Бүөтүр Хара
Сайылык Сардааната
Кэмиэдьийэ
Оонньуур дьоно:
Бөтүкээс — 40-та буолан эрэр сулумах киһи
Чааскылаах Аана — 60-чалаах, Бөтүкээс ийэтэ
Араадьыйа
Далбардыыр Аана — Бөтүкээстээх ыаллара
Бөтүрүөбүс — баһылык
Сардаана — 30-лаах эдэр дьахтар
Василий Васильевич — улахан соҕус дуоһунастаах куорат тойоно, 40-на буола илик
Нафик — омук киһитэ
Хаһыы — сцена кэтэҕиттэн иһиллэр саҥа
1-кы оонньуу
Бөтүкээстээх дьиэлэрин иһэ. Сцена түгэҕэр иһит уурар ыскаап, дьыбаан, улахан радиола. Бэттэх, төгүрүк остуолга сылабаар, иһит-хомуос, ас-үөл. Түннүгүнэн өрүс, өрүс уҥуор мыраан, букатын антах таас хайа көстөллөр.
Чааскылаах Аана чэй иһэ олорор. Эмискэ араадьыйа улаханнык саҥаран кэлэр. Аана өмүрэр.
Араадьыйа. Күндү истээччилэрбит, мантан салгыы күн-дьыл туругун кытта билиһиннэрэбит.
Чааскылаах Аана. Чэ-чэ, кытаат. Билиһиннэрэн ис. Хабарҕалаах Харалаампый итирбитигэр дылы буолан, эмискэ-эмискэ дэлбэритэ бараҥҥын, киһини сүрэх ыарыһах оҥорон эрэҕин.
Араадьыйа. Киин, илин эҥээр улуустарга ардах түһэрэ күүтүллүбэт.
Чааскылаах Аана. Бэрт этэ. Биһиги эрэйдээхтэр аҕыйах сүөһүбүт айаҕар оттоомохтоон хаалыахпыт этэ буоллаҕа дии.
Араадьыйа. … быстах ардыа эрээри, наһаа күүскэ түһүө суоҕа.
Чааскылаах Аана. Ханна эрэ диэтэ да, саҥабар иирэн, истиминэ хааллым. Хайа эрэ барахсаттар отторун халлаан уутугар былдьаталлар. Ол аайы биһиги эҥээр ардах суох диэтэ дии. Оннук эрэ буоллаҕына ыал-күүс буолуо этибит буоллаҕа. Оо, дьэ. Эҥин да араас олох баар буолар эбит.
Араадьыйа. Ама, бу дьоллоох олох буолбатах үһү дуо? Олох сай… (Ньам баран хаалар.)
Чааскылаах Аана. Дьиҥнээх дьоллоох олох, дьэ, былыр баар этэ, эдэр эрдэххэ. Ээ, биһиги Сайылыкпытыгар баҕас чахчыта да үтүө кэм этэ. Били, олоҥхоҕо курдук, хотон-хотон муҥунан хоноҕор муостаах диэн, сыһыы-сыһыы муҥунан сыспай сиэллээх диэн. Оскуолаҕа баппат элбэх оҕо, кулууп хайдарынан кэнсиэр, балыыһа эмиэ толору… Ээ, сах… Кэбис, аньыы. Бибилэтиэкэ, оҕо саада — монуога. Чэ-чэ, уонна да араас элбэх. Билигин оскуолабыт сабылынна. Оҕото аҕыйах үһү. Аҕыйах буолумуна, дьахталлар төрөөбөтөхтөрө ыраатта. Балыыһабыт сабыллыаҕыттан биир да дьахтар төрөөбөт буолбута.
Оо, урут үчүгэй да этэ. Сопхуос хотоно баар эрдэҕинэ. Сарсыарда аайы дьахталлар хотон диэки сырсыы. Ким халтарыйан охтубут диэн, ким хаатыҥканан саах күрдьүбүт диэн. Ол аайы барыта күлсүү. Онно дии, Далбардаах Аана биһикки сүөһүлэрбитигэр сиэтээри сарайтан корма сүгэн иһэн, биригэдьиир Сэрэпиимҥэ тутуллубуппут. Хата, киһитинэн сымнаҕаһа, холкута бэрт буолан, улаханнык буруйдамматахпыт. Хайа, уонна удаарынньыктар буоллахпыт дии. Отуччалыыны эрэ кыайбат ынаҕы ыыбыт. Зоотехник Аана, эмиэ Аана, бары да Аана буолан түһэммит. Ол Аана «биир фуражнай ынахтан оччо-бачча үүт» дии-дии кэлэн-баран аххан биэрээхтиирэ. Дьэ, үлэһит барахсан. Сураҕа, билигин да үлэлии сылдьар үһү.
Аны, быыспытыгар ходуһаҕа киирэн от мунньабыт. Сөрүөстүгэс Аана, эмиэ Аана этэ. Үчүгэйгэ-куһаҕаҥҥа барытыгар Аана, сүрэхтээхпит Аана, сүрэҕэ суохпут Аана, ыанньыксыппыт Аана, суоппар Аана эмиэ баара. Ол барахсан өлөөхтөөбүтэ.
Араадьыйа (эмискэ). Өрүү тыыннаах!
Чааскылах Аана. Оо, бабат! Ону эн билэҕин дуо?! Эмиэ тэһэ барда. Бэйи, туох эрэ диэн испитим ээ. Ээ, сөп. Били Сөрүөстүгэс Аана, бэйэтэ да сүрэҕэ суох киһи, кыраабылын сиһин дулҕаҕа тосту тардан кэбиһэн баран, айаҕын атан турара бу баар. Онно эмиэ күлсүү. Туохпут эбитэ буолла, наар күлсэн тахсабыт.
Бөтүрүөбүс (оргууй сыбдыйан киирэр). Аана, дорообо?
Чааскылаах Аана. Дорообо. Хайа, бу, тойонноотор тойоммут бачча эрдэ хайа диэки бардыҥ?
Бөтүрүөбүс. Бөтүкээскэ наадалаах этим. Дьиэтигэр баара дуу, хайыы үйэ отугар сылдьар дуу?
Чааскылаах Аана. Бу айылаах күөх былдьаһыгар күн баччатыгар диэри дьиэтигэр олороро кэлиэ дуо, охсуубун бүтэрбит киһи диэн эрэрэ. Хата, киирбиччэ, хойуу чэйдэ ыймахтаан, сонунна-нуомаста кэпсии түһэн аас. Баһылык күн аайы сылдьыбат.
Бөтүрүөбүс. Ээ, ол мин, аҕыйах киһилээх учаастак тойоно, баһылык да буолуом дуо. Аатыгар эрэ буоллаҕым дии. Солун да баара биллибэт. Сибээспит алдьанан, кулгаах кулугута, харах ириҥэтэ буолбуппут иккис нэдиэлэтэ. Сатахха, мотуоркам бэнсиинэ суох буолан, буостабытын да аҕалынарбыт уустугуран турар. (Ботугуруу былаан.) Аана-а, Бөтүкээс бэнсииннээҕэ буолаарай?
