1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
428 views

Кэмиэдьийэ «Трагедия»

 ТРАГЕДИЯ

(кэмиэдьийэ)

«Быть или не быть —

вот в чём вопрос».

Уильям Шекспир

 

Станислав Немирович Данченко — кылаабынай режиссёр

Адалаида Андреевна Плеядина — бастакы былаан актрисата

Полиграф Давидович Галактян — бастакы былаан актёра

Метеоров

Звёздочкина

Кээчэ — дьиэ сууйааччы

Уйбаан — сцена үлэһитэ

Мадам Саҕынньаахаба — театрга сүгүрүйээччи, сааһырбыт дьахтар

Сааһырбыт киһи — Саҕынньаахаба эрэ, театрга сүгүрүйээччи

Госпожа Булгунньаахаба — театр дириэктэрэ

Гора Иванович Лүҥкүрдээнэп — культура чиновнига

Ааптар

(Шекспир «Гамлет — принц датский» уонна «Укрощение строптивой» айымньыларыттан быһа тардыылар ылылыннылар)


Сценаҕа борук-сорук соҕус. Хас да киһи олус пафостаан классическай трагедияны репетициялыы сылдьаллар.

Галактян. Ха-ха! Вы довольны?

Плеядина. Мой принц.

Галактян. Вы красивы?

Плеядина. Что ваше величество хочет сказать?

Галактян. Я вас любил когда-то.

Плеядина.     Да, мой принц,

И я была вправе

Этому верить.

Галактян.     Напрасно вы мне верили;

Я не любил вас.

Плеядина.     Тем больше была

Я обманута.

Данченко (хаһытыыр). Тохтооҥ! Итинник буолбатах! Не верю! Адалаида, чыычааҕым оҕотоо, өйдүүбүн, наһаа өйдүүбүн. Эн биһиги театрбыт бастакы нүөмэрдээх актрисатаҕын, эн сулускун. Ол гынан баран… Ол гынан баран.

Плеядина. Тугуй? Туох баарый? О-ох, наһаа да сылайдым!

Данченко. Туох эрэ тиийбэт. Ситэ оонньообоккун. Ситэ аһыллыбаккын. Уобараскар ситэ киирбэккин.

Плеядина (өһүргэнэр). Ситэ-ситэ… Сылайды-ыым, сылайдым.

Данченко. Полиграф Давидович…

Галактян. Тугуй? Эмиэ тугуй? Тугу сатаабатым?

Данченко. Уоскуй, уҕарый. Бастаан уоскуй. Тохтуу түс. Өрө тыын. Тыын, тыын.

Плеядина (атын сиргэ). Сволочь. Олус да сылайдым.

Данченко. Полиграф, эн биһикки бу театр пионердара этибит. Эн баар буолаҥҥын сүүрбэччэ сыллааҕыта «Көмүс мааскаҕа» кытта сыспыппыт. Эн улуугун, чулуугун. Ол гынан баран…

Галактян. Тугуй? Эмиэ тугуй?!

Данченко. Эн аһары түһэҕин. Аһары оонньуугун, аһары бараҕын.

Галактян. Аһары-аһары… Мин аһары барабын, Адалаида ситэ оонньообот. Ким үчүгэйдик оонньууруй? Ким?! (Режиссёрга ынан тиийэр.)

Данченко. Всё! Перерыв! Чаас аҥаардаах. Суох, үс чаастаах.

Бары бараллар. Сценаҕа соҕотох Галактян хаалар.

Галактян (көрөөччүлэргэ туһаайан). Анекдот кэпсиибин дуо? Суох даа? Оччоҕо үгэ ааҕыам буолаарай? «Эс!» диигит дуу? Сылайдаххыт дии. Мин эмиэ. Эһиги күнү быһа биһигини өрө мыҥаан баран олорор аппаалаларгыт. Сылайаргыт сөп буоллаҕа дии. Биһиги тугу да сатаан оонньообот акаарыларбыт. Хайаан да сылайдахпытына сатанар.

