Дур-раак! Негрр кур-рдук!
Оҕонньор: Негирдэр үҥкүүлэрин үҥкүүлээтэ буолбат дуо, олоҥхо үһү дуо ити?
Микрофоннаах Дьахтар: Ытыс тыаһынан көрсүөхэйиҥ иккис кыттааччыбытын. Дьаакып олоҥхоһут!!
Дьыалаһыт Дьаакып сценаҕа тахсан иһэн умса барар.
Оҕонньор: Оок! Бу уол дьолун тоҕо түһэн кэбистэ. Кыайтарарын биттэннэ эрэ, хайа эрэ.
Тураах: Барр гынна, барр гынна.
Дьыалаһыт Дьаакып: (Бэйэтигэр) Эһиги да кыраабатаргыт, кыайтарар буоллум быһылаах. Козааларым барахсаттар көмөлөһүҥ.
Олох маска тиийэн олорор.
Дьыалаһыт Дьаакып: (Эмискэ ыллаан тоҕо барар)
Хара сир устун саас маҥнай
Хааман иһэр кэрэтиэн…Бырастыы гынаргытыгар көрдөһөбүн. (Ойон турар да оһуохайдаабытынан барар)
Оһуохайдыыр оһуохай,
Ойор-көтөр оһуохай.
Эһиэхэйдиир эһиэхэй,
Этэр-тыынар эһиэхэй!
Тураах: Дыр-раах! Быр-рах-тар-рыы! Быр-рах-тар-рыы!
Дьоннор күлсэллэр.
Тойон: Доҕоор, эн, этэргэ дылы, уоскуйа түс. Өрө тыын дуу, хайаа дуу.
Паапкалаах Дьахтар: Аны манна инфарктаан хаалан, тэрээһиммитин срывтыыра буолуо.
Дьыалаһыт Дьаакып: Һуу! Хайдах эрэ буоллум. Хараҕым ирим-дьирим буолла.
Тураах: Пр-ровалл! Пр-ровалл!
Дьыалаһыт Дьаакып: (Онтуону супту ыйар) Бу барыта Онолуйар Онтуон оҥоһуута! Кини бу күрэххэ олох кыттыа суохтаах этэ. Бар дьонум, бу баҕайыны табаарыстарын кытта барыларын үүрэн ыытыҥ! Миигин кинилэр аптаах тураахтара сиир буолла!
Оҕонньор: Ити оҕо туох диир?
Тойон: Онтуону үүрүҥ диир?
Оҕонньор: Ол эмиэ тоҕо? (Дьаакыпка) Нохоо! Ол-бу буолан кубулуммакка-дьибилиммэккэ олоҥхолоо дуу, хайаа дуу. Төһө бэрики олоҥхоһут буолан дьону үүрдэрэ сатыыгын!
Онтон-мантан дьон “Оннук-оннук!” дэһэллэр.
Дьыалаһыт Дьаакып: (Оройун тарбанар) Чэ, саҕалыахха. Ити, бастаан, куоласпын оҥоһуннум, күөмэйбин чөллөрүттүм. (Тохтуур) Бэйэ эрэ хайдах этэй? Оо, козааларым барахсаттар… Ээ, сөп. Маннык этэ.
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Аан Ийэ дойду
Аҕыс аартыга
Быһыта кырбанан киирэн
Бара турар миэстэлэригэр
Баһаам үлүгэр баараҕай…(тохтуур)
Баараҕай баҕайы…(Сиэбиттэн кумааҕы ылан көрөр) Туох да көстүбэт. Туох ааттаах бытархай гына суруйбуттарай. Ээ, бэйэм суруйдум этэ дуу. Тууй-сиэ! Олох тугу да көрбөппүн, ытаа да ыллаа. Туох-туох диэний? “Аҥыр” диэн дуу? Ама, инньэ диэн буоллаҕай. Ээ, арба, аҥааттар диэн этэ.