Чааскылаах Аана. Баар ини, ону мин хантан билиэмий, орооспотох баҕайым. Бэйэтиттэн ыйыт ээ.
Бөтүрүөбүс. Дьэ, итиэннэ маннык баар. Ыал нэһилиэкпит, кырдьаҕас Сыалыһардаах, төрүттэммитэ сүүс биэс уон сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Онно биһигиттэн дэлэгээссийэ барыахтаах.
Чааскылаах Аана. Ол, бачча күөх былдьаһыгын саҕана бырааһынньыктыыллар дуо? Үлэ-хамнас үмүрүйбүтүн кэннэ күһүн үбүлүөйдүөхтэрин.
Бөтүрүөбүс. Ыһыахха бэлиэтээри гыммыттара, куораттан ханнык эрэ тойон кыайан кэлбэт буолан, көһөрүллүбүтэ үһү. Күһүн оскуолаларын үбүлүөйэ.
Чааскылаах Аана. Эчи, бырааһынньыкпыт, малааһыммыт да элбэҕэ.
Бөтүрүөбүс. Этимэ даҕаны. Биһиги учаастак арыый бөҕө, оонньуулаах-көрдөөх киһитэ Бөтүкээс буоллаҕа дии. Ол үбүлүөйгэ баран, Сайылыкпыт аатын-суолун көмүскүө этэ. Итиэннэ, таарыйа, мотуоркатынан дьон илдьиэ.
Чааскылаах Аана. Бачча күөх былдьаһыгар ол киһигит көнө сүнньүнэн барбат ини. Оттообокко оонньуу сылдьыбатах баҕайыта буолуо.
Араадьыйа (ыллаан тоҕо барар).
Оҕо-оҕо эрдэххэ
Оонньоомохтоон хаалыахха,
Эдэр-сэнэх эрдэххэ
Этэн-тыынан биэриэххэ.
Иккиэн ходьох гына түһэллэр.
Чааскылаах Аана. Ээ, ити алдьаммыт араадьыйа.
Бөтүрүөбүс. Чэ, Аана, мин барыым. Уолгар илдьиппин лоп курдук тиэрдээр. Ити, араадьыйаҥ, төһө да алдьаннар, сөпкө этэр ээ. Арыый кыанар эрдэххэ оонньоон хаалыахха наада. (Тахсар.)
Араадьыйа. Хайдах эрэ киһи киирэн таҕыста.
Бөтүкээс киирэн ийэтин көрөн турар.
Чааскылаах Аана. Хайдах эбитэ буолла. Икки сыл баһылыктаата да, тугун-ханныгын биллэрэ илик.
Бөтүкээс. Ийээ.
Чааскылаах Аана. Оо, бах-бах! Эмиэ өмүрдүм. Ходуһаҕыттан кэллиҥ дуо?
Бөтүкээс. Ходуһабыттан. Охсуубун бүтэрдим.
Араадьыйа. Биһиги отчуттарбыт маладьыастар. (Ах барар.)
Чааскылаах Аана. Көр, биирдэ сөбү эттэ ээ. Уонна эмиэ ньам баран хаалла. Арадиолам барахсан алдьанаары гыммыт быһылаах. Интикэҥ миигин кытта саастыы сыһа мал ээ. Өссө аҕа эбитэ дуу. Бу дьиэҕэ сүктэн кэлэрбэр таайым бэлэхтээбитэ. Бииргэ кырыйдыбыт. Бирээмэ, дьүөгэм курдук саныыр буоллум.
Араадьыйа. Дьүөгэлиилэр күөх окко үҥкүрүйэллэр.
Чааскылаах Аана. Ээй, ити баҕас сымыйаҥ ини. Сороҕор солуута суох буолан ылар ээ.
Бөтүкээс. Дьүөгэлии буолан, наар этиһэн тахсар эбиккит дии. (Сылабаары имэрийэр.) Чэйдэ кут эрэ. Дэлби утаттым.
Чааскылаах Аана. Кырдьык даҕаны. Саҥабар иирэн, умнан кэбистэҕим үһү. (Чэй кутар.) Хайа, бу эн хаһан бэйэҥ дьүөгэлэнэҕин? Ити курдук сылабаары эрэ имэрийэ, миэхэ чэй куттара олороҕун дуу? Түөрт уончаҥ буолла, ол тухары куруланан баран сылдьаҕын.
Бөтүкээс. Эн чэйиҥ минньигэс.
Чааскылаах Аана. Ыал буоллаххына, ойоҕуҥ чэйэ минньигэс буолуо этэ буоллаҕа дии.
Бөтүкээс. Баҕар, сатаабат дьахтар түбэһэн эрэйдиэ.
Чааскылаах Аана. Сатана уола…
Бөтүкээс. Сөптөөх дьахтар да суох. Бары эрдээхтэр дии.
Чааскылаах Аана. Эдэргэр тугу саныы сылдьыбыккыный? Кыыс бөҕөтө бүтүн үөрүнэн эккирэтэр этэ дии.
Араадьыйа (эмискэ). Былыр этэ буоллаҕа,
Ону былыт саптаҕа.
Бөтүкээс. Сөпкө сөллөҥнөөтө, бэркэ бэллэҥнээтэ.
Чааскылаах Аана. Түөһэйбит араадьыйаны кытта сөбүлэһэ олоруоҥ дуо, Хачыгыр оҕонньордооххо ууларын таһан биэриэҥ этэ. Уу баһар массыынабыт эмиэ туга эрэ быһа сытыйбыт үһү.
Бөтүкээс. Оттон сиэннэрэ?
Чааскылаах Аана. Ол сатаналар хаһан тугу үлэлээбиттэрэ баарай. Биирдэрэ улууска киирэн сүттэ, биирдэрэ суос-сымыйанан таксиилаабыта буолан, наар куоракка дугуйданар дии. Онтон төһө бэрикини туһанан эрэрэ буолла?..
Бөтүкээс. Көрүстэрбин эрэ, оҕо чоочойдорбун кэһэтэлиирим буолуо. Атаахтыы оонньообуттарын оройдорун алларыам.
Арадьыйа (эмискэ). Холуобунай дьыала тэриллиэ.
Чааскылаах Аана, Бөтүкээс (тэҥҥэ). Куугунаама! (Араадьыйа ах барар.)
Бөтүкээс. Уу баһар диэн үлэ буоллаҕай. Сэрээккэлии таарыйа сэнтиниэрдээх иһиккэ сэксэлдьитэн таһааран, сэгэлэрин иннигэр сахсас гына ууруллуо.
Чааскылах Аана. Ууҥ иһитэ сахсас гынар үһү дуо, ол? Сатаабат эрээри ону-маны хоһуйбута буолаҕын. Чэ, бара оҕус. Бэйэ тохтоо. Субу Бөтүрүөбүс киирэн таҕыста. Хата, көрсүбэтиҥ дуо?
Бөтүкээс. Көрсөн. Үбүлүөйгэ баран, оонньоо, күрэхтэс диир. От саҕана эмиэ туохтарай. Өссө күлэр ээ. Онно тиийэн дьахтар көрүнүөм үһү. Аккаастаан кэбистим.
Чааскылаах Аана. Баран, сэргэхсийэн кэлиэҥ хаалла дуу?