Э-эх, акаарылар! Кэмиэдьийэ театрыгар трагедияны туруораллар. Искусствоҕа саҥа сыһыан үһү, ол аата. Акаарылар! Ити киһи онно киирэн биэрэ сылдьар. Кини эмиэ акаары. Буолаары буолан, саамай улахан акаары. Театр диэни кыратык да оройдоппот, ити олоппос, ити иһэ көҥдөй бутафорскай колуонна, ол сымыйа түннүк курдук тас хахтара эрэ баар чинодраллар тылларын барытын толоро сатыыр. Бүрүкүрээттэр тылларын. Куобах курдук. Кини — куобах, чиновниктар — бөрөлөр, искусство чинодрал бөрөлөрө. Кинилэр искусствоны сиэхтэрэ. Муоһун-туйаҕын да ордоруохтара суоҕа. Оннук дьону Данко курдук сирдьит оҥостобут. Кинилэр сүрэхтэрин хостоон суолбутун сырдатыахтара суоҕа. Э-эх! (Сиргэ силлиир.)

Оттон бу улуу хаос уот будулҕанын ортотугар турааччы, эһиги истигэн кулуккут, МИН, кимминий? Этиҥ эрэ, эһиги миэхэ! Отукка чугаһыыр сыл бу сцена быылын сиэбит, ити тэйгэллээхтээн турар быыс хас биирдии абыраҕын ааҕа билэр киһи, МИН, кимминий?! Билбэккит? Эбэтэр билэ-билэ билбэтэҕэ, көрө-көрө көрбөтөҕө буолаҕыт дуу? Саҥарбаккыт. Саҥаран абыраамаҥ! Отукка чугаһыыр сыл саҥарбатыгыт. Бэйэм да саҥарыам. Бэйэм да этиэм. Этэбин дуо, мин киммин? Көр, чөрөс гына түстүлэр дии, харахтара уоттанна. Истиҥ уонна өйдөөҥ, өйдөөҥ уонна умнумаҥ! Мин, Полиграф Давидович Галактян, хас эмэ хос үтүөлээх артыыс — оҕуспун. Искусство ат оҕуһабын! Сорох бөрө буолан улуйар, баҕа буолан айаатыыр кэмигэр, мин бурҕалдьы кэтэн, искусство бурҕалдьытын моойбор кэтэн инним диэки соһобун! (Оҕус курдук айаатыы-айаатыы тахсан барар.)

Уйбаан (утары киирэр). Ити киһибит туох буолла? Эмиэ хара сарсыардаттан итирбит муҥа дуу? Эмиэ кими эмэ кытта ииристэ дуу? Сордоох баара, сотору-сотору этиһэринэн-охсуһарынан сатамматах киһи. Бу дьиэни кытта уонтан тахса сыл эҥээрдэстим да, Галактян кими эмэ кытта иирсибэтэх күнүн өйдөөбөппүн. Биир кэм кини айдаана буолар. Уонна Плеядина. Дьэ, уотунан тыынан алдьархайдаах хотууса диэтэҕиҥ. Оо, абытай. Киирэн биэр эрэ, Уот Садаҕа Моҕой курдук уһуутуоҕа. Эчи, киһи миигинньиктэрэ утары көрбөт дьоно буоллахтара, ааттара-суоллара, талааннара, сатыыллара. Уу, дьэ, төһөтүн да иһин, үлэһит аллаах дьон. Бу сууллуохча самналлан турар сүдү уорук иһиттэн ыйы ыйынан тахсымыахтарын сөп. Бу сценаттан түспэккэ да эрэ олохторун моҥуохтар этэ. Сороҕор көрө-көрө аһынан кэлэбин ээ. Сылайан, атахтарын арыычча соһор буолаллар. Ол үрдүнэн син биир астымматтар, син биир санаалара алдьана, киҥ-наар холло, кыыһырса сылдьааччылар. Биллиилээх дьон бары итинник буоллахтара дуу? Киһи ымсыырыа суох ээ, оччоҕо, кинилэр ааттарыгар-суолларыгар. Мин көннөрү киһи буолан төрөөбүтүм да ордук курдук. Айыкка, доо, күн аайы кыыһыран тымта сылдьар диэн туох аатай?