Баһаам үлүгэр баараҕай
Аҥааттар-муҥааттар
Ааттаах киэҥ алаас
Аҥаарыйа киэптээн
Сытара эбитэ үһү.
Бу алааһы
Арҕаа өттүнэн
Арыйа баттаан
Ааһыам диэбит киһи
Аҥаарыйа кырдьан хаалар эбит.
Илин өттүнэн
Эргийиэм этэ диэн
Эттээх атынан…(тохтуур) эттээх атынан…хайаабыт эрэ диэн этэ. Ити барыта Онолуйар Онтуон оҥоһуута. Кини баар буолан, кыайтаран эрэбин. (Ойон турар) Мин сууттаһыам! Дьыала тэрийиэм! (Онтуону ыйар) Дьэ, мин эйиигин олохтоох сиргин булларан тэйиэм! Киэр буол мантан!!
Тураах: Барр! Бэйэҥ барр! Барр!
Оҕонньор: (Тайах маһын туппутунан ойон турар) Ити тураах сөпкө этэр! Бэйэҥ бар! Тугу да сатаабат эрээри!
Дьон саҥата: Оннук-оннук! Уурайдын! Сүрэ бэрт! Дьаакып, бараҥҥын козааларгын аһат, ыран хаалыахтара.
Дьыала Дьаакып: Мин бу дьыаланы таах хаалларыам суоҕа! Үҥсүөм!! (Олох маһы түҥнэри тэбэн тахсан барар).
Микрофоннаах Дьахтар: Табыллымааш буолаары гынныбыт. Эмиэ ытыс тыаһынан көрсүөҕүҥ, үһүс нүөмэрдээх кыттааччыны! Онолуйар…ээ, алҕас…Олоҥхоһут Онтуон!
Ытыс тыаһа. Онтуон, Сааска, Агафон үһүөн субуруһан тахсаллар. Онтуон олох маска, Сааскалаах Агафон муостаҕа олороллор.
Онолуйар Онтуон: (Олоҥхолоон барар)
Былыргы былдьаһыктаах дьылларым
Быралыйбыт мындааларын сэгэтэн,
Ааспыт алдьархайдаах кэмнэрим
Аҥаарыйбыт таһааларын арыйан,
Көмүс чуораан күөмэйбинэн көрүлээн
Урукку оҕонньоттру үтүктэн,
Онолуйан көрүөм буолуо дуу? (Тоҥхох гынар)
Сааскалаах Агафон: “Ноо!”—диэбитинэн ойон тураллар.
Тураах: Даах!
Онолуйар Онтуон:
Тоҕус хаттыгастаах
Толомон маҥан халлаан
Торолуйбут эбит,
Сэттэ сиксиктээх
Ситэри маҥан халлаан
Сириэдийбит эбит,
Үс үүдэһиннээх
Үрүмэ маҥан халлаан
Үөскээбит эбит.
Сити,
Киэбэ, кэмэлдьитэ биллибэт,
Киэлитэ, таһаата кэмнэммэт,
Барар тухары
Бараммакка бара турбут,
Кэлэр тухары
Кээмэйдэммэккэ кэлэ турбут
Уллуҥаҕынан ууруллубат,
Былаһынан мээрэйдэммэт
Өндөл маҥан халлаан диэн ааттаах
Үөһээ дойду үөскээбитэ үһү.
Суоппар Сааска: Ноо!
Дьыалаһыт Дьаакып: “Ноо” буолбатах! Бу киһини тохтотуҥ!
Онолуйар Онтуон:
Ол аллараа өттүгэр
Барбатах балык миинин курдук
Бадыа-бүдүө дойду
Барыйан сытар эбит.
Суолга охтон собулҕа буолбут,
Айаҕын булуммакка аартыкка охтубут
Ала саадьаҕай дьүһүннээх
Сомуорускай сүөһү
Сойон эрэр хараҕын курдук
Өлбөөркөй дайды
Үтүгэн сирэ,
Үс Ньүкэн үөдэн түгэҕэ
Чөҥөрүйэ сытар эбит. (Тоҥхох гынар)
Агафон утуктуу олорор. Сааска ойоҕоско имнэнэр.