Бөтүкээс. Эс, тугун баҕайытай.
Чааскылаах Аана. Чэ, бэйэҥ бил. Чэ, кытаат, ыстан.
Бөтүкээс. Баран-баран. Таарыйа мотуоркабын көрүнүөм. Онон, кыратык тардыллыам. Эбиэттэн киэһэ икки хонуктаах оппун мунньуом. Онон ойох ылар соло суох. Үлэ, үлэ уонна өссө үлэ. (Хоһоон ааҕар.)
Күүрээннээх үлэҕэ
Күүспүтүн холбооммут,
Күндү күн үтүөтүн
Көхтөөхтүк аһарыах! (Тахсар.)
Чааскылаах Аана. Бараахтаата. Өрүстэн тахсан баран, эмиэ ходуһатыгар киириэ. Аҕата бокуонньук эмиэ оннук этэ. Биирдэ олорон турбат буолара. Арай биирдэ…
Араадьыйа. Арай биирдэ абааһы туораабыта алааһы…
Чааскылаах Аана. Аньыы! Хампы сытый! Күтүр, куһаҕан биккэ дылы ону-маны туойан хааллаҕа. Кырдьык түөһэйбит буоллаҕа дуу. Буолары-буолбаты барытын саҥарар буоллаҕа. Аны абааһы диэтэ.
Далбардыыр Аана (оргууй киирэн кэлэр). Дьүөгэм, дорообо. Хара сарсыардаттан хайаларын мөҕөн бүтэрдиҥ?
Чааскылаах Аана. Бодуруугам, бирибиэт. Ити, муннук иччитэ буолбут, муусукалаах дьааһыкпын кытта этиһэбин. Букатыннаахтык алдьанаары гыммыт быһыылаах. Эмискэ-эмискэ дэлбэритэ барар.
Далбардыыр Аана. Хата, кини, эйиэнэ буолан, били, баччаҕа диэри саҥара турар эбит дии, былыргы мал буолан. Аныгы араадьыйа барыта соҕуруу омук оҥоһуута. Сыл аҥаара үлэлээтэҕинэ махтал.
Чааскылаах Аана. Ити, нууччаларбыт, эмискэ баҕайы тугу да сатаабат буолан хааллылар ээ. Туой кытайдарга найылыыллар.
Араадьыйа. Кытай народнай республикатыгар баран кэллэ. (Эмээхситтэр тэҥҥэ өмүрэллэр.) Онно… хуух-хаах, уу-уу… Оҥ-оҥ, мяу-у!.. Хаах-хаах!..
Чааскылаах Аана (ойон туран, араадьыйатын араарар). Кэбис, сүгүн кэпсэтиннэриэ суох. Арахсан хаала-хаала холбонон киһини өмүрдэн сордуур. Дьэ, хотуой, кэпсээ.
Далбардыыр Аана. Бачча от саҕана туох сонуна кэлиэй. Арай, мааҕыын сарсыарда, кылаан эрдэ, Хачыгыр оҕонньордооххо сиэннэрэ кыыс тиийэн кэлэн соһутта.
Чааскылаах Аана. Кэллэ даа?
Далбардыыр Аана. Кэлэн-кэлэн. Мааныта бөҕө, мала элбэҕэ бөҕө. Хопто курдук муус-маҥан омук массыыналах. Үөрбүтэ-көппүтэ диэн, биир кэм үрүмэччи курдук тэлибириир.
Чааскылаах Аана. Дьэ-дьэ. Тугу кэпсиир?
Далбардыыр Аана. Солом суох буолан, айах атан аанньа кэпсэппэтим. Биир-икки тылы эрэ бырахсан аастым. Эһэлээх эбэтигэр сайылыы кэлбит үһү. Таарыйа Сыалыһардаах үбүлүөйүгэр сылдьыам диир. Баҕар, букатын да хаалыах курдук саҥарар.
Чааскылаах Аана. Ээ, буолумуна. Оҕонньордоох эмээхсин киһи көрүүтүгэр киирэллэрэ буолла. Сиэннэрэ уолаттар кинилэргэ соччо кыһаммат төбөттөр быһыылаах. Кэм ким эмэ бүөбэйдээтэҕинэ табыллара буолуо, мантан инньэ.
Далбардыыр Аана. Оннук-оннук. Мин биири муодаргыыбын. Ити бэйэлээх кыыс аныаха диэри ыал буолбакка, алаас хатыҥыгар дылы соҕотоҕун сылдьар. Хайдах биир эмэ эр бэрдэ таба көрбөтө буолла.
Чааскылаах Аана. Дьэ, диэмэ даҕаны. Мин уолбар дылы. Сардаана, киэҥ-куоҥ, кэлиилээх-барыылаах сиргэ сылдьар киһи, ыал буолара дөбөҥ да буолуо этэ. Сааһа да ырааттаҕа.
Далбардыыр Аана. Аана, сааһа диэбиккэ дылы, уолуҥ сааһа төһөтө буолла?
Чааскылаах Аана. Пахай-пахай, ырааттаҕа дии. Быйыл күһүн түөрт уонун туолуо этэ. Ол тухары кэбиһиигэ баппатах эрбэһин бугул курдук соҕотоҕун сылдьар. Ыал буолбакка өлөрө буолуо.
Далбардаах Аана. Уон сыл аҕа эбит. (Атын сиргэ.) Эр киһи уон сыл аҕата туох буолуой.
Чааскылаах Аана. Туох-туох диигин?
Дарбардыыр Аана. Ээ, бэйэм мээнэ баллыгырыыбын.
Араадьыйа (эмискэ).
Сыбаат киһи сыбаайбаҕа,
Сыҕарымҥа сылдьыаҕа,
Сыбаат киһи сыбаайбаҕа,
Сыҕарымҥа сылдьыаҕа.
Эмээхситтэр иккиэн тэҥҥэ өмүрэллэр.
Чааскылаах Аана. Тэһитэ баран түһэн. Сыҕарымнаах дии өссө. Арахсан туран хайдах холбонон хаалар баҕайытай. Аана, эн туох эрэ диэтиҥ ээ.
Далбардыыр Аана. Бэйи, Аана, оргууй. Маннык баар. Арай, эн биһи Бөтүкээстээх Сардаананы холбооттоон кэбистэхпитинэ. Уол уон сыл аҕата туох буолуой. Былыр оннооҕор буолуох кырдьаҕас дьон эдэр кыргыттары ылаллара үһү.
Чааскылаах Аана. Сардаана, киэҥ сир мааны оҕото, ол, мин мара уолбар иннинэн буолан кэлиэ үһү дуо?
Далбардыыр Аана. Бэйи, хотуой, оргууй. Маннык баар. Сардаана миигин көрө түһээт, маҥнай Бөтүкээһи ыйыппыта. Хайа, уолуҥ оҕо сылдьан, ити кыыһы биэбэйдэһэн бөҕө буолара дии. Аны, баҕар, халлаантан аналлара буолуо. Уонна, тоҕо баччааҥҥа диэри иккиэн куруланан сылдьыахтарай.