Адынаака, тыйаатырбытыгар туох эрэ буолан эрэр. Тойотторбут-хотуттарбыт санаалара алдьаммыта сүр курдук. Аны, кэмиэдьийэ тыйаатыра диэн ааттаахпыт эрээри, тоҕо тырагыадьыйалаан эрэллэрэ буолла. Киһи миигинньигэ ону сатаан өйдүө суох. Көрөөччүлэргэ да соччо өйдөммөт ини. Сатаналар тугу-тугу дьаабыланан эрэллэрэ буолла?.. Чэ, ол миэхэ туох буолуой. Мин ыт силин саҕа хамнаспын аахсан ылар буоллум да бүтэ турар. Тугу да туруордуннар, тыйаатырбыт барахсан эрэ сабыллыбатын, били куттуур сокращениелара эрэ буолбатын.

Плеядина (киирэн кэлэр). Һуу! Эчи итиитин. Уой!

Уйбаан. Дорообо, даспыдаанньа. (Тахсар.)

Плеядина. Оо, боже! Киһи сүрэҕин хайыта сыста. Театр иччитин көрдүм дии санаатым ээ. Онтум, баара суоҕа, маннааҕы оробуочай эбит. Айыым-таҥарам, наһаа да сылаас. Просто, микроволновай духовка курдук. Наказание. Бу хаһан киһилии соҕус театрга үлэлиирбит буолла? Саатар, киһилии гримёркабыт да суох. Сыгынньаҕын көрүдүөргэ сүүрэккэлиибит. Пахай даҕаны. У-ужас! Тойотторбут тугу саныы сылдьаллара буолла? Саатар, биһиэхэ, комедия театрыгар, трагедияны труораллар. Ол аата үһү, искусствоҕа саҥа сүүрээн, саҥалыы сыһыан, инновация диэн. Чем ону думают? Разве что вот этим? Бэҕэһээ аҕай Күөх Көппөнү, Фигароны оонньоон ханньаҥнаабыт Галактян, аны, Гамлеты оонньуохтаах үһү. Чиччик. Сатыыр үһү дуо, саарбаҕым салыбырыыр. Хата, мин, сааһым тухары Күндү Күлүүк дуу, Бьянка дуу аатырарым буолуо дии саныырым, биир үтүө дуу, мөкү дуу күн, Офелия буолан хааллым дии. Хотя, Офелия не верх моей мечты, но всё же… Саамай тардыһар, саамай баҕарар оруолум Королева Марго. Оо, мечта моя, оо, идеал мой! Оо, подруга моя! (Өрө тыынар.) Үөрэнэ сылдьан, Марго монолуогун аахпытым ээ. Дура, сатаабатым быһылаах этэ. Орто эрэ диэбиттэрэ. Чэ, ол театроведтар диэн халлаан дьоно буоллахтара, кинилэр эрэ барыны бары сатыыр дьон курдук кириитикэлээбитэ буолаллар. По заказу үлэлииллэр. Урут да оннук этэ.