Аата Суох Агафон: (Ойон турар) Уой, мама! Ээ, алҕас. Ноо!
Дьыалаһыт Дьаакып: Маамалаах баҕастаах! Сыбыс-сымыйанан! Киэр гыныҥ, бу дьону!
Онолуйар Онтуон:
Ити икки дойду
Икки ардыларыгар,
Силбэһэр сирдэригэр
Ойон тахсар күннээх,
Охтон баранар мастаах,
Устан уолар уулаах,
Уостан сүтэр уйгулаах
Орто туруу бараан дьаҕыл дойду диэн
Икки дойду иирээннэрин бүөлүү,
Атааннаһыыларын аралдьыта,
Сынньыллар сирэй,
Охсуллар ойоҕос,
Тэбиллэр эмэһэ буолан сытар эбит.
Сааскалаах Агафон “Ноо!” диэбитинэн ойон тураллар. Дьаакып тугу эрэ этээри быкпытын Оҕонньор тайа маһынан оройго “лос” гыннарар.
Оҕонньор: Онтуон, бириэмэҥ бүтээри гыммыт үһү. Дьоҥҥун охсуһуннартыы оҕус!
Онолуйар Онтуон:
Ол кэннэ буоллаҕына,
Икки дойду буулаҕа бухатыырдара
“Хап” гына хапса түстүлэр,
“Тип” гына тиксэ түстүлэр да
Ойбон сирбит оройбут үүтэ
Манан ини диэн
Охсон ойбоннообутунан бардылар,
Чараас сирбит чабырҕайбыт туһа
Манан бадахтаах этэ диэн
Чыпчырына-чыпчырына
Чаллырҕатыһан түһэн бардылар.
Дьыалаһыт Дьаакып: Сымыйанан кэпсээмэ! (Оҕонньор тайах маһынан оройго охсор).
Онолуйар Онтуон:
Охсуспутарын тыаһа
Орто дойду дьонун
Отор балаҕаннарыгар тиийэ
Онолуйан иһилиннэ,
Аан Ийэ дайдыга
Ала холоругу түһэрдэ.
Аллараа дойдуну аҥаар кырыытыттан
Атыйахтаах уу курдук
Аймаан кэбистилэр.
Үтүгэн түгэҕин
Үөн да үөскээбэт гына
Үлтү күөрэлээн,
Үс хаттыгастаан
Өрөһөлүү кыстаан кэбистилэр.
Ол кэннэ
Тыҥаларын күүгэнэ баранан,
Тарайа уҥан хаалан
Тыҥырҕаччы тыына-тыына
Тарбахтарын такырытан
Тыгыаласпыта эрэ буолан,
Сүүс сүүстэринэн харсан
Өспөччү көрөн,
Өйөнсөн турбуттара
Оччо эбитэ үһү!
Баар дьон бары “Ноо!” диэбитинэн ойон тураллар. Дьаакып сиргэ олоро түһэр.
Тураах: Пр-рииз баарр! Пр-рииз баарр! Ур-раа!!
Дьон сценаҕа тахсан Онтуону эҕэрдэлииллэр. Дьаакып тугу эрэ саҥараары гыммытын Оҕонньор тайах маһынан түҥнэри охсон түһэрэр. Дьаакып ат буолан куотар.
Тойон: (Суоппар Сааскаҕа) Нохоо, тохтоо эрэ.
Суоппар Сааска: Тохтоотум, ээ.
Тойон: Суоппар Сааска диэн эн дуо?
Суоппар Сааска: Мин, ээ.
Тойон: Онтон Абаарыйа Бааска диэн кимий?
Суоппар Сааска: Ээ, онтон, эмиэ мин, ээ.
Тойон: Суоппардыаххын баҕараҕын дуо?