Чааскылаах Аана. Биэс-алта сыллааҕыта Сардаана барахсан мичилийэн үчүгэйкээн дьахтар буолбут этэ. Барыны бары сатыыра, элэккэйэ. Кинини кийиит оҥостубут киһи абыраныах этэ.
Далбардыыр Аана. Дьэ, диэмэ. Эн биһиги хайыах, сүбэтин тобулуох. Уоллаах кыыһы хайдах эмэ гынан тиксиһиннэриэх. Бэҕэһээ дьаһалтаҕа сылдьыбытым, Бөтүрүөбүс Сыалыһардаахха илдьэр дьонун испииһэктии олороро. Онно Бөтүкээһи киллэрбитин илэ харахпынан көрбүтүм.
Чааскылаах Аана. Па, мин киһим Бөтүрүөбүс эппитигэр мастыы батан кэбиспит этэ. Ол киһиҥ эттэ да этириэс. Суох диэтэ да, эмэһэтин да таһыйдахха ээх диэ суоҕа.
Далбардыыр Аана. Ону биһиги хайыах. Хайаан да Сыалыһардаахха ыытыахха. (Чааскылаах кулгааҕар тугу эрэ ботугуруур.)
Чааскылаах Аана. Аньыы даҕаны, хотуой!
Далбардыыр Аана. Бэйи тохтоо, ситэри иһит. (Ботугуруур.)
Чааскылаах Аана. Кулгааҕым кулугутун хамсаттыҥ, дэлби кыһыйда.
Далбардыыр Аана. Тулуй, ситэри иһит. (Ботугуруур.)
Чааскылаах Аана. Ээ, кырдьык даҕаны. Инньэ гыныахха буоллаҕа.
Араадьыйа (эмискэ). Сүгэ хоппотоҕун, сүбэ кыайар.
Таһырдьа киһи сөтөллөр. Бөтүкээс киирэн кэлэр.
Далбардыыр Аана. Чэ, Аана, ити курдук. Мин барыым.
Чааскылах Аана. Чэ, дьүөгэм барахсан, бакаа.
Далбардыыр тахсар.
Чааскылаах Аана. Хайа, таһырдьа сылдьыбыт киһи туох сонуну буллуҥ?
Бөтүкээс. Суох. Арай, Хачыгырдаах Сардааналара кэлбит.
Чааскылаах Аана. Барахсан эһэлээх эбэтин өрүү умнубат ээ, ити уолаттар курдук буолуо дуо. Сардаана төһө тупсубут? (Уолун сирэйин-хараҕын көрүтэлиир.)
Бөтүкээс. Ити туох… Тупсубут быһыылаах.
Чааскылаах Аана. Оҕо сылдьан тапсар, биэбэйдэһэр да этиҥ.
Бөтүкээс. Ийээ, ыраас ырбаахыта аҕал эрэ. Бу таҥас өҥө да көстүбэт буолла.
Чааскылаах Аана (өс саҕа буолар). Бэйэҥ булун, мин дэлби сылайдым. Түөрт уонча сылы мэлдьи эйигин биэбэйдээтим. Эдэр бэйэм эмэхсийдим. Кийиитим көрүүтүгэр олоруом, сиэннэрбин оҕолоһуом диирим. Онтум ханна баарый?! (Ытамньыйар.) Һуу! Сүрэҕим аҕай.
Бөтүкээс. Ийээ, туох буоллуҥ?
Араадьыйа. Алдьатыылаах былаан олоххо киирэн эрэр.
Чааскылаах Аана (кистээн араадьыйаҕа сутуругун көрдөрөр). Һуу, сүрэҕим.
Бөтүкээс ийэтин өйөөн илдьэн дьыбааҥҥа сытыарар.
Чааскылаах Аана. Бөөлүүн түһээтэхпинэ, аҕаҥ бокуонньук кэлэ сырытта. Дэлби санаарҕаабыт. «Уолум мин көмүс уҥуохпар төрүт кэлэн барбат. Саатар, Сыалыһардаах үбүлүөйүгэр кэлэ таарыйа көстөн ааһыа этэ», — диир.
Бөтүкээс. Ол бачча от үлэтин саҕана… Күһүн бара сылдьыам буоллаҕа.
Чааскылаах Аана. Һуу! Сүрэҕим… хараҕым хараҥарда… уута.
Бөтүкээс. Ийээ, өлүмэ… Уу… уута… уута! (Таһырдьа ыстанар.)
Чааскылаах Аана. Аад кыыһа эҥин арааска тиэрдэн. Чэ, туох буолуой. Оо, дьэ, аньыы даҕаны.
Бөтүкээс (киирэр). Ийээ, муус уута аҕаллым.
Чааскылаах Аана. Һуу! Аҕал, аҕал. Саамай таптыыр аһым. (Уу иһэр.) Сүрэҕим аҕай. Өлөр кэллэ. Аҕаҥ… аҕаҥ хомойор. Һуу! Өлөөрү гынным…
Бөтүкээс. Ийээ, өлүмэ. Сыалыһардаахха барыам. Сибилигин мотуоркабын собуоттуом да барыам.
Чааскылаах Аана. Сибилигин буолбатах. Сыалыһардаах үбүлүөйүгэр барыам уонна аҕам уҥуоҕар сылдьыам диэн төрөппүт ийэҕэр бигэ тылгын биэрэн андаҕай.
Бөтүкээс. Сыалыһардаах үбүлүөйүгэр барыам уонна аҕам уҥуоҕар сылдьыам диэн төрөппүт ийэм иннигэр туран бигэ тылбын биэрэн андаҕайабын. Эн өлүмэ, сөп дуо.
Чааскылаах Аана. Эппит тылым этириэс диэ.
Бөтүкээс. Эппит тылым этириэс диибин. Эн эрэ өлүмэ, сөп дуо.
Чааскылаах Аана. Биир тыл — биир санаа диэ.
Бөтүкээс. Биир тыл — биир санаа диибин, эн эрэ өлүмэ, сөп дуо.
Чааскылаах Аана. Сардаананы мотуоркабар олордуом диэ.
Бөрүкээс. Сардаананы… Ээ, тоҕо кинини…
Чааскылаах Аана. Һуу! Өлөөрү гынным.
Бөтүкээс. Ийээ, өлүмэ! Сардананы илдьиэм. Өссө төттөрү аҕалыам уонна наар мотуоркабар тиэйэ сылдьыам. Эн эрэ өлүмэ…
Чааскылаах Аана. Чэ, сөп. Оччоҕо билигин оккор киир. Миэхэ мэһэйдээмэ. Мин утуйа түһэн ылыам этэ.
Бөтүкээс. Ийээ, мин начаас бара түһээт кэлиэм. (Тахсар.)
Чааскылаах Аана. Эппит тылгын умнума. Оо, аньыы даҕаны.
Араадьыйа. Лёд тронулся, господа присяжные заседатели. Парадом командовать буду я!
Быыс.
2-с оонньуута
Өрүс кытыла. Бөлкөй талахтар. Сцена ортотугар улахан баҕайы таас сытар. Бөтүрүөбүс Василий Васильевичтыын киирэллэр.
Бөтүрүөбүс. Үнүр, дьэ, үчүгэй үбүлүөйгэ сырыттыбыт дии, быһыыта, ээ, Баһылай Баһылайабыс?