Данченко акаары, бэйэтэ тугу да сатаабат эрээри, киһини сатаабаккын диир буоллаҕа үһү. Козёл театральный. Киһи өйүгэр-санаатыгар, дууһатыгар хатанар айымньыта суох эрээри, өссө мин оонньуубун сирбитэ-талбыта буолар. Актёр ис туругар, кутугар-сүрүгэр өтөн киирбэт. Онно эрэ наадыйбат. Киниэхэ биһиги ат оҕус курдук үлэлиэхпитин эрэ наада. Билэр үһү дуо, кини, мин дууһабын? Суох, билбэт! Оттон мин бэс ыйынааҕы хонуу үрүмэччитэбин ээ. Лыахпын. Мин лыах буолан, минньигэс нектар аһылыктаныахтаах, сибэккиттэн сибэккигэ көтө сылдьыахтаах этим. Ону баара, Станислав Немирович Данченко ынах гынан ыыр. Кырдьаҕас ынах буола иликкэ, бу хаарбах театртан барыахха наада. На совсем. Оччоҕо, миигинэ суох кэһэйиэ этэ. Кими мин оннубар оонньотуой? Кимэ да суох, миэхэ тиийиэх.

Чэ, букатыннаахтык быһаарынным. Барабын! Быраһаай, самнан түһээри турар храм! Быраһаай, дьону ытыахтарыгар диэри үөрдэр сүдү искусство! Аны миигин Афродита эрэ оруолугар көрүөххүт, күндү көрөөччүлэр. (Тахсар.)

Кээчэ. Һуу! Киһини түҥнэри көтө сыста дии, эмиэ. Сүрэҕим хайа баран иһэн тохтоото быһылаах. Арааһа, уһуйдаҕа буолуо. Бостуой бу абааһы үлэтигэр киирэн… Саатар, хамнас төлөөн быстыбаттар. Өссө сокращениеҕа ыытыахпыт дииллэр. Оччоҕо муосталарын бэйэлэрэ сууйаллар дуо? Холоон ини. Эчи, улаатымсыктара даҕаны кыайар, кынчарыйан аастахтарына баһыыба курдук. Дьүөгэлэрим, акаарылар, миэхэ ымсыыраллар ээ. Биллиилээх, улуу дьону күн аайы көрөҕүн дииллэр. Ол улуу дьонноро хайдахтарын билэллэрэ эбитэ буоллар, сиргэ силлиэхтэр этэ. Пыы, ити Данченколаах Галактян итирэн баран, охсуһаары уолуктаһа, сыыҥ-сыраан алла туралларын көрөллөрө буоллар?.. Өссө оҕонньоттор киһини дьээбэлээри гыналлар ээ, һы-һы.

Сатаан туттарсыбытым буоллар, мин даҕаны кинилэр курдук хантаччы туттан баран хаамыам этэ. Ити Плеядина саҕа оонньуом эбитэ буолуо. Абааһы оҕонньоро, собус-соруйан проваллаппыта ээ. Бытыктаах буола-буола. Букатын Мейерхольд дуу, Вахтангов дуу курдук санаммыт быһылаах этэ. Кэнники билбитим, ханнык эрэ билсиилээҕин оҕотун ылаары миигин проваллаппыт үһү. Уонна, биллэн турар, бэрик эрэйэр буоллаҕа дии. Мин ол бэриктэрин хайдах биэриэхпиний? Ийэлээх аҕам пенсиялара чооруос тумсун эрэ саҕа. Миигин куоракка киллэрбиттэригэр баһыыба диэбэккит дуо? Уонна тугу биэриэхпиний, бэйэбин дуо? Пахай даҕаны, ол эриллэ хатан хаалбыт оҕонньорго… Бэрик биэрбитим буоллар, бу сценаҕа бэрт үчүгэйдик оонньуу сылдьар буолуом этэ. Ээ, били, хайдах этэй?

Не издевайся надо мной, сестрица;

Ведь и сама себя ты унижаешь,

Меня в рабу пытаясь превратить.

Обидно мне! Я все наряды эти

Отдам тебе, лишь развяжи мне руки;

Да, все мои одежды, вплоть до юбки.

И все исполню, что ты ни прикажешь;

Мой долг святой — повиноваться старшим.

Мадам Саҕынньаахаба эринээн киирэллэр.

Мадам Саҕынньаахаба. Браво! Браво! Великолепно! Восхитительно! Просто шедевр. Дорогая, кистэл буолбатах буоллаҕына, ити ханнык пьесаны репетициялаатыҥ? Я просто умираю от любопытства.