Суоппар Сааска: Баҕарарын баҕарабын да, провам суох ээ.
Тойон: Булуохпут. Олорор дьиэлээххин дуо?
Суоппар Сааска: Ээ, онтон суох гынан баран, тыаҕа отуулаахпыт ээ. А так, дьиэм да, пропискам да, праваам да суох.
Тойон: Булуохпут. Нохоо, мин суоппарым кырдьан тугу да көрбөт, тугу да истибэт, тугу да өйдөөбөт буолан хаалбыт. Эн кини оннугар миэхэ суоппарынан киирэҕин. Өйдөөтүҥ дуо?
Суоппар Сааска: Суоппарынан даа? Крутой массыынаҕа даа? Кырдьык даа?
Микрофоннаах Дьахтар: Олоҥхобут күрэҕин кылаан кыайыылааҕа Онолуйар…ээ алҕас, Олоҥхоһут Онтуон!
Оҕонньор, Тойон, Паапкалаах Дьахтар Онтуоҥҥа бэлэх биэрэллэр.
Паапкалаах Дьахтар: (Онтуоҥҥа) Бу күрэҕинэн тохтоон хаалбаккын. Аны, министерствоны кытта контрактаһан, улуустарынан, куораттарынан сылдьан гастроллуоҥ.
Онолуйар Онтуон: Гастрол даа? Таҥаһым-сабым мөлтөҕө бэрт ээ.
Тойон: Таҥыннарыахпыт. Гонорор эмиэ төлүөхпүт.
Тирээпкэлээх Дьахтар: (Агафоҥҥа) Эн үчүгэй баҕайыытык артыыстыыр эбиккин дии.
Аата Суох Агафон: Мин даа? Мин артыыстаабатаҕым ээ.
Тирээпкэлээх Дьахтар: Онтон, үчүгэй баҕайытык “ноо” диэбитиҥ дии.
Аата Суох Агафон: Ээ, даа?
Тирээпкэлээх Дьахтар: Үчүгэй-үчүгэй. Уонна ити биллэриини эн уруһуйдаабыт үһүгүн дии.
Аата Суох Агафон: Ааһа. Үчүгэй даа?
Тирээпкэлээх Дьахтар: Наһаа үчүгэй. Худуоһунньук эбиккин дии. Мин дьиэбэр итинник курдугу уруһуйдатыахпын баҕарабын ээ. Уруһуйдуоҥ этэ дуо?
Аата Суох Агафон: Долгуйан бүттэхпинэ уруһуйдуом этэ.
Тирээпкэлээх Дьахтар: Оччоҕо кэлээр. Мин баран ас астыам (барар).
Аата Суох Агафон: Ыы-һык.
Тураах: Свид-даа-ние! Свид-даа-ние!
Суоппар Сааска: Оок, Агафоммут, дьэ, билистэ ээ!
Онолуйар Онтуон: Оргууй!
Сценаҕа үһүөн хаалаллар.
Онолуйар Онтуон: Дьэ, арааһа, биһиги хампаанньа табыллар буоллубут быһылаах ээ. Мин хантараахтаһан гастроллуу барар буоллум. Сааскабыт үлэ булуох курдук. Агафоммут сибидээнньэҕэ бараары баттаҕын имэринэ турар.
Тураах: Пр-рааз-дник! Пр-рааз-дник!
Суоппар Сааска: Биһиги да олбуорбутугар тураах саахтаата ээ.
Аата Суох Агафон: Быйыл күһүн саас тиийэн кэллэ дии (күлсэллэр).
Үһүөн куустуспутунан тахсан бараллар. Тураахтарын көтөҕө сылдьаллар.
Дьыалаһыт Дьаакып: Айыы-айа! Мин маны таах хаалларыам суоҕа! (Тураары гынар). Айыккыы! Ыт оҕонньоро. Мин маны үҥсүөм!! (Салҕаластаан туран кэлэр).
Быыс.
Таатта. Хара-Алдан 2020 сыл. А