Василий Васильевич (улаатымсыйа соҕус). Да-да. Тыа сирэ диэтэххэ ничего. Сыанабыл үчүгэй. Хотя…
Бөтүрүөбүс. Астара-үөллэрэ дэлэйэ, минньигэһэ.
Василий Васильевич. Да-да. Астара — да. Правда…
Бөтүрүөбүс. Кыахтах, бөдөҥ нэһилиэк диэх курдук. Биһиги учааскабытыгар тэҥнээх буолуо дуо. Сайылык сордоох Сыалыһардаахха хаһан тэҥнэһиэй… (Өрө тыынар.)
Василий Васильевич. Да-да. Хаһан да тэҥнэспэт. Но, ол гынан баран, есть возможность, есть. Миэхэ обращайся гыныахха наада. Мне, только мне. Мин, пока, хоть что-то могу. Да-да, могу, и не малое. Правда, для этого надо…
Бөтүрүөбүс. Ээ, өйдөөн бөҕөтө буоллаҕа дии. Биһиги да кыраны эмэни, кыайар өттүбүтүн оҥоро сатаан көрүөхпүт. Эмис убаһа этэ диэн, кус-хаас булда, балык. Даача да тутуохпутун сөп ээ.
Василий Васильевич. Да-да. Дача — это очень даже. Это хорошо. Но, ол гынан баран, биир проблема баар. К сожалению мин, то есть я, дьиэбэр хозяйки нет. Оттон манна… Үнүр Налимовкаҕа, то есть, Сыалыһардаахха ыллаабыт кыыс баара дии…
Бөтүрүөбүс. Ээ, Сардаана барахсан диэ. Дьэ-дьэ.
Василий Васильевич. Она была бы очень кстати. Но ол гынан баран, үнүр миигин совсем чугаһаппатаҕа. Эн, кырдьаҕас киһи, ити тетяны уруккуттан үчүгэйдик билэр буоллаҕыҥ дии. Миэхэ, то есть, мне, бу дьыалаҕа көмөлөһөрүҥ буоллар, Сайылыкка ханнык да проблема суох буолуо этэ. Связь будет, почта будет, дорога будет, всё будет.
Бөтүрүөбүс (турбахтыы түһэн баран). Ээ, оо, бэрт да эбит. Сардаана букатын кэллим диэбитэ ээ. Бээрэ-бээрэ, толкуйдуохха баар эбит.
Василий Васильевич. Толкуйдаа, но, быстро.
Сцена кэтэҕэр хаһыы иһиллэр.
Хаһыы. Бөтүрүөбүс, омуктар бөҕөтө кэллилэр. Бара охсор үһүгүн.
Бөтүрүөбүс. Бардым-бардым.
Иккиэн тахсаллар. Сардаана киирэр.
Сардаана. Оо, дойдум барахсан үчүгэй да буолбут, тупсубут. (Күлэр.) Куруук маннык эбитэ буолуо да, оҕо сылдьан, ону өйдөөн көрбөт буоллаҕым дии. Манна элбэхтэ сөтүөлээбитим. Уо-аай, биирдэ уга түһэн өлө сыспытым дии, ону Бөтүкээс быыһаабыта. Мин ытаа да ытаа. Киһим кыыһырар. Сотору-сотору кэтэххэ охсор. Ол аайы эбиллэ-эбиллэ ытыыбын. Ой не могу. Дьиэбэр ытаабытынан киирбитим. Дьонум тоҕо ытаатыҥ диэбиттэригэр. «Бөтүкээс оҕуста», — диибин. Итэҕэйбэтэхтэрэ. Уопсайынан мэник баҕайы эбиппин. Биирдэ, оол уҥуор көстөр хайаларга бараары, эһэм тыытыгар киирэн кытылтан атахпынан тэбинэн кэбистим. Арай, өйдөөн көрбүтүм, эрдиим суох. Мээнэ устан бара турдаҕым дии, бу акаары. Ханна эрэ тиийэн тыым түҥнэстиэ этэ, оччоҕо өлүөм этэ. Ону эмиэ Бөтүкээс быыһаабыта. Оол диэки тугу эрэ гына сылдьар этэ. Кытылга тахсан баран, мин эмиэ ытаа да ытаа. Эмиэ дьиэбэр илдьэн биэрбитэ. Ол аайы кэтэххэ охсубатаҕа. Улахан киһи, тырахтарыыс этэ. Мин оскуоланы бүтэрээри сылдьарым. Эһэм: «Тыыбын ким эрэ оннуттан сыҕарыппыт», — диэбитигэр, тоҕо эбитэ буолла, Бөтүкээһи уган биэрбитим. Тугум үөнэ эбитэ буолла, наар буруйбун киниэхэ түһэрэбин.
Нафик киирэн кэлэр. Сардаананы көрөөт, талах кэннигэр саһар.
Нафик. Женщин адын ходыт, нэлза.
Сардаана. Сыалыһардаахха үбүлүөйгэ сылдьыбыппыт да, Бөтүкээс наар түҥнэри хайыһа, өс саҕа буола сылдьыбыта. Муода киһи. Бачча сааһыгар диэри кими да кытта холбоһо илик. Оҕонньор буолара чугаһаата. (Өрө тыынар.) Мин эмиэ сотору эмээхсин буолуом. Эмиэ ыал буолбакка хаалыам. Эмиэ кырдьан өлөн хаалыам. Уо-аай, кутталын…
Һуу! Туох ааттаах сылааһа буолла. Хата, сөтүөлээбит киһи? Эмиэ ууга түһэбин дуу? Ээ, буоллун, Бөтүкээс быыһыа. Кини… (Күлэ түһээт, сүүрэн хаалар.)
Нафик (талах кэнниттэн тахсар). Ах, какой женщин. Харощий женщин. Мая жена, аднака. Мая будет. (Күлэр.) Дома три жена ест, издес адын жена. Родына дом бальщой. Издес маленкай дом будет. Родына шест сын ест. Издес женщин тоже сын ражат будет. Как сабака ражат будет. Пака я, хазаин дома хватыт не искажу. Ах, какой женщин.
Сцена кэтэҕэр хаһыы иһиллэр.
Хаһыы. Эй, мужик, тебя там ищут!
Нафик. Сыйчас пайду! Ах, какой женщин… (Барар.)
Сардаана тахсан кэлэр.
Сардаана. Һуу! Наһаа үүгэй. Просто до ужаса. Өрүһүм барахсан уута сөрүүнүөн! Киһи киирэн баран тахсыа суох курдук. Бачча үчүгэйгэ туох да кыһалҕата суох таах мээнэ хаама сылдьыбыт киһи баар ини. Эс, оннук сатаммат буоллаҕа дии. Киһи кэм туох эрэ кыһалҕалаах, үлэлээх буоллаҕына табыллара буолуо ээ. Үлэтэ суох чуҥкуйан да өлөр инибин. Итак чуҥкук. Оҕо саада суох, оскуола суох, балыыһа суох, маҕаһыын суох. Ээ, арба, маҕаһыын диэбиккэ дылы, куораттааҕы квартирабын атыылаан баран, табаар аҕалан атыылыахха баар этэ, ас-үөл, эмп-томп. Бэйэм да дьарыктаах буолуом этэ, дьон да абыраныахтара.