Кээчэ. Ээ, ити мэнээк.

Мадам Саҕынньаахаба. Понимаю, понимаю. Секрет. Сюрприз, так сказать. Биһиги, көннөрү көрөөччүлэр, бу улуу храм сүдү кулисаларын кэтэҕэр туох буола турарын эрдэ билэрбит сатаммат. Но, ол гынан баран, миэхэ можно. Миэхэ этиэххэ сөп.

Сааһырбыт киһи. Дорогая…

Мадам Саҕынньаахаба. Молчи, пупсик. Да, кстати, билсэн кэбиһиэх, мадам Саҕынньаахаба диэммин. Театр искусствотын ахсаабат сүгүрүйээччитэбин. Эн…

Кээчэ. Кээчэбин.

Мадам Саҕынньаахаба. Даа? Понимаю-понимаю. Сценическэй псевдоним. Олус барсар эбит. Олус барсар. Ордук бу… мм… да. Швабраҕар олус барсар. Ити билигин аҕай ким оруолун толорон, биһиги харахпытын дьоллоотуҥ? Биллэн турар, кистэл буолбатах буоллаҕына.

Сааһырбыт киһи. Дорогая…

Мадам Саҕынньаахаба. Молчи, пупсик.

Кээчэ. Ити Шекспир. Бьянка эдьиийэ Катаринаны кытта кэпсэтиилэриттэн.

Мадам Саҕынньаахаба. Замечательно. Просто гениально.

Сцена кэтэҕэр. «Кээчэ, кэл! Сууй!»

Кээчэ. Уой! (Сүүрүүнэн тахсан иһэн, Данченкоҕа кэтиллэ түһэр.) Уой! (Сүүрэн хаалар.)

Данченко. Эй! Осторожно! Эҥин араас үлэһиттэр бааллар. Аа! Мадам Саҕынньаахаба, моё почтение. Үтүө күнүнэн, Илья Ильич.

Мадам Саҕынньаахаба. Приветствую, Станислав Немирович. Ити хайа актрисаны кытта кэпсэттим?

Сааһырбыт киһи. Дорогая…

Мадам Саҕынньаахаба. Молчи, пупсик.

Данченко (көхсүн этитэр). Ити биһиги дьиэ сууйааччы кыыспыт. Үлэтин совершенно кыайбат. Тыаттан киирэ сылдьар.

Мадам Саҕынньаахаба. Даа? Какой конфуз. Ну, ничего. Ол гынан баран, мне она понравилась, кырдьыгы этэр буоллахха. Манна соҕотоҕун били кими… кими… Пупсик?

Сааһырбыт киһи. Бьянка, дорогая.

Мадам Саҕынньаахаба. Молчи, пупсик, сама знаю. Бьянканы ааҕа турар этэ. Мин санаабар вполне сносно этэ.

Данченко. Ну-ну. Может быть. Это же театр. Великий храм.

Мадам Саҕынньаахаба. Я и говорю. Өскөтө кистэл буолбатах буоллаҕына, Станислав Немирович, бу сезону ханнык улуу спектаклынан аһар былааннааххын?

Данченко (улаханнык сылайбыт быһыынан). Оо, мадам, итэҕэйиэҥ суоҕа. Ол гынан баран, биһиги театрбыт бу сезону аспат кутталлаах.

Мадам Саҕынньаахаба. Как?! (Сүрэҕин туттар.)