Бөтүрүөбүс киирэн иһэн, Сардаананы көрөн саһан хаалар.
Сардаана. Маҥнай дьиэбин атыылыам, онтон үптэннэхпинэ, маҕаһыын туттуом. Кимиэхэ эмэ эргэ тахсыам. Кимиэхэ? Бэйэм саастыына эр киһи да суох. Арай… Бөтүкээс… Уон сыл аҕа. Чэ, туох буолуой. Бөтүкээс наһаа үчүгэй киһи. Миигин иккитэ ууттан быыһаабыта. Үсүһүн да быыһыа этэ. Кини — герой, кини — гений. Далбардыыр Аана Бөтүкээһи миигин санаан ыал буолбакка сылдьар диир дии. Аата, муодатын. Баҕар, буолуо даҕаны. (Күлэр.) Бөтүкээстээх Сардаана уруу тэрийбиттэр. Ыал буолбуттар. Сэттэ оҕону төрөппүттэр. Аата элбэҕин. Наһаа үчүгэй дии. Үс уол, үс кыыс уонна биир… Ээ, чэ, билбэтим, туох эрэ. Уой даа! (Күлэ түһээт, сүүрэн хаалар.)
Бөтүрүөбүс. Айыы-айа. Абааһы кыыһа, баран биэрбэккэ, киһини сордоотоҕун көр. Бөтүкээскэ санаалаах ээ, өссө. Баһылай Баһылайабыс туһунан биирдэ да саҥарбата. Олох хараҕын хатаабат буоллаҕа, ити аата. Оччотугар бу боппуруоска уустуктар үөскээн тахсаллар дии. Ээ, Баһылай Баһылайабыс, куорат биир син тос курдук тойоно киһи, Бөтүкээскэ холоонноох буолуо дуо, илиитин өрө уунан баран, тарбаҕын эрэ тас гыннарыа да, кыыс бэйэтэ киниэхэ сүүрэн кэлиэ, көрөөрүҥ да истээриҥ. Мин көннөрү тылбай-өспөй эрэ буолуом. Ол манньатыгар Сайылыкка бары барыта баар буола түһүө. Сыалыһардаахтары баҕас аттыларынан ааһа туруллуо. Сай ортото үбүлүөйдүү оонньообуттарын билиэхтэрэ.
Хаһыы иһиллэр.
Хаһыы. Бөтүрүөбүс, омуктар баран эрэллэр!
Бөтүрүөбүс. Бардыннар да хайаатыннар. Хата, баран абырыыллар эбит дии. Төбө ыарыыта аччыа. Ити Нафик диэн киһилэрэ адьас ньүдьү-балай, кэр-дьэбэр, сиэр-майгы диэни билиммэт, дьаабы киһи быһыылаах. Букатын сирэйэ-хараҕа суох баҕайы. Үлэ суох диэтэххэ кыыһырыах курдук гынар. Баһылай Баһылайабыһы да билинимээри гынар ээ, күтүрүҥ.
Бэйи эрэ, Сардаананы кытта хайдах кэпсэтэрим буолла. Киминэн эмэ кэпсэтиннэрбит киһи. Арыый уус тыллаах Далбардыыр баар да, иннинэн буолара эрэ, суох эрэ. Тугунан эрэ албыннаабыт киһи. (Толкуйдуур.) Бэйэ эрэ, арай… Ээ, суох, бэйэтигэр сүөһүтэ элбэх. Ноо! Дьэ-дьэ… Тууй-сиэ! Оскуола сабылынна этэ дуу. Өстүбэһи да, оннук гынан баран, туохтаатахха, арааһа, тугун хайыа эбиппин ээ, табыллыа хаалар дуу, хайа үөдэн дуу. Пилораамаҕа син биир бэйэтин уола үлэлиир. Сатаныах курдук эбит эрээри… Дьэ, сор да буолар эбит, доҕоор, олбуордарын оҥоһуннулар этэ дуу.
Далбардыыр Аана киирэн кэлэр.
Далбардыыр Аана. Хайа, бу баһылыкпыт тугу толкуйдаан, сымара тааһы тула дьоруоҥхайдаата?
Бөтүрүөбүс. Баһылык киһи толуйдуура, тобулара элбэх буоллаҕа дии. Кыһалҕа хара баһаам, баттахпынааҕар элбэх.
Далбардыыр Аана (атын сиргэ). Ханна баар баттаҕын этэрэ буолла. (Бөтүрүөбүскэ.) Тойон киһи ол тугу толкуйдаатыҥ? Баҕар, сүгэ хоппотоҕун сүбэ кыайаарай?
Бөтүрүөбүс. Аана, маннык баар. Ити… туох… оннук дьыала буолан таҕыста.
Далбардыыр Аана. Тугу-тугу туойан бардыҥ? Туох дьыалатын этэҕин?
Бөтүрүөбүс. Аана, эн урут уруккуттан олохтоох өйдөөх киһи быһыытынан биллэҕин. Нэһилиэгиҥ туһугар, хаарыаннаах эдэр сааспыт ааспыт Сайылыкпыт туһугар ыалдьар аххан буолуохтааххын.
Далбардыыр Аана. Чэ-чэ, онон-манан эргиппэккэ этэн ис.
Бөтүрүөбүс. Көр эрэ, Аана, Сайылыкпыт эрэйдээх эстэригэр тиийдэ. Оскуола, балыыһа, кулууп, ону кытта бибилэтиэкэ сабылыннылар. Оҕо саада оннуттан суох буолла. (Аана тугу эрэ этээри гыммытын сапсыйан кэбиһэр.) Биир да эдэр киһи, эдэр ыал суох. Бары көһөн бардылар.
Далбардыыр Аана. Онно ким буруйдааҕый? Туруорсубатах, сүүрбэтэх эн буолбатах дуо?!
Бөтүрүбүс. Мин эрэ буоллаҕай. Чэ-чэ, мин да буолуум. Ол алҕаспын көннөрөөрү гынабын ээ.
Далбардыыр Аана. Хайдах көннөрөр үһүгүн, бүтэр бүппүтүн кэннэ?
Бөтүрүөбүс (көхсүн этитэр). Ити миигин кытта кэлэн сынньана сылдьар улахан тойон киһини бэҕэһээ кылабыыһа таһыгар көрбүтүҥ буолбат дуо.
Далбардыыр Аана. Көрөн аххан. Дьэ, тоҥ сыалыһарга дылы буолан түһэн, эмиэ тойон дии. Саатар, бачча куйааска көстүүмнээх, хаалтыстаах сылдьар. Тириппэтэ бэрт дии.
Бөтүрүөбүс. Тириттэр да хайыай, тулуйан сырыттаҕа дии, улахан тойон ааттаах киһи. Киэһэ ньылбы сыгынньахтанан кэбиһэр ээ.
Далбардыыр Аана. Пахай даҕаны, ону тоҕо кэпсээтиҥ?