Сааһырбыт киһи. Дорогая…

Данченко. Эх, мадам Саҕынньаахаба, эн, саалаҕа олорон, тугу да билбэккин. Оттон бу, мин тус бэйэм илиибинэн уонна атахпынан тутан-хабан тэрийбит театрым, эстэн эрэр. (Тулатын ыйан нэлиҥнэтэр.) Актёрдар барыахтарын баҕараллар. Хамнас кыра, дьиэбит туруга мөлтөх, сууллаары турар. Репертуар суох. Ааптардар биһигини кытта үлэлиэхтэрин баҕарбаттар быһылаах. Көрөөччүлэр премьераҕа да аҕыйахтар. Үбүлээһин суох. Гастроллуур техника суох. Барыта суох, суох, суох!  (Кынньанан киирэн барар.) Актёрдар эрэ буолбатах, мин эмиэ сылайдым. Спектаклбын репетициялыырым оннугар, үп, спонсор көрдүү, күнү быһа көтүөккэлээ да көтүөккэлээ. Сылайдым. Сылгы үһүбүн дуо, мин? Эбэтэр страуспун дуу? Ты-кы-тык, ты-кы-тык, тыкытык! (Сылгы сүүрэрин үтүктэр.) Көрүҥ, мин сылгыбын. Комедия театрын кылаабынай режиссёра Станислав Немирович Данченко — сылгы. Дын, дын, дын, дын! (Страус сүүрэрин үтүктэр.) Өссө көрүҥ, бу аата страус режиссёр спонсор көрдүү сүүрдэ. Үйэлэргэ өлбөт сүдү искусство сүрүн киһитэ — страус, сылгы уонна умнаһыт. Көрүҥ, күндү көрөөччүлэр, көрүҥ уонна күлүҥ. Эһиги манна күлээри кэлбиккит. Быаргыт быстыар, иҥииргит тардыар диэри иэрийэ күлүҥ! Эһигини күллэрээри биһиги сууллан эрэр дьиэҕэ үлэлиибит. Сибилигин театрбыт сууллуо да, бары хаппыыста курдук барыахпыт.

Мадам Саҕынньаахаба. Ка-ак?! (Уҥан хаалар.)

Сааһырбыт киһи. Дорогая.

Данченко. Да-да, мадам Саҕынньаахаба, дьиэ сибилигин сууллуо да, барыбытын ньаппаччы баттаан кэбиһиэ. Чараас алаадьы курдук буолуохпут. Оччоҕо биһиги уҥуохпут үрдүгэр суордар уонна тураахтар үҥкүүлүөхтэрэ. Хааҕырҕаһа-хааҕырҕаһа кириэспитин тоҥсуйуохтара. Дьэ, ол буолуо — дьиҥнээх кэмиэдьийэ театра. Тук-тук! Тук-тук! (Суору-турааҕы үтүктэр.)

Госпожа Булгунньаахаба уонна Гора Иванович Лүҥкүрдээнэп киирэллэр.

Данченко (киирбит дьону көрбөт). Кэмиэдьийэ театрын трагедията онно буолуо. Тьфу! Силлиибин! Силлиибин уонна хаахтыыбын! Искусство үрдүк өһүөлээхтэригэр силлиибин! Кинилэр айар үлэҕэ ыттыы сыһыаннарыгар силлиибин! Суос-сымыйа инновацияларыгар силлиибин, кинилэр биир ситимнээх сүҥкэн бырайыактарыгар силлиибин! Кинилэр тугу да өйдөөбөттөр, билбэттэр, сатаабаттар! Кинилэр өйдүүллэрэ — үбү сарбыйыы, билэллэрэ — суоһурҕаныы, сатыыллара — уоруу! Тьфу диибин кинилэргэ. Кэмиэдьийэ театрыгар трагедияны туруортарбыт буола-буолалар!

Лүҥкүрдээнэп. Госпожа Булгунньаахаба, мин бу комедияттан тугу да өйдөөбөтүм.

Госпожа Булгунньаахаба. Гора Иванович, ити киһи сылайбыт. Утуктуу сылдьар, уутугар аҥаарыйан ону-маны барытын түөһэр. Билигин уһугуннарыам. (Данченкоҕа.) Стасик! Уһугун!

Данченко (киирбит дьону көрө түһэр). Аа, Гора Иванович, наш ангел хранитель. Очень рад видеть, очень. (Ойон тиийэн илии тутуһар.)

Госпожа Булгунньаахаба (атын сиргэ). Трепло. Станислав Немирович, Гора Иванович репетиция хаамыытын кытта билсэ кэллэ. Төһө бэлэммитий?

Данченко (атын сиргэ). Дьэгэ Бааба. Барыта былаан быһыытынан, Гора Иванович, былаан быһыытынан. Кыра-кыра ыарахаттар, биллэн турар, бааллар. Ол гынан баран, ону биһиги, искусство истигэн кулуттара, чихал диибит. Түүннэри-күннэри күүскэ үлэлиибит. До седьмого пота.

Лүҥкүрдээнэп. Это похвально. Но, ол гынан баран…

Госпожа Булгунньаахаба. Гора Иванович, ити кыһалҕаны билигин туоратыахпыт. (Данченкоҕа.) Стасик, ты дурак!

Данченко. Да, мин дурак. А ты, госпожа Булгунньаахаба, дура!

Госпожа Булгунньаахаба. Хам!

Данченко. Син биир дура!

Госпожа Булгунньаахаба. Нахал, алкоголик!

Данченко. Эн урут кулиса таҥаһын уорбутуҥ!

Госпожа Булгунньаахаба. Оргууй! Кыыспар выпускной былааччыйа тиктэрээри ылбытым. Оннооҕор эн анонимка суруйбутуҥ.

Данченко. Хаһан?

Госпожа Булгунньаахаба. Миигин Пифти-Пафти солбуйа сырыттаҕына.

Данченко. Суруйбатаҕым. Сымыйалыыгын!

Госпожа Булгунньаахаба. Сымыйалаабаппын. Суруйбутуҥ! Суруйбутуҥ! Суруйбутуҥ!

Данченко. Суруйбут да буоллахпына, ким да хаайыыга барбатаҕа, үлэтиттэн уһуллубатаҕа, ойоҕуттан арахсыбатаҕа.

Госпожа Булгунньаахаба. Спектаклы хаһан бэлэм гынаҕын? Итини мин театр директорын быһыытынан ыйытабын.

Данченко. Хамнас кэллэҕинэ, үп көрүлүннэҕинэ, өрөмүөн ыытылыннаҕына!

Госпожа Булгунньаахаба. Иһиттиҥ дуо, Гора Иванович? Хамнас, үп, өрөмүөн. Репетиция былаан быһыытынан баран иһэр.

Лүҥкүрдээнэп. Это похвально. Но, ол гынан баран…

«Станислав», — диэбитинэн Галактяннаах Плеядина киирэллэр.

Данченко. Гора Иванович, ити кыһалҕаны билигин быһаарыахпыт. (Булгунньаахабаҕа.) Госпожа директорша, ты полная дура!

Госпожа Булгунньаахаба. Эн буоллар, круглый идиот!

Данченко. Көстүүмнэрбит ханна баалларый?

Госпожа Булгунньаахаба. Көстүүмҥэ үп тиийбэт.

Данченко. Ити баар дии. Декорация хаһан бэлэм буолар?

Госпожа Булгунньаахаба. Спектакль бэлэм буоллаҕына.

Галактян. Декорацияны бэлэм гыныҥ!

Плеядина. Көстүүмнэри тиктэриҥ! Эбэтэр биһиги атын театрга көһөбүт!

Лүҥкүрдээнэп. Эмиэ тугу да өйдөөбөппүн. Оччоҕо ким оонньуур?

Метеоров уонна Звёздочкина киирэллэр.

Иккиэн. Здраствуйте! (Үрдүлэригэр задник сууллар.)

Мадам Саҕынньаахаба. Оо, боже! (Уҥан хаалар.)

Сааһырбыт киһи. Дорогая.

Лүҥкүрдээнэп. Эмиэ тугу да өйдөөбөппүн.