Бөтүрүөбүс. Көр эрэ, Аана, маннык баар. Ити киһи Хачыгыр оҕонньордоох сиэннэрэ кыыһы хайаабыт… хайаан кэбиспит.
Далбардыыр Аана (хаһыытыы сыһар). Хайаабытый ол?!
Бөтүрүөбүс. Туохтаан… Хайгыы көрөн, таптаан кэбиспит.
Далбардыыр Аана. Һуу! Хата, киһини куттаатыҥ. Куһаҕаны санаатым ээ. Чэ, таптаабыт, ону кыыһа?
Бөтүрүөбүс. Кыыс, далай акаары, Баһылай Баһылайабыс диэки хайаабат даҕаны. Биир кэм Бөтүкээһи кэтээн-манаан, өрө мыҥаан тахсар. Ону…
Далбардыыр Аана. Ону мин хайыыбын?
Бөтүрүөбүс. Көр эрэ, тойон күтүөттэнэрбит эбитэ буоллар, Сайылыкпыт барахсан хайыа этэ буоллаҕа дии, сайдыа этэ. Оччоҕо күннүө этибит. Сыалыһардааҕы баҕас начаас ааһа түһүө этибит. Кинилэр улууска тойорҕуур оҕолоох эрэ буолан киэптииллэр.
Далбардыыр Аана (кыыһырар). Сайдыынан сирэйдэнэн, дьонунан эргинэн баран сылдьар эбиккин дуу, күтүр өстөөх! Эйигин баҕас, хата, үчүгэй аҕайдык тараҕай оройгун алларан бэриллиэ ээ! (Охсоору гынар.)
Бөтүрүөбүс (куотар). Акаары эмээхсин дойдуҥ туһун санаабаккын. Хата, уолгун пилорааматтан ууратан кэбиһиэм ээ. Оччоҕо бэйэҥ хайыаҥ.
Далбардыыр Аана. Өссө тугу кулгуйаҕын? (Эккирэтиһэн тахсан бараллар.)
Бөтүкээс киирэр.
Бөтүкээс. Хайа, ким да суох эбит дуу. Дьоннор айдаарсаллар дуу дии санаабытым ээ. Онтукайым манна оҕо утуйа сытарын курдук чуумпу эбит буолбат дуо. Дьэ, дьикти. Оок-сиэ, чуумпу даҕаны. Урут, оҕо сырыттахха, манна айдаан-куйдаан, үөрүү-көтүү бөҕөтө буолара. Сөтүөлээн да биэрэрбит. Билигин ким да суох. Сотору Сайылыкка ыт охсор киһи хаалыа суоҕа. Бары көһөн барыахтара. Арай, Хачыгыр оҕонньордоох хаалаллар ини. Уонна ким хаалара буолла? Далбардыыр Аана, ийэм биһикки. Пахай. Биэс эрэ киһи хаалыыһы. Арай, Сардаана хаалыа дуу? Эс, хаалбат. Туох да суох сиригэр кини тугу гына хаалыаҕай, барыаҕа. Куоракка таас дьиэлээх үһү. Онно тиийэн олоруо буоллаҕа дии.
Далбардыыр Аана аҕылыы-аҕылыы киирэн иһэн, Бөтүкээһи көрөн төттөрү барар.
Бөтүкээс. Һы, Сардаана оҕо сылдьан мэник да кыыс этэ. Биирдэ ууга түһэн өлө сыспыта ээ, букатын кыра сылдьан. Хата, таба көрөн быыһаабытым дии. Онтон, аны, оскуоланы бүтэрээри сылдьан, эрдиитэ суох тыынан мээнэ устан хаалбыт этэ. Ону эмиэ быыһаабытым ээ. Дьэ, мэник киһи этэ. Билигин да тэбэнэттэниэн баҕарар быһыылаах. Бэркэ ону-маны, буолары-буолбаты түөһэр. Уруккуну-хойуккуну ахтан, үнүр үбүлүөйгэ киһини дэлби кыбыһыннарда. Барытын өйдүү сылдьара да баар ээ. Сардаана да Сардаана диэтэҕиҥ. Аны ыллыыра үчүгэйин! Сыалыһардаах үбүлүөйүгэр күнү эргитэ ыллаата ээ. Далаана диэн баара дуо, быдан ордук.
Хас көрдөҕүм аайы тупсан, киэркэйэн иһэр курдук дии. Оо, арай, ити кэпсииллэрин курдук манна букатын кэлбит буоллун? Төһө эрэ үчүгэй буолар этэ.
Василий Васильевич киирэн иһэн, Бөтүкээһи көрөн саһан хаалар.
Бөтүкээс. Хаалан хаалара буоллар. Саатар, ыраахтан көрө сылдьыллыа этэ буоллаҕа… (Өрө тыынар.) Аны сааһыран баран, эдэр кыыһы таптаан сору көрдөҕүм. Миигиттэн уон сыл балыс ээ. Хата, оҕонньор курдук көрөр ини. Ол гынан баран, кини да сааһыран эрдэҕэ.
Нафик үөмэн киирэн, Василий Васильевич кэннигэр саһар.
Бөтүкээс. Арай, сибилигин манна тиийэн кэлэрэ буоллар, «чуорту дыбаа!» диэн баран, бачча элбэх сыл тухары иитиэхтээн сылдьыбыппын тоҕо тэбиэм этэ. Хайаан да тапталбын билинэн баран, кэнникитэ сыттаах кээнчэ да буоллун, иккиттэн биирин быһаарыллыа этэ.
Чугас соҕус ырыа иһиллэр.
Бөтүкээс. Тыый, аны кырдьык иһэр дуу? Оо, иэдээн. Тоҕо соһуччутай. Хайдах буолабын? Саатар, таҥаһым-сабым даҕаны кирэ бэрт. Аата, сүрэҕим тэптэҕэ сүрүн! Манна тиийэн кэллэҕинэ туох диэхпиний? Кини туох диэй? Оо, сор да буолар эбит… Бу кэриэтин оппун кэбиһэ сылдьыбытым буоллар. Тыый, чугаһаата. Хайыыбын? Саһыахха! Ханна? Таас кэннигэр! (Таас кэннигэр чохчос гынар.)
Сардаана киирэр.
Сардаана. Хайа, суох эбит буолбат дуо. Далбардыыр Аана Бөтүкээс манна баар, эйигин ыҥыттарар, бара охсор үһүгүн диэбитэ, күүтэ сатаан баран, баран хаалбыт буоллаҕа дуу? Ама, оҕо эрдэҕинээҕибит курдук саһан хаалбата ини? (Ол-бу диэки өҥөҥнүүр.) Бэтүкээ, мин кэллим, кук-куук! Таҕыс. (Хомойор.) Суох дии, баран хаалбыт. Кырдьык кыһытар буоллаххына, хата, мин сөтүөлүөм ээ. Эн бу сымара таас курдук соҕотоҕун сырыт! Киһи сүрэҕин аймыыргын эрэ билэҕин. Дурак! Кэһэй! Мин эйигин таптыыбын буолбат дуо! (Барар.)
Бөтүкээс. Һуу! Хата, барда. Хаста да ытырда сыстым ээ. Бэйэ эрэ, ити… таптыыбын диэтэ буолбат дуо? Эс, оонньоон, элбэх саҥатыгар балыйтаран эттэ ини. Ама, мин кини курдук киһи таптыыр киһитэ үһүбүн дуо? Кини курдук кэрэ киһи…
Василий Васильевич өндөйөн көрөр.
Нафик. Слюшай, чо там?
Василий Васильевич хаһыытаабытынан ойон турар. Бары соһуйаллар.
Нафик. Ээ, зачем кричишь да? Я спрашыбат хател.
Василий Васильевич. Что ты здесь делаешь? Почему вместе со всеми не уехал?
Нафик. Пачаму-пачаму. Я женитса буду.
Бөтүкээс, Василий Васильевич (соһуйаллар). На кого?!
Нафик. На кого, на кого. Вот эта женщин буду женитса.
Бөтүкээс, Василий Васильевич. Как на неё?
Нафик. Как-как. Захател и всё.
Василий Васильевич. А она?
Нафик. Как я захател и ана так. У нас женщин не спрашывают!
Василий Васильевич. Да я тебя под суд отдам! Гастарбайтер хренов! Уежай в свой Кавказ! Она моя невеста! Я… у меня власть! Я много чего могу!
Бөтүкээс. Ээй! Эһиги хайдах мин Сардаанабын былдьаһан бардыгыт?! Ити буолар буоллаҕына, тохтуургут буолуо ээ! (Сиртэн мас сулбу тардан ылар.)
Бары таас тула сырсаллар. Сцена кэтэҕэр хаһыы иһиллэр.
Хаһыы. Дьоннор охсуһан эрэллээр! Быһыы охсуҥ!
Василий Васильевич таас үрдүгэр ойон тахсар. Бөтүрүөбүс, Чааскылаах Аана, Далбардыыр Аана уонна хас да киһи айманан киирэн, охсуһа сылдьааччылары араараллар.
Хаһыы. Киһи ууга түстээ! Быыһыы охсуҥ! Сардаана ууга түстэ!
Василий Васильевич. МЧСка, МЧСка телефуоннуохха! Суотабай ханна баарый?!
Нафик. Вада пашол даа? Гиде лодка?!
Бөтүкээс. Сардаана-аа! (Тутан турар дьонун силэйэн, уу диэки ыстанар.)
Бөтүрүөбүс. Акаары, суотабай көрдүүр ээ, олохтоох сибээс да суох.
Нафик. Гиде лодка, гавару!
Далбардыыр Аана. Нет лодка!
Чааскылаах Аана. Оҕолорбут… ууга… Һуу! Сүрэҕим аҕай! (Сүрэҕин туттар.)
Бөтүкээс Сардаананы көтөҕөн ааһар.
Хаһыы. Бөтүкээс Сардаананы быыһаата!
Бөтүрүөбүс. Сайылык сайдыыта — быраһаай! Суотабай суох, МЧС суох… (Санаарҕаан, тааска умса туттан олорор.)
Дьон «һуу-һаа!» буолан, Бөтүкээстээх кэннилэриттэн бараллар. Сценаҕа Бөтүрүөбүс, Василий Васильевич, Нафик хаалаллар.
Нафик (өрө тыынар). Нада уехат.
Быыс
3-с оонньуута
Бөтүкээстээх дьиэлэрин иһэ. Бөтүкээс Сардаананы көтөҕөн киирэр.
Бөтүкээс (Сардаананы дьыбааҥҥа сытыарар). Эмиэ уҥан хаалла. Хайдах гыныах баҕайыбыный? Саатар, биэлсэр баара эбитэ буоллар, эмтээн сардырҕатан кэбиһиэ этэ. Хайдах тыын киллэрэбин…
Араадьыйа. Искусственное дыхание…
Бөтүкээс. Ээ, кырдьык даҕаны!
Араадьыйа. И массаж сердца…
Бөтүкээс. Сөп-сөп. (Сардаанаҕа массаж оҥороору сарбайар.)
Сардаана (өйдөнөн кэлэр). Уой! (Олоро түһэр.) Ити аата туоххунуй?
Бөтүкээс. Ээ… ити туох… массаас…
Сардаана. Тоҕо?
Бөтүкээс. Оттон ууга түһэн өлө сыстыҥ дии. Уонна уҥан хаалаҕын. Ол иһин массаас оҥороору гыммытым.
Сардаана. Кырдьык дуо?
Бөтүкээс. К-к-кырдьык?
Сардаана. Тоҕо кэлэҕэйдиигин?
Бөтүкээс (ойон турар). Тоҕо-тоҕо! Оттон долгуйар буоллаҕым дии.
Сардаана. Туохтан толгуйдуҥ?
Бөтүкээс. Т-т-тап-тап-таптыыбын! (Сардаананы кууһан ылар.)
Сардаана. Мин эмиэ.
Араадьыйа. Оо, сека!
Сардааналаах Бөтүкээс тэйсэ түһэллэр. Таһырдьаттан дьон киирэр.
Далбардыыр Аана. Ээ, оҕолорбут манна бааллар эбит дии. Көр эрэ, барахсаттары.
Чааскылаах Аана. Бу да оҕолор, киһини куттаатылар. Сүрэҕим ыалдьа сыста ээ.
Далбардыыр Аана (Чааскылаах Аанаҕа). Оҕолорбут, арааһа, үчүгэй буолаары гыммыттар ээ.
Чааскылаах Аана. Оргууй.
Араадьыйа. Аны аҕыйах мүнүүтэнэн улахан суолталаах биллэриини биэриэхпит.
Таһырдьаттан Бөтүрүөбүс, Василий Васильевич, Нафик киирэллэр.
Бөтүрүөбүс (Василий Васильевыһы сиэтэн сцена ортотугар аҕалар). Оргууйуҥ эрэ! Бу мин, эһиги бэйэҕит талбыт баһылыккыт, саҥарабын. Истиҥ! (Дьон чуумпурар.) Көрүҥ, бу киһини. Кини куорат биир улахан тойоно. Барыны бары кыайар кыахтаах киһи. Оттон Бөтүкээс баара суоҕа биир эргэ кытай тыраахтардаах. Өскөтүн биһиги Сардаананы Баһылай Баһылайабыска эргэ биэрдэхпитинэ, Сайылыкка бары барыта баар буолуо. Оскуола, кулууп, балыыһа, оҕо саада…
Дьон. Баһылыкпыт тугу-тугу туойан барда. Аата сүрүн. Ити аата хайдаҕый? Киһинэн эргинэр дуу?
Бөтүрүөбүс. Тохтооҥ! Чуумпуруҥ! Ыт-кус курдук буолан барымаҥ! Бу тойон санаата табыллыбатаҕына, Сайылык Сыалыһардааҕы ситэр аата суох.
Бөтүкээс (Сардаананы сиэтэн инники тахсар). Сайылыгы биһиги бэйэбит сайыннарыахпыт! Эргэ тыраахтарынан да буоллун.
Дьон. Оннук-оннук!
Сардаана. Сайылык эстэн хаалыа суоҕа!
Араадьыйа. Туохха барытыгар тойон — норуот!
Норуоттан тутуһуҥ!