Данченко, Галактян, Плеядина (утуу-субуу). Позор, саат-суут, хаһан да буолбатах түбэлтэ! (Баран заднигы өрө тарда сатыыллар.)

Госпожа Булгунньаахаба. Уйбаан! Кээчэ!

Уйбааннаах Кээчэ сырсан киирэн көмөлөһөллөр.

Галактян. Тяжолый черт!

Плеядина. Полиграф, кытаат, эн күүстээххин.

Данченко. Дорогие мои, эрэлим эһиэхэ эрэ.

Мадам Саҕынньаахаба. Хайдах кинилэргэ эрэ? Оттон биһиги? (Баран көмөлөһөр.)

Сааһырбыт киһи. Это правильно, дорогая. (Баран көмөлөһөр.)

Задник анныттан Метеоров уонна Звёздочкина тахсаллар.

Госпожа Булгунньаахаба. Бу кимнээхтэрий? Манна тугу гына кэллигит?

Метеоров. Биһигини бу театрга анаатылар. Мин Метеоров диэммин, кини — Звёздочкина.

Звёздочкина. Үөрэхпитин саҥа бүтэрдибит.

Госпожа Булгунньаахаба. Оччоҕо көмөлөһүҥ! Аппаһан баран туруоххут дуо.

Метеоровтаах Звёздочкина баран көмөлөһөллөр

Звёздочкина. Уой, наһаа да ыарахан эбит. (Гора Ивановичка.) Дьээдьэ, көмөлөһүүй.

Гора Иванович (баран көмөлөһөр). Однако, бу задник ыарахан баҕайы, киһини баттыан сөп. Госпожа Булгунньаахаба, бары көмөлүөхпүт буолаарай?

Госпожа Булгунньаахаба. Биллэн турар, Гора Иванович, бары көмөлөөтөхпүтүнэ баҕар кыайыахпыт. (Баран көмөлөһөр.)

Данченко. Гора Иванович, театры үбүлүөххэ, өйүөххэ наада.

Галактян. Артыыстар хамнастарын эбиэххэ наада.

Плеядина. Гастрольга сылдьыахха наада.

Метеоров. Эдэрдэргэ дьиэ биэриэххэ наада.

Госпожа Булгунньаахаба. Иди ты! Штааты эбэн биэриэххэ наада.

Уйбаан. Өрөмүөн, өрөмүөн наада.

Кээчэ. Техүлэһиттэри сокращениеҕа ыытымыахха наада.

Гора Иванович. Өйдөөтүм, барытын өйдөөтүм. Туох кыалларын оҥоро сатыам.

Звёздочкина. Уой! Ким эрэ sms ыытта.

Ааптар киирэн кэлэр

Ааптар. Хайа, бу дьон буорайбыттар дии.

Данченко. Эн кимҥиний?

Ааптар. Ээ, көннөрү ааптарбын. Эһиэхэ пьеса аҕаллым. Баҕар, сценаҕа туруоруоххут дуу диэн. Кэмиэдьийэ.

Звёздочкина. Дьээдьиҥкэ көннөрү ааптар, баһаалыста, көмөлөһүүй. Уой, эмиэ sms кэллэ.

Ааптар көмөлөһөр.

Данченко. Кэмиэдьийэ диигин дуу? (Доргуччу.) Гора Иванович, оччоҕо эһиги ыыппыт трагедияҕытын биһиги оонньообоппут! Репертуар баар! Туругурдун ааптар уонна кини кэмиэдьийэтэ!

Бары. Ураа! (Заднигы өрө анньан кэбиһэллэр.)

Мадам Саҕынньаахаба. Наконец-то саҥа сезон саҕаланар буолла.

Сааһырбыт киһи. Дорогая, театр быстах үлүһүйүү буолбатах, кини өрүү баар.

Данченко (доргуччу). Тохтобул бүттэ. Сценаҕа артыыстар эрэ хаалаллар. Репетиция саҕаланар!

Быыс.

 

Бүөтүр Хара